Арассыыйаҕа «Дьиэ кэргэн сылын» чэрчитинэн 5-с №-дээх «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин (салайааччы Яковлева М. Н.) уонна Үөһээ Бүлүү үөрэҕин управлениетын оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын (салайааччы Тумусова Л. В.) көҕүлээһининэн, «Дьиэ кэргэн хаһыата — 2024» улуустааҕы күрэх ыыттыбыт.

Күрэхпит сүрүн сыала — дьиэ кэргэни түмүү, сылаас сыһыаны иҥэрии, өйдөһүү-өйөһүү олоҕуруута. Хаһыат нөҥүө хас биирдии дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин, оҕону иитиигэ туттар ньымаларын, айар дьоҕурдарын, туох уопсай дьарыктаахтарын уонна түмсүүлээхтэрин көрдүбүт. Элбэх үлэ киирбититтэн үөрдүбүт, уопсайа 40 ыал кытынна. Хас биирдии хаһыат ураты тыыннаах, дьиэ кэргэн туһунан өйдөбүл, олуктаах сүбэлэр, оҕону иитиигэ ньымалара, олоххо сыһыаннара дьэрэкээн оҥоһуулаах, киэргэтиилээх хаһыаттарга тиһиллибиттэр. Дьиэ кэргэн ордук үлэҕэ, сынньалаҥҥа бары бииргэ тумсэллэрэ көрөргө астык, ону таһынан айар талааннара, оҕону кытары дьарыктаналлара, иллэҥ кэмнэрин интэриэһинэйдик атаараллара барыта хаартыска, уруһуй нөҥүө ойуулаан-дьүһүннээн оҥорбуттара хаһыаты ис хоһоонун ситэрэн-дириҥэтэн биэрэр.

Түмүккэ 6 анал ааттары биэрдибит:

1.»Дьиэ кэргэн — олох төрдө» Ангелина Владимировна, Василий Евсеевич Софроновтар 7-с №-дээх «Сказка» оҕону сайыннарар киин (иитээччилэр Огочонова Х.Г., Софронова Т.И.);

2.»Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн» Марта Владимировна Саввинова дьиэ кэргэнэ, Далырдааҕы «Тускул» оҕо уһуйаана (иитээччилэр Николаева Я.Я., Михайлова М.Г.);

3.»Көхтөөх дьиэ кэргэн» Ньургуяна Николаевна, Афанасий Викторович Анисимовтар, Ороһу орто оскуолата (иитээччи Руфова А.В.);

4.»Чөл олохтоох дьиэ кэргэн» Ирина Николаевна, Сергей Федотович Филипповтар 3-с №-дээх «Үрүйэчээн» оҕону сайыннарар киин (иитээччилэр Николаева П.В., Яковлева Д.Ю.);

5.»Сахалыы куттаах дьиэ кэргэн» Марфа Гаврильевна, Геннадий Васильевич Михайловтар, Далырдааҕы «Тускул» оҕо уһуйаана (иитээччилэр Михайлова Г.Н., Иванова В.И.);

6.»Истиҥ сыһыаннаах дьиэ кэргэн» Асида Моисеевна Донская дьиэ кэргэнэ, 1-кы №-дээх » Ньургуһун» оҕону сайыннарар киин (иитээччи Васильева Г.С.).

Кыайыылаахтар:

I үрдэл — Сардана Иннокентьевна, Кирилл Васильевич Егоровтар, 7-с №-дээх «Сказка» оҕону сайыннарар киин (иитээччилэр Огочонова Х.Г., Софронова Т.И.);

II үрдэл — Алена Викторовна, Александр Владимирович Егоровтар, 5-с №-дээх «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин (иитээччилэр Егорова Л. В., Егорова Н. П.);

III үрдэл — Изабелла Иннокентьевна, Артем Владимирович Филипповтар 4-с №дээх «Сардаана» оҕо уһуйаана (иитээччи Ильина Е.П., Кашлакова А.В.).

Барыгытыгар махтал, кыайыылаахтарга эҕэрдэ!

 

 Федорова А.П., сүрүн иитээччи

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше