Диомид ийэтэ Мария Николаевна: «Оҕом үтүөрэригэр бигэ эрэллээхпин»

Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас

Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх 14 саастаах Диомид Михалев — соҕотох ийэҕэ саамай кыра, кэтэһиилээх оҕо. Бииргэ төрөөбүттэр алтыалар, кини аччыгыйдара.

Кини 2023 сыл сааһыары соһуччу, ыараханнык ыалдьан, Москва куоракка кылгас кэм иһигэр суһаллык икки уустук эпэрээссийэни ааспыта. Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ киинин оҕо онкологиятын отделениетыгар төгүрүк сыл сытан, 18 химиотерапия кууруһун хорсуннук ылан бүтэрэн, Рогачев аатынан Москватааҕы оҕо онкологиятын киинигэр үһүстээн эпэрээссийэҕэ көттө. Кинини хара ыалдьыаҕыттан үһүс төгүлүн бииргэ төрөөбүт убайа Дмитрий арыаллыыр. Диагноһа: остеосаркома правой бедренной кости, төрдүс стадия.

Уолчаан ийэтинээн Мария Николаевналыын оҕо онкологиятыгар балыыһатыгар сылы быһа, биирдэ даҕаны дьиэлэригэр тахсыбакка эмтэннилэр. Бу тухары Диомид биирдэ даҕаны «айака, ыалдьар», «сылайдым», «дьиэбитигэр хаһан тахсабыт?» диэн ыйыппакка эрэ сытта. «Бэл, Москватааҕы быраастара тулуурун, итиччэлээх уустук эпэрээссийэ да кэннэ ыалдьар диэн саҥарбатыттан сөҕөллөр эбит», — диэн ийэтэ кэпсиир.

  • Мария Николаевна, ол аата Диомид күүстээх санаалаах буоллаҕа…
  • Оҕо эрдэҕиттэн майгыта кытаанах, эппит тылын толорор, ситиһэр идэлээх, ол да иһин ити айылаах ыарыыны тулуйар буоллаҕа дии саныыбын. Төһө да ыал кыра оҕото буоллар, атаах буолбатах, билигин олох улахан киһи курдук буолбут.

— Ыарыыта хайдах саҕаламмытай?

— Биһиги уолбунаан 2019 сыллаахха Далыртан Бүлүүгэ көһөн барбыппыт. Иккиэн олорбуппут, кини Бүлүүтээҕи Г.И. Чиряев аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола 7-с кылааһын үөрэнээччитэ. Ыарыыта 2023 сыл саас саҕаламмыт дии саныыбын. Аан бастаан буутум былчыҥа эбиллибит диэн көрдөрөр этэ. Ол кэннэ аны атаҕым тыытар диир буолбута, бэйэбит маастанар этибит. Онтон үөрэх бүтүөн иннинэ, ыам ыйыгар мин Бүлүүттэн кыыспар Оҥхойго кэлбитим, уолум Бүлүүгэ үөрэҕин түмүктүү хаалбыта. Үөрэҕин бүтэрэн баран Оҥхойго кэлбитэ. Кэлбит түүнүгэр уолум мөҕүс да мөҕүс буолар, атаҕынан оронун суруускайдыыр тыаһа иһиллэр. Мин ыксаатым уонна ойон туран уолум атаҕын көрбүтүм… сүүнэ улаханнык иһэн хаалбыт. Уолуйдум, хайдах да бу көрөн туран итэҕэйбэтим, куһаҕан ыарыы диэн ол онно санаабар да суох.  Сарсыныгар улахан кыыһым Лариса быраатын улуус киинигэр снимокка түһэрэ киллэрдэ. Быраастар тута куһаҕан ыарыыны буланнар, сарсыҥҥы күнү күүппэккэ, куоракка ыыттылар. Дьокуускайга травматологияҕа киирбиппит, тута гистология ылбыттара. «Анализ түмүгэ остеосаркома правой бедренной кости диэн кэллэ, злокачественнай, номнуо төрдүс стадия, икки тыҥатыгар элбэх метастазтаах», — диэн бырааспыт эттэ. Ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии тулабыт барыта хараҥара түстэ.  Ыарахан да күннэр этэ… Тоҕо? Муус доруобай сылдьыбыт оҕом тоҕо ыарыйда? Туох иһин? Ама, сыыһа диагноз ини? Бу маннык ыйытыктар күнүстэри-түүннэри санаабын ытыйаллар… Соһуччута бэрт буолан, билигин да айманабын, оҕобун санаатым да хараҕым уута сүүрэр…

 

— Диомид ыарыытын туһунан тугу эмит саҥарар дуу?

  • Тугу да саҥарбат, барытын билэр, өйдүүр. Дьон көмөтүн көрөр, ааҕар, үөрэр аҕай. Интернетинэн барытын көрө-билэ сытар. Кылааһын оҕолорун, доҕотторун кытта сибээһин тута сытар. Оҕо-оҕо курдук, төлөпүөнүгэр оонньуур, аралдьыйара эрэ ол буоллаҕа. Үтүөрэбин, бүтэһигэр диэри эмтэнэбин диир. Улааттаҕына тиэхиньикэ өттүгэр сыстан, ол эйгэҕэ үөрэниэн баҕарар.
  • Үһүс эпэрээссийэтигэр барда дии, хаһан оҥоһуллара билиннэ дуу?
  • Бырааһынньык өрөбүллэрэ түбэһэннэр, уһаатылар. Бэҕэһээ бырааһа киирэн көрөн-истэн баран, сарсын оҥоробут диэбит. Диомид ыарахан ыарыһах буолан, үһүс сырыыларын Саха сириттэн быраас арыаллаах сылдьаллар, ол бырааһа балыыһаҕа туттаран баран, төннөн кэлбитэ. Убайынаан балыыһаларыгар сыталлар, ыам ыйын 3 күнүгэр, ол аата бүгүн, оҥоһуллар. Билигин атаҕар тирэнэр, киһи көмөтүнэн хардылыыр.

— Бу сырыыга тугун эпэрээссийэлиллэр?

— Бастаан искэннээх атаҕын уҥуоҕун буутун ортотуттан сототун ортотугар диэри пластмасска уларыппыттара. Кэлин тимиргэ уларыйыахтаах. Иккиһигэр биир тыҥатын оҥорбуттара, 59 устуука метастаһы ыраастаабыттара. Бу сырыыга аны иккис тыҥатын оҥороллор. Уустук эпэрээссийэ күүтэр. Онон долгуйабыт. Атаҕа 3,5 сантымыатыр кылгаабыт, онон Москваҕа сакааһынан анал атах таҥаһа оҥотторуохтаахпыт. Чэ, итинник. Барыта Таҥара илиитигэр…

— Түмүккэ тугу этиэҥий?

— Оҕо, чугас киһиҥ, билбэт да киһиҥ маннык ыараханнык ыалдьара саамай куһаҕан. Төрөппүккэ ордук ыарыылаах. Киһи олох ыһыллан, кэбирээн хаалар. Түгэнинэн туһанан, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ киинин оҕо онкологиятын отделениятын бырааһыгар Саргылаана Афанасьевна Николаеваҕа, билэр-билбэт туох баар көмөлөспүт дьоҥҥо хас биирдиигитигэр, аймахтарбытыгар, бииргэ үөрэммит доҕотторбутугар, дьүөгэлэрбэр, биир дойдулаахтарбытыгар, бүттүүн саха дьонугар дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ диэн маны этэллэр! Этэҥҥэ, доруобай, дьоллоох эрэ буолуҥ!

Оҕобут, бырааппыт, убайбыт, сиэним Диомид үтүөрэн, дьоһун киһи буола улаатарын туһугар бар дьоммут туруулаһыахха диэн ыҥырабыт. Эпэрээссийэтэ этэҥҥэ ааһан, түргэнник чөлүгэр түһэн, үтүөрэригэр баҕарабыт. Этэҥҥэ буолуҥ!

IMG_1778

Көмөҕүтүн Диомид бииргэ төрөөбүт убайын мобильнайдаах 89627357487 (Сбербанк) нүөмэригэр ыытыаххытын сөп:

Получатель: МИХАЛЕВ ДМИТРИЙ ДМИТРИЕВИЧ

Номер счёта: 40817810376000449564

Банк получателя: ЯКУТСКОЕ ОТДЕЛЕНИЕ N8603 ПАО СБЕРБАНК

БИК: 049805609

Корр. счёт: 30101810400000000609

ИНН: 7707083893

КПП: 143502001

SWIFT-код: SABRRUMM

Валентина ДОГОЮСОВА

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше