Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадаларыгар сөп түбэһиннэрэн, ахсынньыга өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус бэһис сылын ситиһиилээхтик, үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Александра Михайлова салайар “Аленушка” оҕо сайдар киинин үлэһиттэрэ, чуолаан Татьяна Анисимова иилээн-саҕалаан тэрийдилэр. Куонкуруска барыта 53 доруобуйатынан хааччахтаах 3-7 сааһыгар диэри саастаах оҕолор кытыннылар, ол курдук улууспутуттан “Теремок”, “Солнышко”, “Аленушка” уһуйааннар, Дьокуускай куорат бары уокуруктара, Хаҥалас, Нам, Ньурба, Таатта, Бүлүү, Өлүөхмэ, Кэбээйи, Сунтаар улуустарыттан үгүс үлэлэр киирэн тэрийээччилэри үөртүлэр.
Оҕолор пластилинтан, полимернай глинаттан, кумааҕыттан, фоамирантан, айылҕа дьикти көстүүлэрин булбут матырыйаалларыттан араас үлэлэри оҥордулар. Сүрүн ирдэбилинэн оҕо бэйэтэ оҥоро олороро, хас биирдии хамсаныытын хаартыска ноҥүө көрдөрөн түһэрэн ыытыы буолла. Оҕо толкуйдуур дьоҕурун, кэрэ эйгэҕэ тардыһыытын, өҥү сөптөөхтүк туһанан дьүөрэлиирин, саҥа ньыыманы таба туттан киллэриитин, туһаныыларын көрөн сыаналаатыбыт. Түмүллүбүт үлэлэри саастарынан араартаан, үлэ хас да хайысхатыгар арааран кыайыылаахтары быһаардыбыт.
Хас биирдии доруобуйатынан хааччахтаах туһунан көрүүлээх-истиилээх, хараахтырдаах оҕо талаанын арыйыыга сүбэ-ама биэрээччи, көмөлөһөөччүнэн төрөппүт, иитээччи, куруһуок салайааччыта буолаллар. Кинилэр сытыы харахтара, тулуурдара, оҕоҕо арыт туспа, дириҥ ис хоһоонноох хас биирдии оҕоҕо толкуйдаммыт ньымалары булан сөптөөхтүк туһаныылара, дириҥ билиилэрэ, уопуттара, амарах сыһыаннара сүрүн тирэх буолара чуолкай. Маннык оҕолор ис туруктарын арыйан үлэлэтэр туһунан ыарахаттардаах буолар.
“Аленушка” оҕо сайдар киинигэр “Инклюзивное образовательное пространство ДОУ” «Радость общения» диэн бырайыак 2012 сылтан күн бүгүнүгэр диэри үлэлии олороллор. Уһуйаан коллектива маннык үлэ хайысхатын киллэрэн, практикаҕа хас да вариативнай иитэр-үөрэтэр ньыма көрүҥнэрин туһанан, 1,6 — 7 саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэрин кытта ыкса сибээстээх үлэни ыыта олороллор. Бу күрэх көрүҥүн киллэрбиттэрэ номнуо бэһис сыллара буолла.
Оҕо бэйэлэрин саастыылаахтарыттан хаалсыбакка, тэҥҥэ бары эйгэҕэ хабыллан сайдарыгар, уопсастыбаҕа киирэригэр, доруобуйатын тупсарарыгар, бэйэтин өссө үрдүктүк сыаналанарыгар социальнай уопуту туһаныыга уонна бэйэтин саастыылаахтарын кытары араас оонньууларга, дьарыктарга,билэр-көрөр, чинчийэр, уруһуйдуур дьоҕура сайдарыгар, тэҥҥэ сылдьарыгар биир таба тутуллубут ньыманан буолар.
Сүрүн кыайыылаахтарынан бэлиэтэннилэр:
— ураты матырыйаалтан оҥоһукка Дьокуускай куорат 19 нүөмэрдээх «Василек» уһуйаан иитиллээччитэ 8 саастаах Артем Парк “Зимняя сказка” үлэтэ (Салайааччы иитээччи Сальва Лариса Георгиевна).
— ураты матырыйаалтан оҥоһукка Таатта улууһун Ытык Күөл нэһилиэгиттэн 6 саастаах Сеня Егоров “Дракоша Гоша” үлэтэ (Салайааччы төрөппүт Гоголева Пелагея Егоровна).
— ураты матырыйаалтан оҥоһукка Бүлүү куораттан “Бүлүүчээн” оҕо уһуйааныттан 5 саастаах Витя Егоров “Дракоша символ 2024 года” үлэтэ (Салайааччы логопед- учуутал Егорова Мираида Валерьевна).
— ураты матырыйаалтан оҥоһукка 39 №-дээх Дьокуускай куораттан «Ромашка» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ 4 саастаах Айсен Эверстов “Дракоша с другом снеговиком” үлэтэ (Салайааччы логопед-учуутал Романова Федора Егоровна).
— айылҕа матырыйаалыттан оҥоһукка Үөһээ Бүлүүтээҕи 8-с №-дээх “Аленушка” уһуйаан иитиллээччитэ, 6 саастаах Ангелина Миронова «Дракоша Дино» үлэтэ (Салайааччы иитээччи Ананьева Вера Анатольевна).
— айылҕа матырыйаалыттан оҥоһукка Ньурба Антоновка нэһилиэгиттэн “Ромашка” уһуйаан иитиллээччитэ, биэс саастаах Данил Олесов «Саҥа сыл» үлэтэ (Салайааччы иитээччи Захарова Христина Александровна).
— айылҕа матырыйаалыттан оҥоһукка Нам Ымыйахтаах нэһилиэгиттэн “Чуораанчык” уһуйаан иитиллээччитэ, 6 саастаах Харысхан Кириллин «Бырааһынньык» үлэтэ (Салайааччы иитээччи Михайлова Мария Владимировна).
— кумааҕы араас көрүҥүн, ньыматын дьүөрэлээһин оҥоһуга — Үөһээ Бүлүүтээҕи 8-с №-дээх «Аленушка” уһуйаан иитиллээччитэ, биэс саастаах Лилия Никифорова «Летающие драконы» үлэтэ (Салайааччы иитээччи Ананьева Вера Анатольевна).
— кумааҕы араас көрүҥүн, ньыматын дьүөрэлээһин — Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с №-дээх “Теремок” уһуйаан иитиллээччитэ, түөрт саастаах Дамир Васильев (Салайааччы иитээччи Тимофеева Надежда Васильевна).
— кумааҕы араас көрүҥүн, ньыматын дьүөрэлээһин — Үөһээ Бүлүүтээҕи “Аленушка” уһуйаан иитиллээччитэ, алта саастаах Костя Хайми, (Салайааччы тьютор Иванова Надежда Павловна).
— кумааҕы араас көрүҥүн, ньыматын дьүөрэлээһин оҥоһуга — Дьокуускай куораттан 61 №-дээх “Тропинка” уһуйаан иитиллээччитэ, биэс саастаах Мая Иванова «Красный дракон» үлэтэ (Салайааччы иитээччи Бишаева Оксана Сергеевна).
— кумааҕы араас көрүҥүн, ньыматын дьүөрэлээһин оҥоһуга – Кэбээйи улууһун Сайылык нэһилиэгиттэн 15-с №-дээх “Кэнчээри” уһуйаан иитиллээччитэ, түөрт саастаах Артем Павлов «Символ года» үлэтэ (Салайааччы иитээччи Софронеева Розалия Андреевна).
— мэһийэн оҥоруу — Үөһээ Бүлүүтээҕи 8-с №-дээх “Аленушка” уһуйаан иитиллээччитэ, түөрт саастаах Даниил Михайлов «Новый год Дракош» үлэтэ (Салайааччы иитээччи Федорова Туйаара Валерьевна).
— мэһийэн оҥоруу — Үөһээ Бүлүүтээҕи 8-с №-дээх “Аленушка” уһуйаан иитиллээччитэ, алта саастаах Байдам Федотов «Разноцветный Дракон» үлэтэ. (Салайааччы логопед – учуутал Корякина Мая Павловна).
— мэһийэн оҥоруу — Сунтаар 2-с №-дээх «Сардаана» уһуйаан иитиллээччитэ, биэс саастаах Сардаана Николаева «Дракоша» үлэтэ (Салайааччы иитээччи Иванова Анастосия Петровна).
— мэһийэн оҥоруу — Өлүөхүмэ Токко нэһилиэгиттэн 23 №-дээх «Кэскил» уһуйаан иитиллээччитэ, алта саастаах Алина Миронова «Саҥа дьыл кэлиитэ» үлэтэ (Салайааччы иитээччи Габышева Наталья Виссарионовна).