VIII Норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга 14 эдэр кэскиллээх тустууктар икки сүүмэрдэммит хамаанданан кыттыахтара. Билигин Алдан куорат баазатыгар эрчиллиини ааһа сылдьаллар. Бастакы сүүмэрдэммит хамаанда 9 киһилээх, иккис хамаанда — 5. Спортсменнар 2009 уонна 2010 сыллааҕы төрүөхтэр. Тустууктар 9 ыйааһынын күрэхтэһиэхтэрэ.
«Сүүмэрдээһин 3 түһүмэҕинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биирдиилээн бастыыр иһин күрэх түмүгүнэн ааспыта. Билигин оҕолор Алдаҥҥа эрчиллэ сылдьаллар, онтон Р.М.Дмитриев аатынан олимпийскэй резервэ училищетыгар салгыы кэлэн дьарыктаныахтара. Бу иннинэ норуоттар икки ардыларынааҕы стартарга уонна үс холбоһуктаах сүүмэрдээһиҥҥэ кыттыбыттара. Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарга, Россия уонна Уһук Илиҥҥи регион турнирдарыгар кыттыбыт түмүктэриттэн көрөн сылыктаатахха, аҕыйаабыта 4 мэтээл кэлиэхтээх дии саныыбыт», — диэн уолаттары көҥүл тустууга дьарыктыыр старшай тренер Кузьма Сивцев санаатын үллэһиннэ.
Тустууктар эрдэ Уһук Илиҥҥи уокурукка биирдиилээн бастыыр иһин күрэххэ, Бүтүн Россиятааҕы турнирдарга уонна Казахстаҥҥа уонна Киргизияҕа ыытыллыбыт Норуоттар икки ардыларынааҕы стартка 11 кыһыл көмүс мэтээли ылары ситиспиттэрэ.
Сүүмэрдэммит хамаандаҕа Чурапчы, Сунтаар, Хаҥалас, Нам, Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалсс улуустарыттан уонна Дьокуускай куорат спортсменнара киирдбиттэрэ.
СӨ Бырабыыталыстыбытаны уонна Ил Дархан пресс-сулууспатын матырыйаалыттан