Манна кыттыыны дьүүллэһэр сүбэ мунньах балаҕан ыйын 24 күнүгэр буолан ааста. Бу ППМИ нэһилиэк олохтоохторун үлэҕэ кыттыһалларыгар көҕүлүүр, эппиэтинэстиир, мунньар кэскиллээх программа буолар.
ППМИ программатын туһунан «Боотулуу нэһилиэгэ» МТ баһылыга Саввинов П.А. билиһиннэрдэ. Түмүктүүр мунньахха уопсайа 90 киһи кыттыыны ылла. Эрдэ ыытыллыбыт ыйытык түмүгүнэн, хас да кыһалҕаттан талан, үс бырайыактан талан куоластыахха диэн этии киирдэ. “Ыһыахтыыр сири оҥоруу”, «Сэрии бэтэрээннэрин памятнигын саҥардыы» уонна “Боотулуу суолун эрэмиэнниир үлэ » ППМИ бырайыагар кыттарга быһаарыллыбытын иһитиннэрдэ.
Мунньах түмүгүнэн Боотулуу суолун эрэмиэнин бырайыага 73 куолаһы ылан кыайыылаах таҕыста.