Сэтинньи 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун норуотун маастара Анастасия Борисова “Хатайдааһын дьикти абылаҥа” үлэлэрин персональнай быыстапката Дьокуускай куоракка арылынна. Быыстапка бу ый 28 хонугар диэри “Симэх” галереяҕа буолуоҕа. Быыстапкаҕа Анастасия 5 коллекция үлэлэрэ дьон сэҥээриитигэр турдулар.
Үөрүүлээх арыллыыга айар талааннаах дьон, РФ худуоһунньуктарын Сойуустарын чилиэнэ, култуура үтүөлээх үлэһитэ Анна Зверева, РФ худуоһунньуктарын Сойуустарын чилиэнэ, искусствоведение кандидата Зинаида Заболоцкая, Анастасияны хатайдааһыҥҥа үөрэппит, Дьокуускайдааҕы художественнай училище преподователэ Альбина Корякина, о.д.а. ыалдьыттаатылар. Киирии тылынан “Симэх” национальнай киин салайааччыта Яна Игнатьева быыстапканы арыйда уонна Анастасияны эҕэрдэлээн туран, СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев махтал суругун туттарда.
Биир дойдулаахтарбыт, Иван Лаврентьев ылбаҕай ырыатынан, Айсен Деллохов хомус тыаһынан, Анастасия Кардашевская, Анна Борисова ыллаан киэргэттилэр. Анастасияны быыстапката арыллыбытынан бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрэ, хатайдааһынынан дьарыктанар дьон кэлэн эҕэрдэлээтилэр.
Мария Тойтонова, представитель Якутского художественного училища (колледжа) им. П. П. Романова:
— Осталась в полном восторге от труда, полета фантазии, красок-цветов и теплоты исходящей от каждой вещи, представленной на выставке работ Анастасии. Отличная выставка! Вещи уникальные, и все очень разные.
Представлены самые разноплановые работы — панно или это нетканые гобелены, предметы интерьера (накидка), одежда, скульптуры (бык, Чысхаан, Хаарчаана). Поразительно, насколько разнообразен этот материал. Войлок теплый по ощущениям, и выставка получилась такая же — теплая и уютная. Особенно впечатлила (как всегда) новая коллекция! Всё хочу носить! Спасибо большое, с удовольствием советую посетить всем выставку.
Мария Румянцева, хатайдааһын маастара, Дьокуускай:
Бүгүн бэртээхэй быыстапка арыллыытыгар сырыттыбыт. Анастасия үлэлэрин көрөн, тутан хабан, ырытан, ырыаһыттары истэн, “сулустары” көрөн (хомусчут Айсены интернет эрэ ситимигэр көрөр этим, бүгүн хомуһу хайдах хамсатан тыас-уус таһаарарын 1 миэтэрэлээх сиртэн көрөн олордум), элбэх билэр дьоммун көрөн, кэпсэтэн — энергия бөҕө ылан кэллим. Махтал, Анастасия!
Руководитель студии моды “Көмүс Хотун” Мария Егорова:
Отправила эти видео Кулаковской Ларисе Реасовне. Ей очень понравились коллекции. Лариса организатор Ысыах Европы и Ысыах Мира. В 2025 году Ысыах Мира пройдет 5-6 июля в Монголии. И Лариса хочет, чтоб какую-нибудь коллекцию мы показали там.
Владислав, Вьетнамтан:
Настя хас да сыллаах айымньытын Сахатын сирин киинигэр Дьокуускайга дьонугар-сэргэтигэр көрдөрүүгэ таhаарбыта олус туhалаах уонна хайҕаллаах. Толкуйдаан айаҥҥын, илиигинэн оҥорон таhаарбыт оҥоhуктаргар эн сатабылын, мындырын, тулуурун, дьулуурун, санааҥ күүһүн түмүгүн барытын оҥоhуктаргар сиэтиллэн, ситиhиллэн, чочуллан тахсаннар, дьоҥҥор көрдөрөргөр бэлэм буолбуттар. Хас да сыллаах үлэн түмүгэ диибин, ол гынан баран түмүгэ диэбэппин, билигин да күөгэйэр күҥҥэр сылдьаҕын, сатабылын өссө тупсуо, санааҥ өссө сайдыа, айбытын айыллан иhиэ, туппутун тупсан, киэргэппитин киэркэйэ туруоҕа .
Бу ситиhиилэри санаата күүстээх эрэ киhи кыайар, дабайар уонна ситиhэр. Айымньыларын өссө да иннигэр айылла уонна түмүктээх буола турдунна. Нууччалыы «браво»! Төрөөбүт тылбынан сэмэйдик эйиэхэ Уруй — Айхал эрэ буоллун диибин.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат