Саргы бүгүн сарсыарда уһуктаат, тута таҥнан таһырдьа таҕыста. Дойдутугар кэлбэтэҕэ ырааппыт буолан, төрөөбүт тэлгэһэтэ хаһааҥҥытааҕар да күндүтүк көһүннэ. Бу дьиэтин ойоҕоһугар аарыма хатыҥа, аҕата оҥорбут мас ыскаамыйата, эргэ сарайа, ампаара, оҕуруотун сирэ… барыта уруккулуу, туох да уларыйбатахха дылы.
Дьахтар чочумча тура түстэ. Дириҥник өрө тыынна. Барыта олус истиҥ, олус сылаас, сүрэҕи-быары толору, бүүс-бүтүн сылаанньытар. Маҥнайгы кыстык хаар түспүтэ, ып-ырааһынан чэмэличчи көрөн, ордук оҕо саас кэмнэригэр угуйардыы, хараҕы саатырдар, тэбэнэттээхтик мичээрдииргэ дылы. Саргы аргыый аҕай хатыҥар тиийэн, онон-манан хайыта барбыт, хараара оҥойбут баастарын оспут сирдэринэн сэрэнэн имэрийэн ылла. Хатыҥа кинини билбиттии, куоҕаҥнаан, нарын, сыгынньах лабааларын утары уунна.
Сотору Саргы ыксатынан, олбуор нөҥүө ыала, Дьөгүөр оҕонньор, сирэйин умса туттан баран, хотонун диэки хоочугураан ааһа турда. Уруккута эбитэ буоллар, Саргыны көрөн хайаан да илиитин өрө көтөҕөн далбаатыахтаах, тугу эрэ дьээбэлээҕи этэн ааһыахтаах этэ. Бүгүн, биллэн турар, оннук суох. Барахсан, кырдьаҕас киһиэхэ дьэ ыарахан күннэр-дьыллар. Саргы иһигэр оҕонньору аһынан кэллэ. Бэҕэһээ ыалыгар тахсан, сүтүктээх дьон хараастыыларын көрбүтүн санаан, сүрэҕэ эмискэ ытырбахтаан ылла.
Дьөгүөр собус-соҕотох мааны, Денис диэн уоллааҕа, бу үс хонуктааҕыта куораттан өрөбүллэргэ балыктыы диэн кэлэн баран, суорума суолланан, нэһилиэк дьонун барытын соһутта. Хомолтолооҕо, куорат биир биллэр тэрилтэтигэр улахан үлэһит, дьиэ-уот, кэргэн, оҕо-уруу бөҕө, киһи да быһыытынан дьоҥҥо сирдэрбэт киһи этэ. Орто да сааһыгар тиийэ илик, эдэр киһи быстахха былдьаммыта, эчи, абатын. Саатар, өлөр быатыгар, уулуссалара уота суох буолан, Денис дьиэтин бутуйдаҕа буолуо, дьон олорбот өтөх олбуоругар киирэн, охтон хаалбыт. Дьиэтиттэн икки олбуору эрэ нөҥүөлээн. Дьэ кыһыы диэтэҕин. Бүгүн таһаарар күннэрэ.
Онон Саргы туһугар соччото суох түбүккэ кэлэн сылдьар. Ол эрээри оҕо сааһын доҕорун, Денискэтин атаарар ытык иэстээх курдук сананар. Уоллаах кыыс эт саастыы буолан, кыра эрдэхтэриттэн куруук бииргэ оонньоон-көрүлээн, кэлэ-бара аргыстаһан, хардарыта ыалынан сылдьыһан улааппыттара. Хайдах эрэ уоллаах кыыс икки ардыларыгар убай-балыс истиҥ сыһыана баар этэ. Оскуолаҕа кыра кылаастарга үөрэнэ сылдьан, уолаттар Саргыны дьээбэлээри гыннахтарына, куруук Денискэ көмүскэһэр этэ. Инньэ гынан, уолаттар кыыһы кэлин олох тыыппат буолбуттара.
Денис кыратыттан саастыылаахтарыттан өйүнэн, эт-хаан өттүнэн сайдыытынан барыларын баһыйар, били этэргэ дылы, оскуола баар-суох киэн туттар, иннилэригэр уктар уоллара этэ. Дьон барыта Дениһи сөбүлүүрэ, хайгыыра, ордук төрөппүттэр оҕолоругар холобур оҥостоллоро. Туох да омуна суох, сып-сырдык, уһун курбуу уолу кистии-саба оскуола кыргыттара бары да таптыыллара быһыылааҕа. Ол курдук оскуола да кэннэ, Денис соҕуруу үөрэххэ киирэн баран, улахан да сиргэ тиийэн, сүтэн-иҥэн хаалбатаҕа. Устудьуоннар ортолоругар биллэр-көстөр уол этэ. Үөрэҕин бүтэрэр сылыгар куорат кыыһын кэргэн ылбыта. Ол сыл эдэр ыаллар Дьокуускай куоракка олохсуйардыы көһөн кэлбиттэрэ. Утуу-субуу уоллаах кыыс, онтон кэлин, аҕыйах сыллааҕыта, мурун бүөтэ уоламмыттара. Денис хас да тэрилтэҕэ үлэлээн баран, кэлин салайар үлэҕэ сыстан, сотору-сотору тэлэбииһэринэн уонна араадьыйанан эрэ көстөр улахан салайааччы буола үүммүтэ.
Саргылыын кэлин хаа-дьаа билсэн ааһаллара. Кыаммат, кырдьаҕас дьонноох соҕотох киһи, дьиэ-уот кыһалҕатынан тугу эмэ көрдөстөҕүнэ, Денис быһа гыммакка, арыт бэйэтэ тиийэн, арыт дьону да көрдөһөн, кинилэр кыһалҕаларын бэрт түргэнник быһаарар кэбиһэрэ. Саргы ийэлээх аҕата онон Денискэ хайдах махтаныахтарын билбэттэрэ. Тойон да буолан баран, киһилии майгытын сүтэрбэтэҕиттэн олуһун диэн үөрэллэрэ. Арай кэлин ийэтэ өлүөҕүттэн аҕатыгар тахсара аҕыйаабыт курдуга. Дьөгүөр оҕонньор куоракка да киирэрэ ахсааннаах этэ. Онон, этэргэ дылы, сыл баһыгар-атаҕар билсэллэрэ быһыылааҕа.
Саргы маннык ону-маны, арааһы эргитэ санаан баран, дьиэтигэр төттөрү киирдэ. Суххай соҕустук аһаабыта буолаат, Дьөгүөр оҕонньордооххо таҕыста.
***
Дениһи атаара син дьон кэлитэлээн эрэллэр эбит. Саргы дьахталларга кыттыһан, иһит-хомуос, ас-таҥас бэрийсибитинэн барда. Сотору өлбүттээҕи атаарыы сиэрэ-туома ыытыллар чааһа тиийэн кэллэ. Дьон саамылаһан саалаҕа киирдилэр. Денис барахсан туох да буолбатаҕын курдук, утуйбуттуу, мааны көстүүмнээх бу чиккэллэн сытар. Хоруоп төбөтүн диэки аҕата, кэргэнэ Света уонна оҕолоро бааллар. Кинилэр тастарыгар нэһилиэк аҕа баһылыга, илэ бэйэтинэн, Уоһук Уйбаанабыс турар.
Хобдох чуумпу сатыылаабытын кэннэ, Уоһук Уйбаанабыс “табаарыстар” диэбитинэн, Денис нэһилиэк биир чаҕылхай, бастыҥ ыччата буоларын, хайдах курдук үчүгэй үлэһитин, дьон ытыктабылын ылар дьоһун салайааччы буоларын добдугураччы ааҕан барда.
Эмискэ таһырдьа күүлэ иһигэр тыас-уус бөҕө буолла уонна ону кытта тэҥҥэ эр киһи быдьар үөхсүүтэ иһилиннэ.
-Уу, били баҕайы кэллэ. Ким баарый? Эр дьон тахсан көрүҥ эрэ, — диэн Тыллаах Мааса ыксаабыт саҥата иһилиннэ.
Чочумча дьиэ иһигэр баар дьон бары ах баран хааллылар. Ким кэлбитин бары бэркэ диэн сэрэйдилэр. Дьахталлар тута. Бэрт түргэнник, эдэр эрчимнээх дьону, Туолуктаах Миисэни таһырдьа үҥүлүттүлэр.
Ити икки ардыгар аан аһылла түстэ да, уолаттары туора садьыйбытынан, түөһүгэр дылы ырбаахытын нэлэкэйдэммит, бар түү, арбайбыт уһун баттаҕын туора анньыммыт, сыгынньах атаҕар эрэһиинэ холуоһалаах Сиимэ Паабылап дьиэ иһигэр биирдэ баар буола түстэ.
Сиимэ киирэн кэлбитигэр улаханнык ымыттыбатах курдук туттан, Уоһук Уйбаанабыс көхсүн этитээт, салгыы саҥаран добдугуратан барда.
-Денис Дьөгүөрэбис киһи да, салайааччы, ыал аҕатын, уопсайынан, гражданин да быһыытынан тула өттүттэн дэгиттэр киһи этэ. Маннык ыар дьылҕаламматаҕа, быстах ыалдьан өлбүтэ олус да…-диэн истэҕинэ, Сиимэ дьону силэйэн, хоруоптаах киһи иннигэр биирдэ баар буола түстэ.
-Тугу сымыйанан лахсыйа тураҕын, Уоһук Уйбаанабыс. Ыалдьан буолан, итирэн, тоҥон өлбүтэ диэххин. Денис туох да диэбит иһин, арыгыны иһэр урааҥхай этэ.
-Бээ, эрэ, бу киһини таһырдьа таһаарыҥ. Сүрүн баҕаһын,-ким эрэ эмиэ дьон кэннигэр туран тыл ыһыгынна.
-Тугуй, ол миигин куһаҕан киһини оҕо сааһым доҕорун атаарар бырааба суох диэри гынаҕыт дуо? Денистиин биир бадарааҥҥа улааппыт дьон курдук этибит дии. Арай оттон тойон буолбутунан эрэ таһыччы ини. Ааҕыстахха кини да аньыыта-харата элбэх буолуо,-Сиимэ өссө тугу эрэ этиэхтии икки ытыһын нэлэтэн, Уоһук Уйбаанабыс таһыгар турунан кэбистэ.
-Өйдүүгүт, ахсыска сылдьан миигин маҕаһыын халааһыныгар сууттаан, холуонньаҕа ыыппыккытын. Дьиҥэр, ону тэрийээччи Денискэ этэ. Элбэх этибит даҕаны. Бары ууттан ыраас тахсыбыттара. Ол хайыы сыллара… ээ чэ… итэҕэйиэххит суоҕа гынан баран, табахтыырга, арыгылыырга, уопсайынан, миигин бу хоруопка сытар киһигит, Денис, үөрэппитэ. Били уонна Кирилэ Саабыстаах отторун эмиэ кини уоттаабыта, онно эмиэ мин балыллыбытым. Биирдэ…-диэн Сиимэ сыраана саккыраабытынан тугу эрэ этээри, бар түү сыҥааҕа энньэҥэлээн истэҕинэ, Уоһук Уйбаанабыс Сиимэни тоҥолоҕуттан тарта. Биирэ син киһи эрэ буоллар, ах баран, баһылыга туох диирин истибитэ буола сатыы турда. Онтон эмиэ эмискэ тоҕо барда:
-Эс, туох ааттаах киһилии сыһыан да, киһилии оннук-маннык диэтэххитий?! Оттон мин ийэм өлбүтүгэр Дьөгүөр оҕонньордооҕу ааҕан туран, нэһилиэктэн үс эрэ киһи баара дии. Ол киһилии быһыы дуо? Ама да ыарыһах, тулаайах дьахтар буолбутун иһин, аанньа ахтан ким да кэлбэтэҕэ. Оо, онно мин төһөлөөх хомойбутум, хоргуппутум буолуой? Төһө да эдэр уонна акаары буолларбын, барытын уонна барыгытын өйдүүбүн. Ол кэннэ өссө миигиттэн киһилии сыһыан көрдүүгүт. Бу эһиги ортоҕутуттан Дьөгүөр оҕонньору уонна ээ… ол Саргы турар эбит дии, Саргыны эрэ убаастыыбын. Уоннааҕылары “к” диибин. Сирэй көрбөх дьону сөбүлээбэппин.
Саргы эмискэ дьон кэннигэр туран, Сиимэ аһаҕас тылыттан-өһүттэн, соһуччу “кырдьыгыттан” олус соһуйда, бэркиһээтэ даҕаны. Кырдьык, маҕаһыын халааһыныгар Сиимэни улаханнык дьүүллээн, сууттаан, оҕо холуонньатыгар икки сыл баран кэлбитэ дии. От уоттаата диэн эмиэ сууттана сыспыттааҕа. Дьөгүөр оҕонньор арай ол оту төлөһөн, быыһаммыт курдуга.
Бу икки ардыгар үс-түөрт эр киһи Сиимэни икки окумалыттан ылан, таһырдьа соһон таһаардылар. Киһилэрэ тахсымаары өрүскэлэһии, быдьардык үөхсүү, маат-куут бөҕө буолла.
Арай эмискэ Саргыны ким эрэ кэлэн ойоҕоско аста. Көрбүтэ, Дьөгүөр оҕонньор турар эбит.
-Тукаам, Саргы, эн ити Сиимэни дьиэтигэр атаарбаккын ээ. Дьиҥэр, улгум ээ, эйигин истиэҕэ. Мин барыа этим даҕаны, уолбун хайаан да тиһэх суолугар атаарабын буоллаҕа. Бу сону уонна хаатыҥканы кэтэрт уонна бу… маны биэрээр, манта суох саараама барыа суоҕа,-диэт, оҕонньор биир иһит буокканы туттаран кэбистэ.
-Ээ, сөп. Оннуга ордук эбит. Үөһэ уҥуоҕар тахсыбаппар оттон баалаабат инигин, Дьөгүөр. Атаардым да төннөн кэлиэм,- Саргы сону кытта, хаатыҥканы харбаан ылла, хантан эрэ салапаан булан, буоккатын ыксыы-саарайа уган кэбистэ.
***
Саргы таһырдьа күүлэҕэ тахсыбыта, Сиимэ кыра эргэ дьыбаан үрдүгэр сыгынньах атаҕынан тахсан, хатыйа тэбэн, туох да буолбатаҕын курдук табахтыы олорор эбит.
-Учаа, Сиимэ, мэ, бу хаатыҥканы уонна сону кэт,-Саргы эр киһиэхэ чугаһаан, таҥастарын үҥүлүттэ.
-Ии, хата, бу биир миигин аһынар киһи баар ээ. Саргычок-Чоок, кэл эрэ, оҕо сааһым доҕорун сыллаан ылыым,- сып-сап дьыбааныттан түһэн, хаатыҥкатын кэтэ туран, Сиимэ кибис-кирдээх ытыстарын нэлэтэн, Саргыны кууһа түстэ уонна бүтүннүү дьаар сыттаах уоһунан оройуттан сыллаан ылла. Онтон сонун кэттэ уонна тула эргим-ургум көрөөт:
-Оттон бэргэһэм ханна баарый?-дии-дии арбайбыт баттаҕын имэринэн көрдө.
Аттыгар саҥата суох табахтыы турбут Туолук ыгдах гынна.
-Ээ, баҕар, бу акаары төбөтө тоҥнун диигит дуу? Ок-сиэ, Мааса кыыс былгыйан таҕыста дии. Кэл эрэ, Мааса, миигин тыллаах чобуо уоскунан уураан ыл, оччоҕуна, баҕар, ойох ылыам, эмис диэн сириэм суоҕа,-ааһан иһэр дьахтары Сиимэ сиирэ-халты харбыалаабыта буола-буола, тииһэ суох айаҕынан күлэн арсайда.
-Баҕайы, эҥин араас буолан…-дьахтар кыйаханан өрө хабылла түстэ да, улаханнык туох да диэбэтэ, иһигэр тугу эрэ ботугураат, дьалты хаама турда.
-Мин дьиэбэр баар бэргэһэ, бардыбыт,-Саргы соруктаах аҕайдык Сиимэни өтөрү-батары көрөн кэбистэ.
-Ээ, сөп, хотунум да чугас эбит дии. Хата, ыҥырар буоллаххына, барсан бөҕө буоллаҕа. Миигин ким да дьиэтигэр ыҥырбат ээ. Бары үүрэллэр эрэ. Оннооҕор уулуссаҕа утары иһэр буоллахпына нөҥүө куоталлар. Көрдүҥ, бары “Баҕайыттан” атыннык ааттаабаттар. Оннук киһибин, Саргы, мин, арыгыһыт, итириксит, бу нэһилиэккэ баппат, бүтэһик киһибин. Онтон хайдах эрэ иэҕэс гынаат, Саргыга чугаһаан, дьахтар кулгааҕар:
-Ол гынан баран Дьөгүөртэн били аспыттан көрдөө эрэ. Табаарыһым бүтэһик аһыттан амсайыам этэ буоллаҕа, — сибигинэйэ былаастаан эттэ.
-Баар-баар, бу, Дьөгүөр оҕонньор биэрдэ, -Саргы салапаан бакыатын арыйан, Сиимэҕэ көрдөрдө.
-Хата, тоҕо бэрдэй? Ол иһин Дьөгүөр оҕонньор быраатын умнуо буоллаҕай? Хайаан матарыай? Чэ, бардыбыт,-диэт, дьахтары окумалыттан ылан, ыллаан киҥинэйэ-киҥинэйэ, Сиимэ Лаананы кыбыммытынан таһырдьа таҕыстылар.
