Чааһынай ыалларга водпровод, автобус сырыыта, быраас боппуруоһа…

Тохсунньу 16 күнүгэр Н.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын дьиэтигэр, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин нэһилиэнньэтигэр анаан улуус баһылыгын отчуота ыытылынна.  Баһылык отчуота улуус бары нэһилиэктэригэр тэрээһиннээхтик барда, улуус салалтата икки бөлөҕүнэн сылдьан үлэлээтилэр. Сырдатыы үлэтигэр биһиги суруналыыстарбыт, общественнай корреспонденнарбыт күүскэ үлэлээтилэр, улууспут хаһыатын «Телеграмм» ханаалыгар күннэтэ сонуннар тахса турдулар.

Бүгүҥҥү түмүктүүр тэрээһини улуус баһылыгын б.к.э.т. Люция Тойтонова ыытта.

Н.Бойлохов аатынан Оҕо искусство дьиэтэ (норуокка биллэринии РДК) тоҕо тымныытын сурастылар. Эппиэти Люция Спиридоновна биэрдэ:  «Оҕо искусствотын дьиэтигэр өрөмүөн үлэтэ барыахтаах, манна дириэктэр Анатолий Валерьевич күүскэ үлэлэһэ сылдьар. Бырайыагын оҥотторон, «Федеральнай национальнай бырайыак» чэрчитинэн, бырагыраамаҕа киирсэн, ис-тас көстүүтүн оҕолорго сөп түбэһэр гына тупсаран оҥоһуллуохтаах. Сметнай документацията оҥоһуллан хапсан хааларбыт буоллар үчүгэй буолуо этэ. Ититиитин быһаарарбыт бэйэбит сорукпутунан буолар. Биричиинэтин быһаара сылдьаллар. Ититиигэ үлэ барыахтаах. Бу боппуруос быһаарыыта оттук сезона бүппүтүн кэннэ барыаҕа. Бу дьиэ үчүгэйдик оҥоһулуннаҕына, чахчы Оҕо дыбарыаһынан буолуоҕа диэн баҕа санаалаахпыт».

Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо, ытык киһибит Георгий Степанов баҕа санааларын эттэ. Ол курдук, улууска быраас дьон тиийбэтэ, бөһүөлэк иһигэр автобус сырыыта, улуус киинин уопсай көстүүтүгэр — архитектураҕа болҕомтон ууруу, оҕо былаһааккаларын тутуу, “Үөһээ Бүлүү — Дьокуускай”хайысхатынан автобус сырыыта, сөмөлүөт сыанатын чэпчэтии.

Быраас тоҕо тиийбэтин туһунан балыыһа үлэһитэ Анна Львова хоруйдаата. «Бары билэбит, көрө-истэ сылдьабыт. Биһиэхэ үлэлии кэлбит быраастар төптөрү төннөллөр. Тоҕо баралларын биричиинэлэрин эппэттэр. Быйыл невролог быраас барда, терапевт быраастар тиийбэттэр. Үгүс быраастар эдэрдэр, оҕо көрөн олорор быраас элбэх. Хирургтар туһунан эттэххэ, билигин 2 хирург үлэлии сылдьар. Волгоградтан Раид Ахмед диэн 20-тэн тахса сыл үлэлээбит уопуттаах хирург быраас уонна Киргизияттан кэлбит быраастаахпыт, ахсынньыттан үлэтин саҕалаата. Билигин ординатураҕа  эндокринолокка, кардиолокка специалистары үөрэттэрэ сылдьабыт, 2 сыл үөрэниэхтээхтэр, квалификацияларын үрдэтэллэр.

Үгүс эдэр специалист олорор дьиэтин, хамнаһын мыынар. Итиэннэ эдэр киһи Дьокуускай куоракка, киэҥ сиргэ талаһара баар суол», — диэн санаатын эттэ.

Маныаха Люция Спиридоновна мустубут дьоҥҥо туһаайда: «Быраастарбытын харыстыаххайыҥ, кэлбит быраастар оннуларын булан олохтоохтор тустарыгар үлэлииллэрин хааччыйыахха, онуоха нэһилиэнньэ көмө-тирэх буолар биһиги интэриэспит».

Георгий Алексеевич автобус сырыытын туһунан баҕа санаатыгар хоруй бэрилиннэ. Бэрт соторунан Үөһээ Бүлүүгэ үс автобус бэриллээри турар үөрүүлээх сонунун Люция Спиридоновна кэпсээтэ. Ол курдук, автобус үлэлэтэр буоллахха, улуус өттүттэн көмө, субсидия баар эрэ буоллаҕына кыаллар дьыала. Өрүс уҥуор айан суола баар буолан, Маҥаас, Далыр, Мэйик олохтоохторо эмиэ автобус сырыытын туруорсаллар эбит.

«Ааспыт сылтан улуустааҕы суол пуондата (салайааччыта Тамара Миронова) Транспорт министиэристибэтин кытары үлэлэһэн, сайаапка түһэрбиттэрэ. Бүгүҥҥү ВКС мунньаҕар онлайн сибээһинэн «Үөһээ Бүлүүгэ үс орто кыамталаах автобус бэриллэр буолла» диэбиттэрин үөрэ-көтө иһиттибит. Туппут курдук үөрдүбүт. Автобус кэлиитэ олунньуга былааннанар. Автобустар кэллэхтэринэ кыһыҥҥыга бэлэмнээһин үлэтэ, гараж, правалаах суоппар, сылдьар маршрута, үп-харчы боппуруостара быһаарыллыа», — диэн Люция Спиридоновна кэпсээбитигэр, саалаҕа мустубут дьон ытыстарын дохсуннук таһыннылар.

Н.Бойлохов аатынан Оҕо искусство оскуолатын дириэктэрэ Анатолий Иванов этиилэрин киллэрдэ. Водопроводу чааһынай ыалларга холботторуу, тэрилтэҕэ бодобуос өҥөтүн боппуруоһа, оҕолору куонкурустарга таһарга анал автобус сырыыта, автопарк тутуута.

Автобус туһунан киирбит хоруйга үөрэх управлениетын начальнига Спиридон Борбуев хоруйдаата: — Улууска үөрэх управлениетыгар 25 автобус баар, 5 эрэ суоппардаах. Оҕолору таһар суоппардарга күүстээх ирдэбил эрэйэллэринэн сибээстээн, идэлээх дьону буларга кэккэ ыарахаттар бааллар. Автопарканы нэһилиэк аайы тутуу табыгаһа суох».

Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин баһылыгын солбуйааччы Егор Михайлов водопровод үлэтин туһунан иһитиннэрдэ. «Водопровод Ленина ¼, Барахова 7/1 уопсай дьиэлэргэ киирэн турар. Тохсунньу ыйы этэҥҥэ туораан эрэллэр. Водопровод икки чааһынай ыалга эксперимент быһыытынан киирбиттэрэ, туох-хайдах үлэлии турарын кэлин ыйыталаһан билиэхпит. Бу 2024 сыл атырдьах ыйыттан сир үчүгэйдик ирбитин кэннэ, чааһынай ыалларга, водопровдтан чугас олорор ыалларга холбонон барыахтаах. Онтон ыраах олорооччуларга кэлэр сылтан үлэни былаанныыбыт. Спутник уонна сылытар систиэмэтэ ыарахан соҕус. Тэрилтэлэри этэр буоллахха, салайааччылар «Водоканал» салалтатын кытары кэпсэтэн, дуогабардаһан киллэттэриэхтээххит. Юридическай сирэйдэргэ 1 куб уу 400-тэн тахса солк. буолар, онтон чааһынай секторга 1 куб уу – 112 солк. тэҥнэһэр. Бу сылга чааһынай ыаллар уугутун киллэттэриэххитин баҕарар буоллаххытына, олунньуттан саҕалаан докумуон хомуйсан барыаххытын наада.

Үөрэх управлениетын сүрүн специалиһа Калиста Борисова санааларын этиннэ: — Эдэр специалистары олохсутууга, бастатан туран, төрөппүттэр үлэлэһиҥ. Оҕолор дойдуларыгар төннөн үлэлээтиннэр-хамсаатыннар, — диэн баҕарда. Итиэннэ, улуустааҕы баанньык үлэтин күүһүрдэригэр этиннэ.

Баанньык үлэтин туһунан Егор Владимирович эппиэттээтэ: — Субуотаҕа, баскыһыанньаҕа үлэлиирэ саамай табыгастаах. Чэппиэр, бээтинсэ үлэлээбиппит да, биирдии-иккилии эрэ киһи сылдьар этэ, — диэн хоруйдаата.

Маннык курдук, улуус баһылыгын отчуота түмүктэннэ улуус үрдүнэн олохтоохтортон киирбит этиилэр, баҕа санаалар туолалларыгар, үлэҕэ учуоттаналларыгар баҕарыаҕыҥ. Сайда тур, Үөһээ Бүлүү!

Мария Васильева

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше