Урут биһиги оҕонньотторбут саа сэбэ аҕыйаҕына улары наар туһахтаан эбэтэр сохсолоон ылаллара. Көтөн иһэр чыычаах тоҥон суулларын саҕана, халыҥ хаары үрдүнэн туут хайыһарынан сылдьар туһахчыттар, сохсоһуттар да аҕыйаҕа суох буолуохтаахтар.

Билигин, саа-саадах элбэх кэмигэр, булду тулуппат буоллулар. Көрдүлэр да ытан, үксүгэр бааһырдан иһэллэр. Урукку дьиҥнээх булчут сиэриттэн-туомуттан тахсан эрэллэр. Аны кэлиҥҥи сылларга тимир көлө баҕайы үрдүгэр түстүлэр. Олохпут сайдыыта булка туһата аҕыйах ини. Тимир көлөҕө элбэх буолан олорсо сылдьан кыһыннары-сайыннары көтөрү-сүүрэри харыстаабакка ылгыыллар. Иһиттэх аайы “онно – оччону, манна – баччаны” диэн буолар! Онтон кэлиҥҥи икки-үс сылтан бэттэх аны “көтөр суох” диэн аатырар буолла. Уруккута буоллар, туһахха биир эмэ киириэх этэ. Онон арыттанан ааһара, тыыннаах хаалара элбэҕэ. Быстан хаалбакка төрүөх биэрэн, эһиилигэр эмиэ үөскээн эрдэҕэ буолуо. Билигин хастыы да саалаах дьон бултууру көргө кубулуттулар. “Булт эһиннэ!” дииллэр да “эһээччилэр” бэйэлэрэ буолалларын соччо чөмчөкөлөрүгэр тохтоппокко сылдьаахтыыллар ээ, бадаҕа. Сиэрдээх булчут билигин “мөлтөх булчут” аатырар буолла дуу, тугуй?

Мантан сиэттэрэн атаһым кэпсээбитин эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын.
Өрүү буоларын курдук, тимир көлөлөрүгэр толору симиллэн мас көтөрүн ыта тахсыбыттар. Уруккута туһахтанар кытыаннардаах эҥин кэрэкэ сири-уоту үрдүнэн тоҕо солоон ааспыт суолларын батыһан испиттэр. Былыр бэйэлэрин төрүттэрэ олорбут өтөхтөрүн бииртэн-биир кэритэ сүүрдүбүттэр.
Аара өтөх аайыттан биирдии улары ытыалаан, ылан испиттэр. Олохтоох улардар буоллахтара дуу, суолларын тоҕойугар баар  өтөхтөр аттыгар түһэллэр эбит. Дьон көтөр маһы булла да, кэнниттэн сүүрдэн тиийэн, сууллартаан сонохтообуттар. Бу курдук алта хара улары илиилэригэр ылбыттар. Төһөнү сыыһа-халты ытан, бааһырдан ыыппыттарын ким да билбэт. Ото-маһа үүнэн ырааппыт кыра өтөххө ойутан киирбиттэр. Арай уолаттар көрдөхтөрүнэ, биир баараҕай тиит алын суон мутугар улар мааныта багдаллан олорор эбит. Тыаһа суох сыбдыһан тахсаат, “чэй!” дэһээт, тутуһан туран, биэс сааһыт биир киһи курдук ыппыттар. Улардара саа тыаһа эрэ, массыына тыаһа эрэ диэн кыһаллыбакка, олорбутун курдук олорбут. “Маат-муут” түһэрээт, эмиэ сибиниэһи салайбыттар. Көтөрдөрө барбах кэҕиҥнээн, кэннин хайыһан көрөр эбит. Атаһым бэркиһээн, икки уостааҕын эр-биир “сөтөлүннэрэн” баран, иккиһин ииттибэтэх. Элбэхтэ эстэр саалаахтар ботуруоннара бүтэн уолдьаспыттар, икки да уостаахтар тохтообуттар.
Ииттэ турдахтарына, улар көтөн тиийэн киһи уҥуохтарын диэки түспүт. Бэркиһээн, уҥуохтарга барбатахтар. Улар мэҥэлэр быыстарынан хааман доодоҥнуу сылдьара көстөрө үһү.

Салгыы атын өтөхтөрү кэрийэ көтүппүттэр. Ол күн “холондоорбут” улар кэнниттэн тугу да харахтаабатахтар. Хараҥарыыта төннүбүттэр. Атаһым санаата батарбакка, сарсыардалык эрдэ туран, “мөлтөөбүт” улары ирдэһэ быраатын кытта барбыт. Түспүт уҥуоҕун таһыгар чопчу тиийбиттэр. Иккиэн сааларын туппутунан киирбиттэр. “Түспүт сириттэн ырааппакка өлбөтөх буоллаҕына, суоллаан син биир булабыт” диэн, эрэх-турах санаммыттар. Тоҥуу хаары оймоон тиийбиттэрэ, суол-иис ханан да суох буолан соһутар!
“Бэҕэһээ-бүгүн икки ардыгар хаар да, тибии да түспэтэҕэ” диэн, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбиһэллэр. Ол күнтэн бэттэх атаһым: “Сиэр-туом туһунан элбэҕи толкуйдуур буоллум”, — диэбитин сэргии истибитим.

Кэпсээн уонна хаартыска куйаар ситимиттэн ылылынна

 

Читайте дальше