«Азия оҕолоро» оонньууга чэпчэки атлетика Саха сиринээҕи хамаандатыгар 28 спортсмен киирдэ

VIII Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга кыттар сүүмэрдэммит хамаандалар састааптара бигэргэннэ. Бастакы хамаандаҕа 10 кыыс уонна 10 уол, оттон иккискэ — 2009-10 сыллааҕы төрүөх 4 түөртүү кыыс, уол.

Сүүмэрдиир түһүмэҕи түмүктүүр күрэхтэһиилэр ыам ыйын 25-26 күннэригэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр буолан ааспыта. Хамаанда састаабыгар Дьокуускай куораттан, Бүлүү, Чурапчы, Алдан, Нерюнгри, Мэҥэ-Хаҥалас уонна Хаҥалас улуустарын спортсменнара киирдилэр. Дьарыктыыр сбор Саранск, Владивосток, Кисловодск куораттарга ааспыта. Түмүктүүр дьарыктар Дьокуускай куоракка бэс ыйын 12-22 күннэригэр буолуоҕа.

СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дархан пресс-сулууспатын матырыйаалыттан

 

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше