Мин бүгүн Дүллүкү нэһилиэгин “Дорҕоон” эр дьон ырыа бөлөҕүн туһунан кэпсиэм. Бөлөх салайааччыта Михаил Иванович Тарасов – СР-га ОДьКХ бочуоттаах үлэһитэ, Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Республикаҕа художественнай самодеятельность сайдыытыгар кылаатын иһин», “Республикаҕа ОДьКХ ГУП 20 сыла” бэлиэлэр, “Килбиэннээх үлэтин иһин” СР профсоюзтарын Федерациятын мэтээлин хаһаайына.
Кини 1958 с. олунньу 18 күнүгэр Дьоруой Ийэ Тарасова Мария Сергеевна дьиэ кэргэнигэр иккис оҕонон, бастакы уолунан төрөөбүтэ. Дүллүкү оскуолатын 8 кылааһын, ол кэннэ Далыр орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрээт, 1975 с. Үөһээ Бүлүү оройуонун Намнааҕы СПТУ-га тракторист идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. 1976 с. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, Хабаровскай кыраайга танковай полкаҕа сулууспалаабыта. 1979 сыллаахха, армия кэннэ, төрөөбүт дойдутугар кэлэн, муус устарга киномеханик идэлээх Любовь Николаевнаны көрсөн, эдэр дьон сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, ыраас тапталларын холбоон, алаһа дьиэни тэриммиттэрэ. Быйыл ыал буолбуттара 45 сыллара буолар. Тарасовтар икки уол, үс кыыс оҕолордоох иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн, билигин элбэх сиэн, хос сиэн кинилэр үөрүүлэрин үрдэтэллэр.
— Үтүө күнүнэн, Михаил Иванович! Биир дойдулаахтарбыт, Саха сирин араас улууһун олохтоохторо, эһиги бөлөҕүнэн ыллыыргыт социальнай ситимҥэ тарҕаммытын көрөн, улаханнык хайҕаатылар, сэҥээрдилэр. Онон бүгүн бу бөлөх тула кэпсэтиэххэ. Бөлөҕү хаһан, хайдах тэрийбиккиний, туох ситиһиилэрдээххитий, тыа сирин элбэх түбүктээх ыал аҕалара хайдах бириэмэҕитин аттарынан эрчиллэҕитий, араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттаҕытый?
— 1981 с. Үөһээ Бүлүү оройуонун Намнааҕы СПТУ-га суоппар идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Үөрэнэр кэммэр уопсайга старосталыырым. 1982 с. үөрэхпин бүтэрэн, “Дүллүкү” совхоз отделениетыгар үлэбин суоппарынан саҕалаабытым, онтон рабкоопка үлэлээбитим. 40-тан тахса сыл ОДЬКХ тэрилтэтигэр үлэлиибин. 2002 с. Үөһээ Бүлүү улууһун ОДьКХ Дүллүкүтээҕи филиалын маастарынан анаммытым. 2019 с. “ЖКХ “Альтернатива” тэрилтэҕэ бэриллэн үлэлиибит. Котельнайбыт таас чоҕунан оттуллар.
2002 с. аан маҥнай бөлөх тэринэн, оройуоҥҥа ОДьКХ ыһыаҕар ыллыы киирбиппит. Бастаан ыллыырбытыгар 13 хачыгаар эр дьон буолан саҕалаабыппыт: Тарасов Михаил, Чоросов Валерий, Чоросов Алексей, Чоросов Эдуард, Васильев Макар, Лазарев Анатолий, Дорофеев Руслан, Дорофеев Петр, Егоров Юрий, Аталларов Илларион, Бочетов Михаил, Акимов Михаил, Романятов Владимир. 2 ырыаны ыллаабыппыт. Ол кэмҥэ Үөһээ Бүлүү оройуонун баһылыгынан Донской Михаил Михайлович үлэлиирэ. Биһиги ыллыырбытын истэн баран “Дүллүкүлэр бу тоҕо сүргүтүй, биэс куолаһынан ыллыыгыт”, — диэбитэ. Мантан тэптэрэн, хачыгаар уолаттар ансаамбыл тэринэн ыллаан барбыппыт. Нэһилиэкпит кэнсиэртэригэр, ОДьКХ тэрээһиннэригэр кыттабыт. Быраатым Чоросов Михаил Гаврильевич Дүллүкү кулуубугар директорынан, Данилова Маргарита Пантелеймоновна худругунан үлэлии сылдьар кэмнэрэ этэ. Онно: «Дуораан» диэн ааттанын», – диэн Маргарита Пантелеймоновна этии киллэрбитэ. Ол курдук, сүбэлэһэн баран, «Дорҕоон» диэн ааты ылыммыппыт. Дьэ, уонна улуустааҕы, регионнааҕы, республикатааҕы күрэхтэргэ кыттан барбыппыт. Бу ааты ылынан ыллаабыппыт 21 сыл буолла. Ордук сөбүлээн олохтоох мелодистар Михаил Чоросов, Эдуард Чоросов уонна Александр Михайлов «Кэрэчээнэ» ырыаларын уонна Сахабыт сирин аатырбыт мелодистара Аркадий Алексеев, Анастасия Варламова, Алексей Калининскай ырыаларын толоробут.
«Дорҕоон» ансаамбылынан араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан, кыайыы, үөрүү үлүскэнин билбиппит. Ону туоһулуур элбэх наҕараадалардаахпыт, олортон сүрүннэрин ааттаатахха: 2010 с. патриотическай ырыа күрэҕэр Гран – при, Улуу Кыайыы 65 сылын көрсө «Алмаастыы күлүмнээ, Кыайыы күнэ!» нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы художественнай самодеятельность фестивалыгар лауреат, Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 380 сылын көрсө ыытыллыбыт республикатааҕы «Поющее мужское братство» хоровой искусство фестивалыгар «Толорууга үрдүк маастарыстыбаларын иһин мастерство» номинацияҕа 2-с степеннээх лауреат уонна эмиэ бу фестивальга «Олохтоох ааптардары киэҥ эйгэҕэ таһаарыы иһин» номинацияҕа дипломант; 2011 с. миэхэ «Үөһээ Бүлүү улууһун общественнай тэрилтэтин бастыҥ салайааччыта» аат иҥэриллибитэ; 2014 с. «Ыллаа – туой эр хоһуун» эр дьоҥҥо Бүлүү бөлөх оройуоннарын икки ардыларыгар ыытыллар бөлөҕүнэн толоруллар ырыа күрэҕэр 1-кы степеннээх лауреат, республика күнүн, культура сылын чэрчилэринэн тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт ансаамбыллар күрэхтэригэр Гран-при, «Иһийбит иэйиини күөдьүтэн» Бүлүү оройуоннарын икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэххэ Гран-при үрдүк ааттарын сүкпүппүт. Маны сэргэ улууспутугар ыытыллыбыт Манчаары уонна Олоҥхо ыһыахтарын арыллыытыгар, култуурунай тэрээһиннэригэр кыттыбыппытынан киэн туттабыт.
Билигин «Дорҕоон» ансаамбылыгар алтабыт, талааннаах ыал аҕалара Владимир Чоросов, Артем Кычкин, Константин Романятов саҥа киирдилэр. Иллэҥ кэм көһүннэ да, кулуупка тиийэн эрчиллэбит. Ырыаны талыы, куоласка араарыы, ырыа эрчиллиитэ барыта Эдуард Чоросов үлэтэ. Акулина Христофорова тылларыгар «Туругур, үйэ саас, Дүллүкү!» Дүллүкү нэһилиэгин гимнин мелодиятын Эдуард Чоросов суруйбутун нэһилиэк Сэбиэтин дьокутааттара бигэргэппиттэрэ.
Уолаттарым бары дьиэлээх-уоттаах, кэтэх хаһаайыстыбалаах, оҕолордоох-уруулардаах, бигэ тирэхтээх ыал аҕалара. Ыллыырбыт таһынан спордунан дьарыктанабыт. Бүлүү бөлөҕөр спорт ветераннарын спартакиадата ыытыллыбыта 20-чэ сыл буолла. Бу күрэххэ сыл ахсын ситиһиилээхтик кыттабыт. Саха киһитин дьарыгынан булт буолар. Ол сиэринэн сыл ахсын Дүллүкү нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа Руфов Николай Руфович тэрийэр муҥхатыгар нэһилиэгинэн тахсабыт. Күһүн күргүөмүнэн тыаҕа тахсан куобах үүрэбит. Төрөөбүт күммүн Дүллүкүм уолаттарын кытта балыктаан, ийэ айылҕаҕа дуоһуйа сынньанан сиргэ, айылҕаҕа ылабын.
Олунньу 24 күнүгэр Ньурба улууһун Чаппандатыгар ыытыллар региональнай ырыа күрэҕэр кытта бараары бэлэмнэнэ сылдьабыт.
— Михаил Иванович, баай ис хоһоонноох кэпсээниҥ иһин махтанабын.
Сахалыы ырыаны сөбүлээн истэр дьоһун дьоҥҥор-сэргэҕэр тугу баҕарыаҥ этэй?
— Олохтон сырдыгын эрэ сомсон, саха ырыатын мааныта ыллана, үксүү турдун, дьон биһирэбилин ылбыт ырыалар умнуллубакка ылланныннар. Бука барыгытыгар үрдүк ситиһиини, иэйиини уонна дьолу баҕарабын.
Олоххо үлэни, ырыаны дьүөрэлээн олорор ордук үчүгэй.
Кэпсэттэ Нина Ильина