“Айсен Николаев саха ыччатын сайдыытыгар күүстээх болҕомтотун уурар”

Бэҕэһээ, муус устар 25 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев быһа эфиргэ тахсан олохтоохтор буоппуруостарыгар хоруйдаата. Эфир 3 чаас устата барда, барыта 1400 ыйытык киирдэ.

Ил Дархан быһа эфирын кэнниттэн олохтоохтор санааларын үллэстэллэр. Ол курдук, Ил Түмэн эдэр дьокутаата Федот Филиппов санаатын эттэ. Бэлиэтээн эттэххэ, кини бүгүн Харбалаах нэһилиэгэр биллиилээх общественнай-политическай деятель Исидор Никифорович Барахов мэҥэ тааһыгар сибэкки дьөрбөтүн уурар тэрээһинигэр кытынна.

Муус устар 27 күнэ саха сирин олохтоохторугар сүдү күүстээх бэлиэ күнүнэн буолар. Бу күн 102 сыл анараа биһиги улуу убайдарбыт Исидор Никифорович Барахов, Максим Кирович Аммосов, Платон Алексеевич Ойуунускай Саха сирэ баар буолуохтаах, туһунан өрөспүүбүлүкэ буолуохтаах диэн Саха сирин төрүттээбиттэрэ. Биһиги, билиҥҥи эдэр ыччат, бу күн мустан Саха өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччилэрин чиэстиибит, махтанабыт, уруйдуубут. Бу бүгүҥҥү күҥҥэ Таатта Чөркөөҕөр, Нам Хатырыгар, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар, убайдарбыт төрөөбүт сирдэриттэн, бүтүн Саха сиригэр, Дьокуускай куоракка, Дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа улахан тэрээһиннэр буолаллар.

102 сыл ынараа өттүгэр, сайдыы суох кэмигэр, биһиги биир дойдулаахтарбыт үөрэҕи, тылы баһылаан, Саха сирэ курдук ыраах сиртэн дойду салайааччыларыгар тиийэн тэҥ таһымҥа кэпсэтэннэр, быһаарсаннар туруорсубуттара. Киһи олус киэн туттар, аныгы эдэр ыччат ону санаан, өйдөөн, үрдүгү дабайыахтаах.

Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев саха ыччатын сайдыытыгар күүстээх болҕомтотун уурар. Бэҕэһээҥҥи быһа эфиргэ тахсан ыччакка болҕомто уурарын, саха ыччата инникилээх, сайдыылаах буолуохтааҕын өссө төгүл бэлиэтээтэ.

Туһунан өрөспүүбүлүкэ буоларбыт быһыытынан, убайдарбыт улахан, үтүө дьыалаларыгар махтанан, Россия иһигэр туһунан автономнай өрөспүүбүлүкэбит, туһунан Бырабыыталыстабалаахпыт, Ил Дарханнаахпыт, Ил Түмэннээхпит. Ол курдук, мин Ил Түмэҥҥэ былырыын Үөһээ Бүлүү уонна Горнай холбоспут уокуругуттан дьокутаатынан талыллыбытым. Дойду, норуот, уопсастыбаннас инники үлэтин туһугар бэйэм көрүүлэрбин этинэрдии, инники сайдыы туһугар үлэлии-хамныы сылдьабын.

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше