Быракаан — сайдыы суолунан

«Олох тыа сириттэн саҕаланыахтаах, куораттан итэҕэһэ суох оҥостон олоруохтаахпыт» диэн баһылыкпыт Владимир Поскачин «Тыа сирин парадигматыгар» этэн турардаах. Биһиги нэһилиэктэрбит олохтон хаалсыбакка тэбис-тэҥҥэ үүнэллэр-сайдаллар. Маныаха Саха сирин бырабыыталыстыбатын, үп-харчы министиэристибэтин бырагыраамалара төһүү күүс буолаллар.

 

Улуустан тэйиччи сытар Быракаан нэһилиэгин холобурга киллэриэххэ сөп. Манна аҕыйах сыл иһигэр элбэх үлэ ыытылынна, дьон-сэргэ уйгулаахтык олороругар улахан болҕомто уурулунна. Холобур, Быракаан нэһилиэгэ 100% ититэр ситимҥэ холбонон, нэһилиэнньэ оһох оттор, мас бэлэмниир кыһалҕатын умнан олороллор.

Бэрт соторунан олохтоохтору өссө биир үөрүү кэтэһэр, «Хаарбах дьиэттэн көһүү» бырагырааматыгар киирсэннэр, икки  4 кыбартыыралаах уопсай дьиэлэр олохтоохторо сабыс-саҥа 2 этээстээх мас дьиэҕэ көһөн киирээри бэлэмнэнэллэр. Онон, Саҥа дьылы саҥа дьиэҕэ көрсөр сүпсүлгэнигэр сылдьаллар. Бу үлэ хаамыытын уонна да атын үлэ туһунан Быракаан нэһилиэгин баһылыга Алексей Арсентьевич Оконосов кэпсээтэ

— Быйылгы үлэбит туһунан билиһиннэрдэххэ, Үп-харчы министиэристибэтин бырагыраамаларынан икки бырагыраамаҕа хапсыбыппыт. Улууспут көмөтүнэн икки муоста тутулунна. Үп-харчы министиэристибэтин бырагырааматынан ДТ-75 тыраахтыр ылыахтаахпыт. Нэһилиэкпитигэр саҥа культурнай-спортивнай комплекс тутулла турар. Онно анаан тротуар плиткаларын уура сылдьаллар. Ититии ситимэ киирдэҕинэ ис үлэтэ ыытыллыахтаах. Кэлэр сыл олунньутугар үлэҕэ киириэ диэн былаанныыбыт.

Нэһилиэк иһинээҕи суолун өрөмүөнэ ыытылынна. Сайыны быһа ардах бөҕө түһэн, ол дьаамалаах сирдэрин көннөрөн, тэҥнээн биэрдибит. Нэһилиэк олохтоохторо 100%  киин ититэр ситимҥэ холбоннулар. Социальнай бырагырааматынан 20-тэн тахса ыалга субсидия ылалларыгар көмөлөстүбүт. Уопсайынан, улуу Россия көмөтө сүҥкэн диэн бэлиэтиибин, маннык бырагыраамалар киһи олоҕо сайдарыгар олус көмөлөһөллөр. Биһиги, быракааттар, элбэх көмөнү туһанныбыт – учууталлар олорор уопсайдарын өрөмүөнүгэр, футболлуур, ыһыахтыыр сирдэр, саҥа  саҕалааччы фермердарга икки хотон тутууларыгар.

Нэһилиэккэ оскуола, саҥа үлэҕэ киирэр уопсай дьиэ, культурнай-спортивнай комплекс толору хааччыллыылаах буоланнар, олох ирдэбилинэн, кэлэр сылга туттуллубут отходу тоҕор сири оҥоруутугар бырагыраама бэлэмнии сылдьабыт. Олохтоохтор бары үлэҕэ кыттыһар, өйүүр буоланнар биһиги нэһилиэкпитигэр үлэ күүстээхтик барар.

 

Мария ВАСИЛЬЕВА