Бүгүн киэһэ Ил Дархаммыт Айсен Николаев быһа эфиргэ тахсан нэһилиэнньэҕэ туһаайыытын иһитиннэрдэ, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыйытыктарыгар эппиэттээтэ.
Ил Түмэн депутата, Харбалаах орто оскуолатын дириэктэрэ Федот Филиппов Ил Дархан быһа эфирын көрөн баран санаатын үллэһиннэ:
3 чаас кэриҥэ Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев быһа эфиргэ холбонон нэһилиэнньэҕэ үлэ хаамыытын сырдатта, араас хабааннаах ыйытыыларга хоруй биэрдэ. Бэлиэтиэм этэ кини хаһан да барыта үчүгэй, барытын быһаардыбыт диэн быһа эппэт. Күннээҕи да олоххо, уопсайынан даҕаны сытыы кыһалҕалар баалларын бэлиэтиир, ону быһаарарга дьаныардаахтых, тус бэйэтэ болҕомтоҕо ылан үлэлэһэрэ көстөр. Үгүс Национальнай проектарга республика кыттан, элбэх үбүлээһини ситиһэн тутуулар баралларын, демографическай хайысхаҕа, элбэх оҕолоох ыалы өйүүр программалар үлэлииллэрин эттэ. Холобур, элбэх оҕолоохторго быйылгыттан коммунальнай өҥөҕө субсидия көрүллэр буолбута бюджеттан 300 мөл. солк., онтон элбэх оҕолоох ыал оҕолоро оскуолаҕа босхо аһылыгынан хааччыллыылара 500 мөл. солк. бюджеттан көрүллэр буолбут. Ити барыта буолар — правительство үлэтин түмүгэ. Бэйэм үөрэх эйгэтин үлэһитэ буоларым быһыытынан, Оҕону иитии өттүгэр, учууталлар олоҕу кытта тэҥҥэ сайдан аныгы оҕону кытары уопсай тыл булан үөрэххэ интэриэс тардан үөрэтиэхтээхтэрин эппитин сэргии иһиттим. Дьоҕус оскуолаларга, уһуйааннарга үлэ миэстэтин ахсаанын аччаппакка, төптөрүтун оскуола, уһуйаан саҥа объектара тутуллаллара, оптимизация ыытыллыа суохтааҕын бэлиэтээтэ. Биһиги тыа сирин олоҕо кэхтибэккэ, салгыы барарын туһунан куруутун этэр эбит буоллахпытына, бу эппит санаата олус үчүгэй. Ону таһынан арааһынай ыйытыыларга хоруйдууругар киэҥ билиилээҕэ, хас биирдиитин болҕомтоҕо уурара киһини үөрдэр.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат