«Олоххо, үлэҕэ туох суоҕай?» улуустааҕы куонкуруска киирбит үлэлэри салгыы билиһиннэрэбит.

“Мин аан бастаан көрбүт – билбит Кэпсэтээрэбим, оччолорго кинини бары Егор Афанасьевынан эрэ билэрбит. Күтүөм, Федор Николаевич Гаврильев, биир киэһэ биэрэккэ хаама баран баран начаас төннөн кэллэ. Түргэн үлүгэрдик “ бэлэмнэнии” кэннэ, Егор Афанасьевы көрсүһүү буолла. Мин онно өйдөөбүппүнэн:” Ханна да сэрии тыына биир дэстилэр.”
Онтон үөрэхпин бүтэрэн, салгыы үөрэххэ бараары хаартыскаҕа түһүү буолла, онно чугастыы Егор Афанасьев түһэрэр диэн буолла. Сарсыарда эрдэ ыҥырда.Мин бардым, тоҥсуйан киирбитим кэргэнинээн чэйдии олороллор,араадьыйа истэллэр эбит.Аҕыйах этиинэн биэриибит бүттэ.Егор Афанасьевич миигин ыҥыран хаартыскаҕа түһэрдэ.” Эбиэт кэннэ ылаар”- диэтэ. Кэлин өйдөөтөхпүнэ “Сэрии тулаайаҕын”
истэллэр эбит. Ол туһунан киэһэ хаартыска ыларбар,кэргэнигэр Мария Степановнаҕа эппиппэр, наһаа истиҥҥик күлэн кэбиспитэ. Уонна күтүөккэр махтан диэбитэ. Дьэ, ити курдук сэмэй, нарын,борустуой дьоннор этилэр Афанасьевтар.”

Биир күн дьылы аһатар

Халлааҥҥа былыт кыырпаҕа да суох. Сырылаччы тыган, күн да күн! Бүгүн биһиги ыалдьыттарбыт Далыр нэһилиэгин Трудовой сайылыктан Осиповтар улахан,иллээх — эйэлээх дьиэ кэргэттэрэ.
Сарсыарда 7 чааска сиэн уол Кындыл :”Ынахтар кэллилэр” диэн тылыттан үс уол Антон, Сергей, Захар ойон туран ынахтарын ыыллар, үүттэрин туттараллар.
Бу кэмҥэ ыал улахан уола Егор туттар сэби – сэбиргэли көрөр, Афоня, Михаил,Семен уонна күтүөттэр Леонид уонна Ариан буоланнар техника көрөллөр – истэллэр.
Икки остуолу хоточчу ас тардан, аһаан баран ходуһаҕа киирии саҕаланар. Үлэ күнүн от охсооччу аҕабыт Михаил Михайлович саҕалаабыта ыраатта. Кини ходуһатын өлгөм оттоох эҥэригэр үктэниитэ,сарсыарда чаһыы 6 – ны саҥардыы ааһан эрэрэ.Билигин сарсыардааҥҥы аһылык аҕыс чааска буоларын билэр буолан чаайдыы тахсар.Онтон салгыы от оҕустара кыра Михаил киирэр. Бу барыта үлэ тохтооботун диэн ыытыллар.
Аҕабыт уолаттарын, сиэннэрин илдьэ ДТ-75 тыраахтырынан от кээһэ барар буолла.Сып — сап аһаан бүтээт уон чааска бука бары сэттэ уол, икки күтүөт икки сиэн ходуһаҕа киирэллэр.Егор кыра кытай тыраахтарынан бугул түгэҕин харбатар, атыттар бары кыдамалыыллар. Күнүс бука бары массыынанан тиэллэн тахсан эбиэттииллэр.
Дьиэҕэ хаалбыт түөрт дьахтар ас астыыртан орпоттор.Хас аһылык аайы, саҥаттан саҥа ас арааһа астанар.Кыра кыыс Зина мип – минньигэс астаах . Онон бу кылгас кэмҥэ кини аһы – үөлү бас билээччи. Сыалаах эттээх, пельменнээх миин, хортуоскалаах тефтель ,сөп — сөрүүн араас утах .Киэһэ эмиэ араас итии аһылыгы кытта араастаан буспут бурдук аһылык.Киэһэлик тахсан аһаат, салгыы от кээһэ киирэллэр.Күннээҕи нуорма 9 от.
Киэһэ өссө биир улахан үлэ – киэһээҥҥи ынаҕы ыаһын. Манна ийэтигэр Антон хаалар. Онтон Кындыл, сиэн уол, тарбыйаҕы, ынаҕы хомуйааччы, үүрээччи, аһатааччы. Күн лаппа киэһэриитэ уонча ынах ыанан бүтэр,ходуһаҕа түөрт арас омук трактора уурайар, суунан – соттон утуйуу, Үс дьиэнэн тарҕаһан сытыы буолар.Туох барыта иһийэр, күнүс оҕо саҥатынан,күлүүтүнэн туолбут кумахтаах көлүөһэ,оҕо – аймах саамай таптыыр батута, барыта иһийэн чуумпуран тураллар.
Бу бэрт кылгас кэм,киһи уһатыан баҕарар да кыаллыбат буоллаҕа. Өссө манна улахан уонна орто кыргыттар кэлэн,төһө да сирэй кыттыбаталлар маҥнай мустууга Шура торт ыытан, онтон салгыы туох наадатын Ара хааччыйан үлэ күүрээннээхтик барар.Шуралаах бэйэлэрэ сүөһүлээх астаах ыал, хата үлэ кыаллыбатаҕына мантан баран иһэн биир эмит уол көмөлөһөн ааһыахтара.
Дьылын аайы,күнүн ахсын маннык күлүмүрдэс күн күндээрэ тыгыахтын, хас киһи ахсын мин сахабын диэн санаа күөдүпчүлэнэ сылдьыахтын, күрдьүгэс күрүөтэ от күрүө аайы томтойдун, сыалаах – хоргуннаах эт сайыннары дэлэйдин, сүөгэй ,күөрчэх ыал аайы баар буоллун быһата саха ыала барыта нус бааччы,уу нуурал олохтонуохтун!
Кэпсэтээрэптии түмүгэр киһи күлэр да сэргиир да сыыппаратын быһа тутан таһаарабын: бастаан сайылыкпытын буларбытыгар аҕабыт биһикки иккиэйэх этибит.Онтон билигин алта уонтан тахсабыт. Тоннаттан ордук ыйааһыннаахпыт, икки биэрэстэттэн ордук уһуннаахпыт.
Төһө да бары тустаах үлэлээх – хамнастаах буолларбыт, түмсэн ыларбыт кэрэтин эбитин. Аны идэһэ өлүөр дылы диибит.

Валентина Осипова,

Трудовой олохтооҕо, Далыр

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше