Ааһан эрэ сыл – Куобах сыла бэрт элбэх үөрүүлээх күннэри, кыайыылары-хотуулары, умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ. Хас биирдии дьоһун тэрээһини, ытыктыыр дьоммут-сэргэбит үөрүүлээх үбүлүөйдэрин о.д.а. тэрээһиннэри сырдатыыга, биһиги, хаһыат үлэһиттэрэ, толору үлэлээтибит.  Ааһан эрэр сыл бэлиэ түгэннэрин тапталлаах хаһыаппыт сирэйдэриттэн ахтан-санаан ааһыаҕыҥ.

Дүллүкү орто оскуолатыгар улуустааҕы «Снежный барс» байыаннай-спортивнай күрэхтэһии Украинаҕа байыаннай дьайыыларга хорсуннук кыттан олоҕун толук уурбут «Эр санаа» уордьан кавалера Степан Руфов сырдык аатыгар ананна. Бу күрэхтэһиигэ улуус 17 оскуолаларыттан 170 оҕо кытынна. Кыайыылааҕынан Дүллүкү орто оскуолатын хамаандата тахсыбыта. (кулун тутар)

Кулун тутар 10 күнүгэр Дьокуускай куоракка Суорун Омоллоон аатынан судаарыстыбаннай опера уонна балет тыйаатырыгар уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна политическай деятель Исидор Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах өрөгөйдөөх тэрээһин буолан ааста.

Муус устар 1-25 күннэригэр Бүлүү түбэтин баһаарынай-прикладной спорт көрүҥнэригэр 21-с спартакиадалара Үөһээ Бүлүү сиригэр буолан ааста. Үөһээ Бүлүү баһаарынайдара иккис бочуоттаах миэстэни ылан үс иһигэр киирдилэр.

Муус устарга улууспут хаһыатын бирииһигэр 62-с эстафета ыытылынна. Бастакы бөлөххө сүрүн оскуолаларга бастакы миэстэни М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи  лиссиэй-интэринээт 9 кылааһын үөрэнээччилэрэ ыллылар, иккис бөлөххө орто оскуола үөрэнээччилэригэр Дүллүкү орто оскуолата таҕыста. Үһүс бөлөххө нэһилиэктэргэ Дүллүкү хамаандата инники күөҥҥэ таҕыста.

Муус устарга «Бэйэбит доруобуйабытын харыстыахха» улууспутугар 6-с өрөспүүбүлүкэтээҕи форум буолан ааста. Форум оҕолору, төрөппүттэри  элбэххэ үөрэттэ, биир идэлээхтэри түмэн, салгыы саҥа хайысхалары таба тутан, биир сүбэнэн салгыы үлэлииргэ сүбэ түһэрилиннэ.

Быракаан сүрүн оскуолата тэриллибитэ 110 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Оскуола 37 үөрэнээччилээх, уһуйааҥҥа 10 иитиллээччилээх.

Уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна политическай деятель Исидор Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах 3-с өрөспүүбүлүкэтээҕи «Басхан – 2023» дьыалабыай оонньуу ыытылынна. Манна араас улуустан уопсайа 9 оҕо кыттыбыта. Кылаан кыайыылааҕынан Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Хаптаҕай орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Юрий Павлов буолла.

Уһук Илиҥҥи уокурукка тыа сирдэригэр куораттыҥы олоҕу  оҥостууга туһуламмыт бырайыактары сүүмэрдиир бастакы куонкурус түмүгүнэн 32 бастыҥ бырайыак ахсааныгар Саха сириттэн 5 үлэ киирдэ. Ол иһигэр биһиги Үөһээ Бүлүүбүт бөһүөлэгин «И.Н.Барахов скверин тупсаран оҥоруу» бырайыага бу 5 бастыҥнартан саамай улахан суумалаах өйөбүлү 100 мөл. солк. ылла. Наҕарааданы бөһүөлэк баһылыга Максим Силигиянов түмүгү таһаарар тэрээһиҥҥэ кыттан, тутан кэллэ.

Улуус доруобуйатын харыстабылыгар «Модернизация первичного звена объектов здравоохранения» федеральнай бырагырааманан үһүс модульнай дьиэ тутуута Кырыкыйга саҕаламмыта. Фельдшерскай-акушерскай пуун саҥа дьиэтэ ахсынньы 28 күнүгэр арылынна.

Оҕо искусство оскуолатын иһинэн үлэлиир «Сааскылаана» оҕо образцовай үҥкүү ансаамбыла сахалыы уонна хотугулуу үҥкүүлэринэн ыам ыйын саҕаланыыта Татарстан республикатын Казань куоратыгар аан дойдутааҕы «Слияние культур» үҥкүү күрэҕэр кыттан ансаамбыл улахан бөлөҕөр бэйэтин категориятыгар 1-кы степеннээх лауреат, орто бөлөҕө бэйэтин категориятыгар эмиэ 1-кы степеннээх лауреат аатын сүгэн кэллилэр.

Ыам ыйын ортотугар Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин биир бастыҥ «Айылгы» түмсүүтэ тэриллибитэ 15 сааһын бэлиэтиир дьоро күнэ буолан ааста. Түмсүү үлэлээн кэлбит кэмнэрин үйэтитэр сыаллаах-соруктаах «Алыптаах эйгэм – «Айылгы» түмсүү» кинигэ бэчээттэнэн күн сирин көрдө.

Бэс ыйын 31 – от ыйын 1 күннэригэр Түгэхтэйгэ Бүлүү түбэтин оҕолоругар аналлаах «Түмэр түһүлгэ» диэн ааттаах тэрээһин буолла. Тэрээһин сүрүн сыалынан оҕолорго Ийэ тыл күүһүнэн төрөөбүт дойдуга тапталы, бэриниилээх буолууну уһугуннарыы буолла. Тэрээһин түмүгэр улуус, Бүлүү түбэтин оҕолорун «Ийэ тыл» түмсүүтүн көҕүлүүр бөлөҕө тэрилиннэ.

Бэс ыйын 17-18 күннэригэр биһиги улууспутугар чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ чемпионата буолан ааста. 17 улуустан 101 сүүрүк кэлэн кытыннылар, олортон 34-дэ Үөһээ Бүлүү сүүрүктэрэ.

Үөдүгэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 250 сылыгар аналлаах «Үүнэр-сайдар Үөдүгэйим» кинигэ Дьокуускай куоракка бэчээттэнэн таҕыста. Үлэнэн дьолломмут, үлэни эрэ сулус оҥостубут Үөдүгэй дьонун олоҕо бу кинигэҕэ киирдэ.

Үөһээ Бүлүүтээҕи И.И.Седалищев аатынан оҕо дьиэтэ төрүттэммитэ 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө тулаайах оҕолору иитэ ылбыт дьиэ кэргэттэргэ Бүлүү бөлөх сүлүөтүгэр 150 киһи ыалдьыттаата.

Атырдьах ыйын 14 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев улууска оробуочай сырыытынан кэлэн үлэлээн барда. Ол чэрчитинэн Үөдүгэйгэ «Күҥкү» пааркаҕа сылдьан «Молодежнай» саҥа микрооройуон олохтоохторун кытары көрүстэ. Бу паарка «Уһук Илиҥҥэ 1000  тиэргэн» бырайыак чэрчитинэн олоххо киирбитэ.

Атырдьах ыйын 11-13 күннэригэр биир дойдулаахпыт И.Н.Бараахап 125 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах «АктивВервил» ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи форума буолан ааста. Форум биир умнуллубат бэлиэ түгэнинэн Ил Дархан А.С.Николаевы кытары көрсүү буолла.

Үөһээ Бүлүү-Горнай быыбардыыр уокурукка Ил Түмэн дьокутаатынан туох да мөккүөрэ суох Владимир Поскачин талылынна. Кини 66,75% куолас ылла.

Балаҕан ыйыгар «Сделано в Якутии – выбирай свое» диэн ыытыллыбыт фестиваль чэрчитинэн «Саха сирин туристическай сувенира – 2023» аан маҥнайгы өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх ыытыллыбыта. Ол күрэххэ урбаанньыттар Стелла, Александр Антоновтар дьиэ кэргэн фанеранан оҥорбут «Хотун Бүлүү» сувенирдара «Куорат сувенира» диэн анал аакка бастакы миэстэни ылан, саха сирин чиэһин көмүскээбиттэрэ. Салгыы балаҕан ыйын 27-28 күннэригэр Улан-Удэ куоракка Россия таһымнаах күрэххэ «Туристическай сувенир» финалыгар ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.

СӨ Норуотун хаһаайыстыбыатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү, Нам, Балаҕаннаах нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, өр сылларга салайар үлэлэргэ баһылыгынан, миниистиринэн үлэлээбит, драматург, норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов 75 үбүлүөйдээх сааһыгар аналлаах тэрээһин алтынньы 14 күнүгэр Н.И.Бойлохов аатынан Оҕо искусство оскуолатын дьиэтигэр ыытылынна.

Алтынньы 11 күнүгэр уһулуччулаах судаарыстыбаннай, политическай деятель Исидор Барахов 125 сылыгар аналлаах “И.Н.Барахов өйүн сүмэтэ – аныгы тыа сирин кыһалҕатын быһаарыыга” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Бу конференция Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Дьокуускайтан, Чурапчыттан кыттааччылары түмэ тарта, Дьокуускай куораттан ыҥырыылаах ыалдьыттар, тэрийээччилэр, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ научнай үлэһиттэрэ кытыннылар.

Сэтинньигэ СӨ Норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин ытык киһитэ Н.Г.Золотарев – Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын көрсө төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгэр Харбалаахха суруйааччы иксибиэрэ арылынна. Итиэннэ Харбалаах нэһилиэгин 115 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир улахан бырааһынньык тэрилиннэ.

Сомоҕолоһуу күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ “Дойдум тыына” аахсыйа кэнсиэр дойду үрдүнэн ыытыллар, “Бары бииргэ” аахсыйа чэрчитинэн анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар биир дойдулаах эр хоһууттарбытыгар ананна. Аахсыйа кэнсиэр түмүгүнэн уопсайа 35 тыһ. 500 солк киирэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга таҥас-сап тигэн ыытар Олоҥхо дьиэтин иһинэн үлэлиир “Дойдум тыына” иистэнньэҥнэр түмсүүлэригэр ананна.

Алтынньы 29 күнүттэн сэтинньи 5 күнүгэр диэри Красноярскай куоракка Хотугу многоборьеҕа бүтүн Россиятааҕы күрэх 16-17 саастаах оҕолорго буолан ааста. Бу күрэххэ СӨ хомуур хамаандатыгар биһиги улуустан 6 оҕо баран ситиһиилээхтик кытынна.

Сэтинньигэ участковай боломуочунайдарын сулууспатын 100 сыла дойду үрдүнэн бэлиэтэннэ. Маныаха сэтинньи 17 күнүгэр улууска бэрээдэги бөҕөргөтүүгэ улахан кылааты киллэрбит бэтэрээннэри уонна үлэлии сылдьар үлэһиттэрии чиэстээтилэр.

Сэтинньи 18 күнүгэр Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын дьиэтигэр саха уус-уран айымньытын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин анал бэлиэ хаһаайката, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Үөдүгэй, Харбалаах нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ Анна Иванова 80 сааһынан ырыа дьоро киэһэтэ буолан ааста.

Сэтинньи 28 күнүгэр Олоҥхо дьиэтигэр айылҕаттан айдарыылаах, дэгиттэр талааннаах, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут, сүүрүк, уруһуйдьут, уус, норуот ырыаһыта, үөһээ бүлүүлэр киэн туттар сүдү киһибит Кирилл Никонович Никифоров – Лөкөчөөн 85 сааһын туолар үөрүүлээх күнүгэр СӨ Олоҥхо тыйаатырын уонна улуустааҕы норуодунай тыйаатыра холбоһуктаах туруорбут “Айдааннаах айаннаах Ала Буурай аттаах Мохсоҕоллой Боотур” олоҥхо-испэктээги туруордулар.

Дьокуускай куоракка сэтинньи 23-25 күннэригэр “Модун” спорт комплексыгар Саха өрөспүүбүлүкэтин Куубага ыытылынна. Манна биһиги оҕолорбут ситиһиилээхтик кыттан 59 очколаах Үөһээ Бүлүү сүүмэрдэммит хамаандата үһүс сылын субуруччу чемпион үрдүк аатын ылан Куубак букатыннаахтык улууска хаалла.

Сэтинньи 15 күнүгэр Далыр Күүлэтигэр саҥа тутуллубут хотон үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. “Верхневилюйск” диэн тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кооператив туруулаһан үлэлиир үлэһиттэрдээх буолан, саҥа хотону тутан үлэҕэ киллэрдэ.

Ахсынньы 8 күнүгэр И.Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолаҕа РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, учууталлар Учууталлара, методист, наставник Н.В.Егоров 120 сааһыгар аналлаах “Учуутал! Эн үрдүк ааккар сүгүрүйэн” диэн начаалынай кылаас учууталларыгар сэминээр буолан ааста.

Ахсынньы 9 күнүгэр оҕо-аймах тапталлаах уһуйаана “Теремок” 60 сыллаах үбүлүөйүн үгүс-элбэх ыалдьыттардаах үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтэ.

Саха биллиилээх суруйааччыта, бэйиэтэ, прозаига, суруналыыһа, режиссера С.Е.Дадаскинов  төрөөбүтэ 90 сылынан төрөөбүт нэһилиэгэр Кырыкыйга ки эҥ далааһыннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Ахсынньы 14 күнүгэр Оҥхой нэһилиэгэр эдэр специалистарга аналлаах аныгы тупсаҕай көстүүлээх 4 квартиралаах дьиэ үөрүүлээхтик арылынна.

“Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот айысмньытын киинэ МАТ иһинэн үлэлиир “Олоҥхо норуот тыйаатыра” ахсынньы 14 күнүгэр норуодунай суруйааччы Н.Г.Золотарев – Николай Якутскай 115 сааһыгар анаан “Көмүстээх үрүйэ” сэһэнин испэктээк гынан туруордулар. Бу сонун туруорууну быйылгыттан ананан үлэлиир эдэр режиссер Сайыына Васильева тыйаатыр саҥа састаабын сүүмэрдээн талан норуоттан тахсыбыт артыыстары түмэн туруорбута киэҥ сэҥээриини ылла.

“Үөһээ Бүлүү” улууспут хаһыата тэриллибитэ 80 сылын ахсынньыга бэлиэтээтибит. Үөрүүлээх бэлиэ күн чэрчитинэн уопсайа 80 тыһ. солк уу харчылаах уонна спонсордар туруорбут бириистэрдээх “Дьоллоох сурутууга” толору 2024 сылга суруппут сурутааччыларбыт оонньоотулар.

Ахсынньы 16-17 күннэригэр хапсаҕайга Федерация Куубага ыытылынна. Бу иннинэ 5 төгүл муҥутуур кыайыы өрөгөйүн билбит Үөһээ Бүлүү хамаанда быйыл 26-с төгүлүн ыытыллар федерация Куубагар 6-с төгүлүн муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар. Маннык курдук үөһээ бүлүүлэр мэлдьи кыайыылаах-хотуулаах, түмсүүлээх, ситиһии эрэ аргыстаах Саҥа сылга үктэниэххэйиҥ! Кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан!

Хаартыска интэриниэт ситимиттэн

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше