Бэтэрээннэр үбүлүөйдээх спартакиадалара

«Душа России» бириэмийэ лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа, Ийэ Олоҥхоһут, Алгысчыт, Саха сирин чэпчэки атлетикатын 29 төгүллээх рекордсмена,15  төгүллээх чөмпүйүөнэ, СӨ спордун бэтэрээнэ Кирилл Никонович Никифоров алгыстаах 85 сааһыгар быйылгы бэтэрээннэр спартакиадалара ыытыллар.

Сэтинньи 28-29 күннэригэр үбүлүөйдээх 10-с спартакиадаҕа улууспут бэтэрээннэрэ, аҕам саастаахтарбыт уопсайа 12 көрүҥҥэ күөн көрүстүлэр. Быйылгы сыл көрүҥнэригэр эбии городошный спорт уонна бильярд киирдилэр.

Спартакиадаҕа уопсайа 270 киһи кытынна. Хас биирдии көрүҥнэргэ кичэллээхтик бэлэмнэнэн, тэринэн, күрэхтэһии бэрт тыҥааһыннаахтык ааста. Түмүккэ 1-кы бөлөххө кыайыылааҕынан Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин хамаандата буолла, иккис миэстэҕэ Хоро, үһүс миэстэҕэ Кэнтик таҕыстылар. Иккис бөлөххө Кырыкыйдар бастаатылар, иккис миэстэни Өргүөт, үсүһү Оҥхой хамаандалара ыллылар.

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше