Үлэни, үөрэҕи, айар-тутар дьоҕуру, сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлээн табатык туттар киһинэн буолар учуутал. Ону олус чаҕылхайдык учуутал күнүн көрсө Үөһээ Бүлүү оскуолаларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт “Идэм – мин олоҕум” хамаанданан күрэх кыттыылаахтара көрдөрдүлэр.

Бу күрэҕи П.Н.Тобуруокап аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ тэрийэн ыыттылар. Барыта 4 хамаанда ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан, хас биирдиилэрэ кыайыыга эрэллээх кэлбиттэрэ чахчы. Ол курдук, Кэнтик, Балаҕаннаах, Д.С.Спиридонов аатынан 4-с №-дээх уонна И.Бараахап аатынан орто оскуолалар талааннаах учууталлара 5 түһүмэххэ илин-кэлин түһүстүлэр. Учуутал үлэтэ үгүс элбэх отчуоттан, иирбэ-таарба үлэттэн турарын хамаандалар сүрдээх итэҕэтиилээхтик, ол эрэн этэргэ дылы, “быар быстарын” курдук күлүүлээхтик оонньоон көрдөрдүлэр уонна көрөөччүлэр “кырдьык да, мэнээх киһи учуутал буолбат эбит” диэн санааҕа кэлэллэрин ситистилэр.

Бараахап оскуола чиэһин омук тылын эдэркээн учуутала Елизавета Яковлева, историк Николай Афанасьев, эбии үөрэхтээһин педагога Татьяна Игнатьева уонна наставник – педагог-библиотекарь Вера Степановна Спиридонова ис дууһаларыттан кыһанан, өрө көтөҕүллэн туран көмүскээтилэр. Бииртэн биир интэриэһинэй түһүмэххэ биһиги учууталларбыт баай фантазияларын, сытыы тобуллаҕас өйдөрүн, иҥнигэһэ суох юмордарын көрбүт эрэ бары астынна, ис дууһатыттан астына күллэ, ытыс тыаһынан биһирээбитин биллэрдэ. Ону бастакы үрдэллээх кыайыылаах буолбуттара чаҕылхайдык туоһулуур! Түмсүүлээх, биир санаанан салайтарар буоллахха ситиһии кэлэр диэн эрэллээх, Исиидэр Бараахап аатынан орто оскуола улахан үлэһит кэлэктиибэ саҥа үөрэх сылын саҕалаата. Үөрэх, Билии суолун устунан айаммыт алгыстаах буоллун!
Уруй буоллун — Учууталга! Айхал буоллун – Уһуйааччыга! Барҕара турдун Бараахап оскуолата!

Антонина Хобусарова,

И.Н.Бараахап аатынан оскуола музейын үлэһитэ

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше