Киин бибилэтиэкэ ыытар «Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» диэн Үөһээ-Бүлүү улууһугар ойуур баһаарын тохтотор дьоммутугар көмөлөһөр аахсыйа салгыы барар.
«Сделано в Верхневилюйске» диэн брендинэн тахсар илиинэн оҥоһуктардаах самозанятай кыргыттар кыттыһан, анал туттар мал, буортуйбат аһылык, эмп, наскы уонна үлэҕэ кэтиллэр үтүлүктэри тиксэрдилэр.
Бу аахсыйаҕа биир сомоҕо буолан, улууспут олохтоохторун кыттыһаргытыгар, ойуур баһаарыгар үлэлиир дьоммутугар ким туох кыахтааҕынан көмөлөһөн, үлэлэрин чэпчэтиэххэ диэн ыҥырабыт.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат