Ыhыах диэн Саха Саҥа дьылын күнэ уонна сайын, айылҕа тыллыытын бэлиэ күнэ.
Ыһыах ыйа — бэс ыйа. Биэлэри тутан, кымыс көөнньөрөллөр.
Ыһыах туһүлгэтигэр ыраахтан, чугастан кэлбит ыалдьыттар уохтаах кымыһы иһэллэр, үтэһэлээх этинэн күндүлэнэллэр. Илии-атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, оhуохай дьиэрэйэр, ырыа дэлэйэр. Ат сүүрдүүлэрэ ыытыллаллар.
Былыр былыргыттан ыhыах төрүкү күн сайыҥҥы туруутугар буолара, ол эбэтэр бэс ыйын 21–22 күннэригэр. Билигин араас улуустарга, нэhилиэктэргэ уонна сирдэргэ бэс ыйын 10–25 күннэригэр ыытыллар.
Сорох чинчийээччилэр этэллэринэн ыһыах Саҥа сылы көрсүү бырааһынньыга буолбатах — күнү көрсүү, Үөһээҥи Үрүҥ Айыылар сиргэ саамай чугаһаан турар кэмнэригэр түбэһиннэрэн, Үөһээҥи Айыыларга сүгүрүйүү итэҕэл күнэ дииллэр.
Тунах диэн тугуй? Тунах диэн биир күдьүс өҥү этиллэр. Холобура, от-мас силигилээн көҕөрөн турарын «күөх тунах» дэнэр. Күһүн күнү-күннүктээн самыырдаан намылыннатарын «тунаарыйар тунах» диэххэ сөп. Онтон «үрүҥ тунах» диэн үрүҥ ас дэлэйэр кэмин дьүhүйэн этэллэрэ.
Ыhыах күнүн сарсыардатыгар үс титириги (баҕана диэн ааттаах), төбөлөрө хатыйа буолалларын курдук суоттаан, уhуктаммыт төрдүлэрин кырыска батары анньаллар. Хатыйа төбөлөрүн ситиинэн хам баайаллар. Дьэ, ити курдук Тоҕой Сэлэ тэрээhинэ саҕаланара. Ол баҕаналарга үс сытыары сурҕаах мастары баайаллара. Хас да күн көҕүөр симиирдэргэ көөнньүбүт уохтаах кымыhы сири иhиттэргэ саамылаан кутан, оҕуhунан тиэйэн аҕалан сурҕаахтар анныларыгар олордон үөhээннэн сүптүгүр моойдоруттан ыйаан кэбиhэллэрэ.