Тута олбуор нөҥүө ааһан, Саргылаахха киирэн кэллилэр. Дьахтар Сиимэҕэ:
-Кэтэс эрэ, тур манна, ханна да барыма, билигин тахсыам,- диэт, Саргы сып-сап дьиэтин иһигэр дьылыс гынан хаалла. Дьонун эргэ малларыттан хасыһан биир эргэ чомпой бэргэһэни кытта тииҥ истээх үтүлүгү булла. “Хата, таах курсуйа сытыахтааҕар Сиимэ кэттин” дии санаат, дьахтар таҥастарын туппутунан таһырдьа таҕыста.
Тахсыбыта, Сиимэтэ ону-маны олоотообута буолан, тэлгэһэ иһигэр хаама сылдьар эбит.
-Туох ааттааҕы көрдүҥ бу?-Саргы саҥа аллайда.
-Эр киһи илиитэ суоҕа биллэр эбит, куоракка барыаххытыттан олбуоргут олох өтөхсүйээри гыммыт дии. Дьиэҕит акылаатын көтөхтөрүөххэ наада буолбут, ол уонна ампааргыт муннуга арҕаа диэки иэҕэйбит,-Сиимэ дьоһуннаах аҕайдык ыйан-кэрдэн барда.
-Хата, өйгүн-төйгүн булан көтөхтөрөөр, Сиимэ. Билигин эн дьиэҕин баран көрүөххэ,-Саргы ып-ырааһынан Сиимэ диэки көрөн кэбистэ.
-Мин дьиэбэр даа?-Сиимэ итэҕэйбэтэхтии хос ыйытта.
-Эн-эн. Ол киһи сылдьыбат ыалаҕын дуу?-дьахтар соһуйбута буолла.
-Ол мин куһаҕан дьиэбэр үтүө дьон мээнэ үктэммэт буоллаҕа. Бэйэм курдук иһэр-аһыыр, арыгыһыт табаарыстар биирдэ эмэ охсуллан ааһаллар. Ээ чэ, арай, оҕобун көрдөрүөм, кырдьык даҕаны. Бачча кэлбит киһиэхэ. Куорат мааны дьахтара манна үктэнэриҥ да ахсааннаах ини. Кэллэххинэ да миигинньик дьоҥҥо сылдьыбат буоллаҕыҥ.
Маннык син ону-маны ылахтаһан, дьахтардаах эр киһи сотору уулуссаҕа тахсан, Сиимэлээххэ чугаһаан истилэр. Арай тимир соппулуоттаах улахан дьиэ аттынан ааһан истэхтэринэ, биир улахан арбайбыт ыт баргыатаабытынан ыстанан таҕыста, аһыыларын килэппитинэн, киҥнээхтик үрэ-үрэ, түһээри, тула холоруктаан барда.
-Уай!-диэн сарылаабытынан, уолуйа куттанан Саргы Сиимэ кэннигэр түстэ. Сиимэ улаханнык үөгүлээт, ыты ойоҕоско тэптэ. Ыт тииһин килэтэ-килэтэ ырдьыгынаабытынан туора ыстанна. Ити икки ардыгар Сиимэ уулуссаҕа сытар улахан ураҕас маһы харбаан ылаат, маҕыйа түһэн баран, ыкка кыыратта. Биирэ син, киһи эрэ буоллар, куттана быһыылаах, баргыйа-баргыйа ырааҕынан куота тэйдэ.
-Сүөһү ыта баара, куруук киһиэхэ түһэ сатыыр. Көр, кини кытта сэнэбиллээх. Ыт үкчү хаһаайынын курдук буолар дииллэрэ кырдьык эбит. Биһээл Бааска ыта ити. Дьонуттан көрөн үрэр эмиэ. Эн соҕотох ааспытын буоллар, букатын да наадыйыа суоҕа этэ, мааны дьахтарга,-дии-дии аҕылыы-аҕылыы Сиимэ сиргэ чохчос гынна.
-Эс, хайдах ол? Ытырыык быһыылаах дии? Тоҕо баайбаттар?-Саргы итэҕэйбэтэхтии ырдьыгыныы-ырдьыгыныы ыраатан эрэр ыты батыһа көрөн турда.
-Тоҕо баайыахтарай? Оҕону, дьахтары, үчүгэй дьону үрбэт. Биһигинньиктэри, куһаҕан дьону “сиэн баҕарар”. Ыт да билэр. Ыт ытырбыт ытын ыт ытырар дииллэр батта. Хата, бу аспын хампы быраҕа сыстым дии, бу иэдээни,-Сиимэ эмиэ күлбүтэ буолаат, салапааннаах арыгытын хоонньугар угунна.
Сотору дьахтардаах эр киһи батысыһан Сиимэлээх олбуордарыгар киирэн кэллилэр. Урут бу тэлгэһэҕэ Денискэ, Сиимэ буолан элбэхтик сылдьыбыттара, ол эрээри биирдэ да дьиэ иһин өҥөйөн көрбөтөхтөрө. Тоҕо диэтэххэ, Сиимэ ийэтэ Настаа дьиэтигэр дьон сылдьарын букатын сөбүлээбэтэ. Ааннара иһиттэн куруук олуурдаах, түннүктэрин сабыыта күнүс-сарсыарда сабыылаах буолар этэ.
Сиимэ ийэтин Настааны, былыр пиэрмэҕэ үлэлии, хотуттан ускул-тэскил соҕус сылдьар дьахтары батыһан кэлбит, тулаайах дьахтар дииллэрэ. Үөрэҕэ суох, Саргы бэйэтин өйдүөҕүттэн оскуолаҕа муоста сууйааччынан үлэлиирэ. Хаһан да үөрбэт-көппөт, дьону кытта улаханнык айах атан кэпсэппэт тоҥуй дьахтар этэ. Уола оскуолаҕа киириэҕиттэн аны сүһүөх ыарыһах буолан хаалан, эрэй бөҕөнөн Сиимэтин улаатыннарбыта. Саатар, бэйэтэ да олус муҥкук буолан, кини туох кыһалҕалааҕын, хайдах олорорун ким да билбэт этэ. Арай Сиимэнэн сылыктаатахха, син ыраас, уолун хоп курдук таҥыннарар, көрөр-истэр быһыылааҕа. Ол эрээри оскуолаҕа мунньахха биирдэ да сылдьыбат, кылаас салайааччытын, учууталлары кытта алтыспат, уолун туһунан сураспат, эгэ, дьиэтигэр сырытыннарыа баара дуо? Суох буоллаҕа. Учууталлар тиийэн тоҥсуйа сатаан баран, кыайан ааннарын аспакка, төттөрү дьиэлииллэрэ. Ыалдьар буолуоҕуттан үлэтиттэн уурайан, дьиэтин иһиттэн олох быкпат буолбута. Тугу аһаан-сиэн, таҥнан олорбуттара буолла? Арай оччолорго эдэрчи Дьөгүөр кэргэнинээн Суоппуйалыын ас-таҥас аҕаллахтарына, аккаастаабакка, син ылар этэ. Онон кыра кээмэйдээх инбэлиитин биэнсийэтинэн уонна Дьөгүөрдээх көмөлөрүнэн син баччаҕа тыыннаах кэлэн, Сиимэ махтаныан махтанар. Икки сыл Сиимэ маҕаһыын халааһыныгар холуонньаҕа да баран кэлэригэр, Дьөгүөрдээх кэлэ-бара көмөлөһөллөрө.
Ол эрээри уола оскуолатын бүтэрээтин кытта, Настаа эрэйдээх букатын сытынан, устунан биир сыл иһигэр өлөн хаалаахтаабыта. Онтон бэттэх Сиимэ бу дьиэтиттэн харыс да сири халбарыйбакка олорор. Доруобуйатынан сыыйыллан хаалан, аармыйаҕа ылбатахтара. Уол үөрэҕэр эмиэ мөлтөх буолан, салгыы ханна эрэ баран үөрэнэр туһунан толкуй киирбэтэҕэ даҕаны.
***
-Чэ, киир, Саргы. Сиргэммэт инигин оттон. Урут да судургу майгылаах этиҥ ээ, атын кыргыттарга холоотоххо. Ол эрээри баччааҥҥа дылы хайдах кэргэн тахсыбакка сылдьаҕын?-Сиимэ кэннин хайыһан Саргыны кыҥастаспыта буолла.
-Чэ, ээх, эн да ойохтонон чэчирээбитин суох дии,-Саргы бу сылларга үгүстүк этиллэр, ордук ыарыылаах сирэй-харах анньыытын аны холуочук киһиттэн, Сиимэттэн истэн, хайдах эрэ ис-иһиттэн кыйаханан кэллэ. Аата, соруйан ыал буолбатыгар дылы.
-Мин чэ бардым, Денискэни кытта быраһаайдаһыам этэ. Дьөгүөр оҕонньор көрдөһөн бу эйигин атаардым. Кыра оҕо буоллаххыный? Күнү быһа маннык эйигин ньээҥкэлэһэр санаа суох. Барытын өйдүүгүн дии. Аскын аһаа уонна утуйан хаал,-диэт, Саргы дьиэҕэ киирбэккэ даҕаны, аантан төннүөх курдук дугдуруҥнаата.
-Эс,оттон мин эйиэхэ оҕобун, кыыспын көрдөрүөм диэбитим дии. Кыра аайыттан өһүргэннэххиний? Кыратык олорсо түс, эйиэхэ тугу эрэ кэпсиэхпин баҕарабын. Миигин манна истэр да киһи суох. Мээнэ дьоҥҥо уонна, бу да сырыттарбын, ону кэпсиир санаа суох ээ,-Сиимэ бүтүннүү бар түү сирэйигэр били күлэн ымаҥныы турбута ханан да суох буолла. Эмискэ хараҕа ууланан кэллэ, дириҥ, далай чүөмпэтигэр туох эрэ киһини олус долгутар, ыарыылаах бүгэн сылдьарын, Саргы бүтэйдии сэрэйдэ.
-Чэ-чэ, киһини оннук-маннык диэбэт буоллаххына, кыратык олорсуом даҕаны. Учча, тоҥороору гынныҥ, киириэххэ, -Саргы Сиимэни тоҥолоххо аста, биирэ үөрэн сэгэс гынаат, дьиэтин аанын хап-сабар арыйа оҕуста.
Дьиэҕэ киирэн кэлбиттэрэ, биллэн турар, амырыын сыт-сымар, сууллубатаҕа ырааппыт дьиэ-уот, иһит-хомуос, онно-манна ыһыллыбыт күөдэл таҥас-сап. Хас да эргэ ыскаап, олоппос, биир кирдээх дьыбаан дуома баар. Куукуна түннүгүн тааһа суох, онно түүтэ бурхайбытынан эргэ сыттык курдары анньыллыбыт.
-Чэ, оҕо сааһым табаарыһа, Саргычок киир, сыгынньахтан. Дьиэ сылаас. Соҥҥун итиннэ көхөҕө ыйаа. Бу биир ыраас соҕус олоппос баар. Манна олорунан кэбис. Бу остуолу начаас,-дии-дии аҕыйах кирдээх иһит-хомуос баарын Сиимэ туора хаһыйда. Туох да киһи аһыах айылаах аһа-үөлэ баара көстүбэт. Хата, сибиэһэй соҕус килиэп баарын, эр киһи ыскаабыттан ороон таһаараат, кырбаан, тимир тэриэлкэҕэ остуол ортотугар ууран кэбистэ.
-Хата, бу оһоххо сылаас чэй баар. Мантан иһэр инигин,-Сиимэ кирдээх, лаҕыыр буолбут таас, тутааҕа суох чааскыга чэй кутта.
Саргы Сиимэ тугу гынарын кыраҕытык кэтии олорон, эмискэ хараҕа дьиэ истиэнэтигэр хатана түстэ.
-Хайаа, бу кыыһыҥ дуо? Сааһа хаһа буолла?-Саргы олорбут олоппоһуттан туран, истиэнэҕэ чугаһаан кэллэ.
-Аһа, мин кыыһым, аата Күннэй диэн. Быйыл кыһын уон биэһин туолар. Улаатан-улаатан, “мадам” буолан эрэр,-Сиимэ киэн туттубуттуу, таас араамалаах хаартыскалары биир-биир тууран ылан Саргыга уунна.
-Ханна баарый? Ким эрэ курдук дии. Ийэтиҥи быһыылаах ээ. Эйиэхэ наһаа майгыннаабат дии,-Саргы араастаан туттубут-хаптыбыт, кэрэчээн кыыс хаартыскаларын сыныйан көрө турда.
-Оннук ини. Ийэтин дойдутугар баар. Чэ олоруох. Үнүр атастарым киирэн оҕом хаартыскаларын тыытан, улаханнык кыыһырсан турабыт. Түмүгэр ол түннүгүм алдьанна,- Сиимэ күлбүтэ буолла да, бу сырыыга туох эрэ курус тыын баара, биллэн ааһарга дылы гынна.
Сиимэ иһит арыгытын бэрт түргэнник арыйан, үөрүйэх баҕайытык туттан, тимир кыра чааскыга кутан кылыгыратта. Саргыга кутуох курдук гынан иһэн:
-Ээ, арба,эн маннык аһы аһаабат киһи буолуоҥ ээ, -диэтэ.
-Суох. Аһаабаппын, ама?-Саргы сөбүлээбэтэхтии, Сиимэ диэки ыйытардыы көрөн кэбистэ.
Сиимэ онно соччо улаханнык аахайбакка, ыксыы-саарайа чааскытын ылан “чэ, Денис анараа дойдуга этэҥҥэ сырыттын” диэт, антах диэки анньан кэбистэ.
Сотору Сиимэ айаҕа аһыллан, оҕо сааһын көрдөөх да, курус да кэмнэрин ахтан-санаан барда. Саргы сороҕун син өйдүүр, сороҕун саҥа истэн сонньуйа, арыт мичээрдии, истэн олордо. Сиимэ барахсан Денискэҕэ, туох диэбит иһин, “эрэллээх саллаата” буоллаҕа. Күүһүнэн да, өйүнэн да баһыйтарар буолан, Денис биир да тылыттан тахсыбат этэ. Оннооҕор маҕаһыын халааһыныгар соҕотох балыллан барбыт дии. Оннук ууга түс диэтэххэ ууга түһэр, уокка киир диэтэххэ уокка киирэр олус бэриниилээх уонна эрэллээх табаарыһа буоллаҕа.
-Денис эн санааҕар табаарыһыҥ этэ дуу, доҕоруҥ этэ дуу?-Саргы эмискэ тоҕо маннык ыйыппытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла.
-Оҕо сылдьан доҕорум дии саныыр этим, онтон кэлин санаатахха табаарыс да буолбатаҕым буолуо. Саллаата буоллаҕым, көннөрү. Наада буоллаҕына мииигинэн буруйун сабынар, сөбүлээбэтэҕинэ охсор-тэбэр, балыйар. Бу кэлин куораттан тахсан, “кэл” диэ эрэ кэрэх, өлөөрү да сытар буоллахпына барыах курдук этим, тугу эппитинэн эмиэ сылдьарым,-Сиимэ хайдах эрэ ыараханнык үөһэ тыынна.
-Хата, Дьөгүөр оҕонньор барытын сэрэйэр этэ. Ол иһин биһиэхэ көмөлөһөрө, ийэбин да аһынара буолуо. Миигин олоҕун устата биирдэ да мөхпөтөҕө. Хаайыыга да барбыппар кини эрэ миэхэ көмөлөһөрө, ийэбэр эмиэ. Миигин көрүстэҕинэ билигин да тугу эмэ үчүгэйи этэр, сүбэлии сатыыр. Ону мин улаханнык истибэт дууһа буоллаҕым. Аҕалаах буолуохпун оҕо сылдьан наһаа баҕарар этим. Уолаттарга ымсыыран да биэрэрэрим. Оннооҕор били аатырдар Сэбиэскэй аармыйа күннэрин абааһы да көрөр этим. Саатар, учууталбыт сылын ахсын аккырыыкка оҥотторор этэ дии. Бара сатаан, ол иһин Дьөгүөр оҕонньорго биэрэрэрим. Оҕолор да күлүү гыналлара, “аҕаҥ суох эрээри тоҕо сымыйанан оҥороҕун” дииллэрэ. Биирдэ ол иһин ыксаан, ийэбиттэн кэлэн аҕам туһунан сураспытым. Ол күн ийэм миигин оронтон турбат буолуохпар дылы күүскэ таһыйбыта. Уопсайынан, ийэбиттэн мин биир истиҥ сыһыаны билбэккэ улааппытым. Төрөппүт буруйугар эрэ диэн көрөр-истэр быһыылааҕа. Хата элбэхтэ мөҕүллэр, таһыллар этим, куруук бэйэбин өйдүөхпүттэн “баҕайы, аҕаҥ курдук хаайыылаах, арыгыһыт буолуоҥ” диирэ. Ыраламмытын хоту оттон бу олордоҕум. Кэлин аҕам буолуохсут, бокуонньук Кирилэ, ийэбин күүһүлээн мин бу күн сиригэр баар буолбуппун дьонтон истибитим. Ол эрээри ийэбин туох да диэбэппин. Хайыам баарай, дьылҕам маннык буоллаҕа эрэ диирбэр тиийэбин.
-Оо, кырдьык даҕаны, Кирилэ аҕаҥ эбит дуу? Саҥа иһиттим. Дьэ, сүрдээх киһи быһыылааҕа дии. Хаста-хаста хаайыыга киирэн тахсыбыта буолла? Оттон кэргэннэнэн баран тоҕо арахсыбыккыный? Бачча үчүгэй оҕолонон игин баран,- Саргы Сиимэ кырдьыгын барытын истиэн баҕарар санаата баһыйан кэллэ.
Сиимэ ити икки ардыгар иһитин аҥара буола оҕуста. Утаппыттыы түргэн-түргэнник арыгытын кэтэрдэ олордо. Онтон Саргы ыйытыытын истэн баран, биир чааскыны эмиэ антах диэки анньан кэбистэ.
-Ол эмиэ туспа остуоруйа. Манна сүүрбэ биэспэр-алтабар быһыылааҕа, нэһилиэккэ баспытааталынан үчүгэйкээн бэйэлээх Клара диэн кыыс кэлбитэ. Мин дьэ ол кыыһы көрдө көрөөт таптаан сор бөҕө буоллум ээ. Бэйэм бэйэбиттэн сөхтүм. Ол сыл букатын арыгы диэни испэккэ, көнөр суолга туруннум. Аны хаһан кыыһы кытта билсибитим баарай, син онно-манна көрсөр этим даҕаны, саараама биир тылы өҕүтэн билсибэппин. Кыбыстарым туох да сүрдээх. Маннык сырыттахпына куораттан Саҥа дьыл кэннэ Денис дьонугар кэллэ. Оччолорго кини номнуо кэргэннээх, икки оҕолоох этэ. Көрсүспүччэ эмиэ оттон аһааһын-сиэһин буоллахпыт дии. Онно мин дьэ Клараны таптаан эрэйдэнэ сылдьарбын кэпсээн биэрдим. Денис истээт да, тута өрүкүйэн аҕай турда. “Доҕорбун хайаан да билсиһиннэрэбин, ыал оҥоробун” диэтэ да, миигин өйдөнөр бокуой биэрбэккэ, кыбыммытынан эдэр кыргыттар уопсайдарыгар тиийдибит. Соһуйуом быатыгар, кыргыттар Дениһи көрөөт, тута ааннарын аһан киллэрэн, билсэн, кэпсэтэн бардылар. Денис миэхэ холоотоххо, хомпоруун хотой буоллаҕа, мин барахсан ханна эрэ муннукка, сохсоллубут тураах оҕотун курдук саҥата суох олоробун. Сотору бары аны кулуупка дискотекаҕа барабыт диэн турдулар. Били кыыс билсиһиннэриэхтээх Дениһым Кларабыттан бэйэтэ арахпат. Санаабар оттон миигин билсиһиннэрэригэр түгэн көрдүүр курдук. Кулуупка да тиийэн Денис Кларалыын үҥкүүлээтилэр. Мин ыксаан Денискэ тиийэн “хайа, хаһан билсиһиннэрэҕин?” диибин, киһим “ыксаама, билсиһиннэриэм” дии-дии куота-тэйэ сылдьар.
Сотору Денис өрөбүллэрэ бүтэн куораттаата. Миигин Клараны кытта соннук билсиһиннэрбэтэ. Күн-дьыл ааһан истэ.
Арай биир үтүө күн Денис куораттан таҕыста. Идэтинэн миигин эргэ дьиэтигэр ыҥырда уонна кэпсэтии баар диэтэ. Мин үөрдүм аҕай, Кларалыын дьэ билсиһиннэрээри гыннаҕа дуу диэн. Дьиктиргиэм иһин, тиийбитим, дэлби ытаабыт сирэйдээх Клара уонна Денис утары көрсөн баран олороллор эбит. Мин да оттон оннук далай акаары буоллахпыный? Бу дьон икки ардыгар туох эрэ баарын сэрэйдэҕим дии. Денис киирээппин кытта тута:
-Сиимэ, эн Клараны сөбүлүүгүн дии?-диэтэ.
Мин соһуччута бэрдиттэн иһим түгэҕэр нэһиилэ “ыых” диэн баран, кыбыстан умса көрөн кэбистим.
-Оччотугар маннык. Клара миигиттэн оҕо күүтэр. Мин кэргэн ылар кыаҕым суоҕун бэркэ диэн билэҕин дии. Ол иһин эн Клараны кэргэн ыларын ордук уонна сөп курдук. Клара эмиэ утарбат. Сөбүлэһэр буоллаххына сарсын Клара дьонугар кэргэн кэпсэтэ барабыт. Сыбаайба эҥин оҥорор буоллаххытына көмөлөһүөм. Оҕолонноххутуна Сиимэ бэйэҥ аннынан сурунуоҥ буоллаҕа, мин харчынан, аһынан эмиэ көмөлөһүөм,-диэн баран Денис мин диэки тонолуппакка көрөн олордо.
Мин истибиппин итэҕэйиминэ мэктиэтигэр хараҕым туймааран ылла. Бу мин сылы сыллаан ыра оҥостубут, таптыыр кыыспар Денис оҕо оҥорбут уонна өссө сааппакка кэргэн ыл диир. Испэр итии хааным оргуйан, хатаннык часкыйарга дылы гынным, онтон таспар Клара ытаабыт харахтарын көрөөт, тута олус аһынным уонна:
-Клара утарбат буоллаҕына кэргэн ылабын, -диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
-Чэ, бэрт, доҕорум ол иһин сөбүлэһиэ дии олоробун ээ, киһини түһэн биэрбэт буоллаҕыҥ. Бу кэпсэтиини уонна кимиэхэ да кэпсээмэҥ,-Денис иккиэммитин хардары-таары өтөрү-батары көрөн кэбистэ.
Субу курдук соһуччу уонна, дэбигис киһи өйдөөбөтүнэн, ыал буолан хааллыбыт. Сыбаайба оҥорон ньиргитиэх санаа букатын кэлбэтэҕэ. Күтүөттүү да тиийбиппэр, Кларам дьоно аан айаҕыттан миигин сөбүлээбэтэхтэрэ, кыыстарын тулаайах, үөрэҕэ суох, кыра-хара уолга биэриэхтэрин баҕарбатахтара сирэйдэригэр-харахтарыгар сурулла сылдьара. Саатар, дьүһүммүнэн даҕаны бүрэ буоламмын, киһи күтүөт оҥосторугар астыга суох эбитим буолуо.
Ол да буоллар, Денис массыынатыгар олорсон иһэн, мин саҕа дьоллоох акаары суоҕа ээ. Оччолорго, эдэрим, кэнэним бэрт буолан, биир соҕотох тапталым барытын кыайыа дии санаабыт муҥум буоллаҕа.
Ол эрээри ыал буолуу оттон оҕо ооннуута буолбатаҕын бэйэҥ да бэркэ билэр инигин. Таптыыр дьахтарыҥ эйигин таптаабата диэн баар ээ. Бу тымныытын, абаккатын ньии… эн диэки биирдэ да эйэргии, таптыы, имэрийэ көрбөт, сылаппат, куустарбат. Куруук дьалты, тэйиччи туттар. Бастаан син кыыспыт төрүөр диэри тулуктаһа сатаабытым. Онтон мин да инчэҕэй эттээх киһи буоллаҕым. Туох да киҥим-наарым хойдор буолбута, устунан арыгыбын иһэн барбытым. Дьиэбэр кэлэн Клараны үөҕэрим, киһим утары тугу да саҥарбат этэ. Баҕар, эмиэ буруйданара эбитэ буолуо. Оттон кыыспын, Күннэйи, олох ис сүрэхпиттэн, оҕом курдук таптаабытым. Чахчы, дьиҥ аҕа тапталынан. Билигин да кинини санаатахпына, харахпыттан уу-хаар баһар, “аҕаа” дии-дии илиитин даллахтыыра бу баарга дылы.
Арай Клара сыһыана миэхэ уларыйбатаҕа. Аҥардас оҕобутунан эрэ иккиэн ыал аатын сүгэн олорбуппут. Денис бастаан эрэ утаа көмөлөһөн баран, кэлин ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ.
Биирдэ кыыспыт үстээҕэр иһэн баран улаханнык айдаарбытым. Клараны баһыттан атаҕар дылы үөхпүтүм. Киниэхэ, эгэ эрэ быһыылааҕа, сарсыҥҥытыгар кыыһын кыбыммытынан дойдулаан хаалбыта. Мин да ааттаһа-көрдөһө барбатаҕым. Онон устунан атырдьах маһыныы араҕыстахпыт ол. Олоҕум остуоруйата итинник, Саргы, бүтэр инэн. Хайа дьоллоохтору дьон таптыыра буолла? Миигин бу күн сиригэр таптыыр киһи да диэн суох. Арай кыыспын, Күннэйбин бэйэм таптыыбын. Улаатан, билигин миигиттэн кыбыстара буолуо. Бэйэм да кыбыстабын. Маннык дьүһүн-бодо буолан сылдьан. Хата, Денис ол да буоллар, көрдөстөхпүнэ кыыһым хаартыскатын ыытар этэ. Ону ити араамалаан туруорабын. Арыт оҕобун кытта ким да көрбөтүгэр кэпсэтэбин. Санаам чэпчииргэ дылы оччотугар. Барахсаным, чоҕулуччу көрөн… саатар, кини дьоллоох буоллун. Бээ, аны уруккуну-хойуккуну санаан бу баҕайы сүрэҕим ытырбахтаан эрэр. Тахсан таһырдьа табахтыахха,-Сиимэ тэмтээкэйдээбитинэн остуолуттан туран кэллэ.
-Чэ, мин барыым дуу, Сиимэ. Чаас, ырааппыт, Дьөгүөр оҕонньор кэтэһэн эрдэҕэ буолуо,-Саргы эмиэ туран таҥныбытынан барда.
-Бар-бар, бары барар эрэ буоллаххыт. Хата, биир иһит арыгыта Дьөгүөр ыыттын эрэ, абырах наада.
-Сөп, этиэм. Эн табахтаан баран утуй, сынньан,-Саргы өссө тугу эрэ этээри гынан иһэн “өйүгэр туох да киирбэтэ”, сымыйанан барыта этэҥҥэ, сарсын үчүгэй буолуо диэҕин туттунна.
Таһырдьа үктэнээт, сөрүүн салгыны эҕирийэ-эҕирийэ, Саргы бэркэ ыксаабыт көрүҥнээх Сиимэ дьиэтиттэн тахсан баран истэ. Ол эрээри санаата буолбакка, олбуор айаҕар тиийээт, кэннин эргиллэн көрдө. Чахчы да, кыната сарбыллыбыт, сохсоллубут тураах оҕотун курдук Сиимэ эрэйдээх барбах эрэ барыҥныы, охтоору гыммыт эмэх мастыы, табах тардыбыта буолан, биир кэм иэҕэҥнии тураахтыыр эбит. Дьахтар хайдах эрэ сүрэҕэ сүр күүскэ аһыс гынна, сүүрэн тиийэн эр киһини кууһан ылан, оҕолуу түһэҕэр олордон эрэ, маккыраччы ытыан, таптал диэни олоҕор биирдэ да билбэтэх соҕотох киһиттэн ийэтин, Денис, Клара аатыттан бырастыы көрдөһүөн баҕарда. Саргы олбуор айаҕар чочумча тэпсэҥнээн ылла.
Ол эрээри ити быстах, кыл түгэнэ санаа олоххо киирбэтэ. “Ээ,чэ баҕайыны, син да туох да уларыйбат” диэт, сапсыйан кэбиһээт, Саргы бэрт ыксалынан аллара, уулуссаҕа киирдэ. Биһээл Бааскалаах тастарынан ааһан истэ. Эмискэ олбуортан били мааҕын аҕай кинилэри сиир сыспыт ыта былтас гынаат, кутуругун куймаҥнаппытынан, саҥата суох төттөрү киирэн хаалла. Саргы соһуйан “уой” диэт, барбах барыҥныыр лаампалаах уулусса устун, халтарыйан охто сыһа-сыһа, түҥ-таҥ түһэн, иннин диэки бара турда.
*Наталия Рязанская*
хаартыска интэриниэт ситимиттэн