Николай Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгиттэн төрүттээх. Билигин Дүллүкү нэһилиэгэр олорор. 35 саастаах. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледж физкультура салаатын бүтэрбит. Оскуолаҕа үлэлиир, улахан кэтэх хаһаайыстыбалаах. Үс оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга.
Оскуола эрдэҕиттэн хоһоон суруйарга холонор. 2015 сыллаахха «Хоhооннор», 2019 «Халлааҥҥа тыгар күн» диэн дьоҕус кинигэнэн тахсыбыттара, Айымньылара «Чолбон» сурунаалга, «Күрүлгэн» альманахха, «Кыым», «Үөhээ Бүлүү» хаһыаттарга? «Тапталтан тыллыбыт иэйиилэр», «Тобуруокап көмүс күhүнэ» (2016, 2017) хомуурунньуктарга, бэчээттэммиттэрэ.
Эдэр суруйааччылар ХХI өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын (2018) поэзия семинарын арыйыытынан ааттаммыта, ХХII өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын (2020) поэзия семинарын бастыҥ кыттааччыта. Литература маастарыстыбатын өрөспүүбүлүкэтээҕи семинарын (Суотту, 2019), «Москва-Владивосток» эдэр литератордар улахан онлайн сүбэ мунньахтарын (2020) кыттыылаахтара. Үгүс өрөспүүбүлүкэтээҕи айар күрэстэр кыайыылаахтара.
Күһүн
Сэбирдэх үҥкүүтэ
Толордо алааспын,
Көмүскэ сууланна
Мин дойдум барахсан.
Үгүстэр күһүнү
«Кэхтэр кэм» дэһэллэр,
Сэбирдэх түһүүтүн
Аһыйа көрөллөр.
Арай мин таптыыбын
Күһүҥҥү көстүүнү,
Айаҥҥа туруммут
Халыҥ үөр көтөрү…
Оттоммут ходуһа
Нэлэйэн сытара,
Саҥа кэм кэлбитин
Туоһулуур курдуга.
Ол онтон күүс ылан
Ыллыыбын дьүһүйэ,
Санаабын манньытар
Бу дойду күһүнэ.
Кэм бэйэтин кэминэн,
Миигин ыгар тэтиминэн
Бардар барар, баран иһэр…
Ханна тиийэбин тиһэҕэр?
Кэми «эмтиир» диэн этэллэр,
Санаабар ити эбэллэр.
Кини хантан эмтиэ баарай?
Хата, эбиллэр эрэйдэр…
Ааспыт олоҕу саныахпын
Үгүс кэм саппыт кыһыытын…
Атын саҥаны айыахпын
Бэриллибит кэм татымын…
Мин суох да буолбутум кэннэ
Кэм холкутук устан иһиэ,
Миигин умнар тэтиминэн
Бардар барыа, баран сүтүө…
…киртийбит түннүкпэр
Күн уота тайанна,
Иһийбит ис куппар
Сандал саас айманна.Арай, мин сытабын
Халлааны одуулуу,
Ахтабын, саныыбын
Ааспыты сонургуу…Мин хоһум иһигэр
Күн уота үҥкүүлүүр,
Хараҕым иитигэр
Араастаан күлүмнүүр.Арай, мин сытаммын
Оҥорон көрөбүн,
Кэлиэхтээх сайынтан
Мин дьолу күүтэбин…
…биир таммах уугун,
биир кымаах буоргун
Сүрэҕим иһигэр
Кистээммин иҥэртим…Ол таммах уу мэлдьи
Миигин чахчы эмтиир,
Биир кымаах буор куруук
Тирэх буолан сирдиир.Оччоҕо санаабар:
Дойдум миигин кытта,
Ханнык да түгэҥҥэ
Бу аттыбар, тэҥҥэ…
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат