Бүгүн Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ федеральнай мунньаҕар туһаайыытын билиһиннэрдэ. Быһа эфир 2 чаастан ордук барда. Туһаайыы кэнниттэн биир дойдулаахтарбыт санааларын үллэһиннилэр.
⭐️ Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, улуус Сэбиэтин депутата Василий Ченохов:
— РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха Анал этиитин олуһун сэргээн истэ олоробун. Болдьоммут кэмигэр саҕаланна.
Владимир Владимирович «Все вместе!» диэн тылы элбэхтэ туттубутун биһирээтим. Кини быйылгы Анал туһаайыыта чопчу сыыппараларга, итиэннэ болдьохторго олоҕурара — олус үчүгэй!
Бастакытынан, Бэрэсидьиэммит «Дьиэ кэргэн» диэн саҥа национальный бырайыак оҥоһулларын биллэрдэ. Бу бырайыак кыаммат араҥа ахсаанын аччатарга, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаанын хаҥатарга туһуланар.
Иккиһинэн, «Молодежь России» бырайыак олоҕурда. Бу бырайыак биһиги ыччаттарбытыгар бары өттүнэн үүнэ сайдалларыгар кыах биэриэҕэ.
Үсүһүнэн, «Кадры» диэн саҥа национальнай бырайыак үлэлиирин биллэрдэ. Бу бырайыак дойду үрдүнэн үрдүк квалификациялаах кадрдары иитэн таһаарыыга ананар.
Маны сэргэ, Владимир Путин үстэн элбэх оҕолоох ыалларга ипотекаларын сабарга 450 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх көмө бырагырааматын, итиэннэ Ийэ Хапытаалын 2030 сылга диэри уһатарга этии киллэрдэ.
Олус бэрт!
⭐️ Спиридон Борбуев, улуус мунньаҕын дьокутаата:
— Дойду Президиэнэ Владимир Владимирович Путин быйылгы туһаайыыта ураты буолла. Быыбар иннинээҕи буолан, биир, икки сыллаах буолбакка, 2030 сылга диэри дойду үлэлиир былаанын курдук буолла. Бэлиэтээн көрбүппүнэн, социальнай хайысхата үгүс уонна хас ылыммыт быһаарыытын ахсын төһө өйөбүл суума көрүллүөхтээҕин эттэ.
Президент туһаайыыта анал байыаннай дьайыыга көрүүлэртэн саҕаланна. Үгүстэр даҕаны ону туох диирин истээри ордук күүппүппүт. Фашизмы төрдүттэн суох гынар сүрүн сорукпут диэтэ.
Иккис сытыы өрүтүнэн, оҕоҕо уонна дьиэ кэргэҥҥэ болҕомтото буолла. Эрдэ үлэлии турбут өйөбүллэри 2030 сылга диэри уһатарга, ону таһанынан, саҥа өйөбүллэри киллэрэргэ диэн эттэ. Элбэх оҕолонуу дойду философията буолуохтаах, бары үлэбит онно туһуланыахтааҕын этэн, «Дьиэ кэргэн» диэн саҥа федеральнай бырайыагы киллэрэри эттэ.
Үөрэх эйгэтигэр оскуолалары өрөмүөннээһини салҕыыры уонна эбии уһуйааннары өрөмүөннүүрү эттэ. Манна биһиги улууска бэлэмнэммит уонна былааҥҥа турар үөрэх тэрилтэлэрин салгыы саҥа салалта киирсэн үлэлэһиэҕэ диэн эрэнэбин. Учууталлар хамнастарын араастаһыытын тэҥниир сыалтан хамнас ааҕыытын көрөргө диэн сорудах биэрдэ. Чахчы, араастаһыы улахан. Кылаас салайааччыларыгар, куратордарга көрүллэр төлөбүрү икки төгүл улаатыннарары эттэ. Бу барыта оҕону, ыччаты иитии, олоххо оннун булларарга туһуланара саарбаҕа суох.
Оскуолаларга медкабинеттары барыларыгар арыйарга эттэ. Мантан сиэттэрэн, хас оскуола, уһуйаан ахсын урукку курдук фельдшер баар буолара буоллар. Сорох оскуолаларга, уһуйааннарга медкабинеттар бааллар, ол эрэн, аналлаах фельдшердэр суохтар.
Антонина Хобусарова, улуустааҕы оҕо технопааркатын методиһа:
— Киһи олоҕун уһатарга туһуламмыт программалары сэргиибин уонна өйүүбүн. Кырдьык, билиҥҥи киһи үйэтэ уһаата, ол үчүгэй бөҕө буоллаҕа.
Дьиэ кэргэни өйүүр программалар бааллар эрээри, киһи ылаары гыннаҕына күрүчүөгэ-тордуога элбэх курдук. Ол итэҕэстэри туоратарга үлэлэһэллэригэр баҕарабын. 35 саастарын туола илик эдэр ыалларга туохтан да иҥнибэккэ барыларыгар көмө оҥоһуллуохтаах дии саныыбын. Оччотугар инники олохпут эрэллээх, кэскиллээх буолуо этэ.
⭐️ Сардаана Павлова, улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа:
— Дойду Президенэ сыл ахсын этэр туһаайыытыгар билигин дойдубутун сайыннарар национальнай бырайыактар, онно эбии саҥа хайысхалар олоххо киириилэрин туһунан эттэ.
«Дьиэ кэргэн», «Активная продолжительная жизнь» бырайыактар нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыыга, сөптөөх медицинскэй көмө оҥоһулларыгар, киһи бэйэтин доруобуйатыгар кыһалларыгар көмө буолуохтарыгар саарбах суох.
ГТО нуорматын туттарыыга уонна былааннаах диспансеризацияны ааһар иһин нолуок вычета үлэлээтэҕинэ, киһи бэйэтин доруобуйатыгар сыһыана тупсан, эппиэтинэһэ үрдүүр чинчилээх.
Сыллата ыытыллар «Модернизация первичного звена» бырагырааманы уһатарын истэн, биһиги, медицинэ эйгэтин үлэһиттэрэ, үөрдүбүт. Уһуйааннарга, оскуолаларга анал медицинскэй кабинеттар баар буолуохтара диэтэ. Ол саха сиригэр биллэриллибит Оҕо саас сылыгар улахан көмө буолуоҕа.
Кадры аттарыы политиката балысханнык сайдыыта медицина эйгэтигэр үрдүк таһымнаах специалистары бэлэмнииргэ көмө буолар. Бары бииргэ түмсүүлээхтик биир улахан дьиэ кэргэн буолабыт диэтэ. Байыаннай дьайыыттан кэлбит дьоммут бары эйгэттэн сөптөөх көмөнү ылан, толору көмүскэллээх буолуохтара диэбитин биһирии иһиттим.
✅Сардана Сергеевна Ильинова — Үөһээ Бүлүү улууһун Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга департаменын салайааччыта:
— Дойдубут салайааччыта Владимир Владимирович Путин этиитин толору истэн баран билиҥҥи кэмҥэ миигин долгутар уонна интэриэһиргэтэр элбэх ыйытыктарбар хоруй ыллым, ол курдук дьиэ кэргэн политикатыгар салгыы сайдар өрүттэри, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ кэккэ уларыйыылар күүтэллэрин сэргии иһиттим.
Култуура эйгэтигэр үлэлиирим быһыытынан, өр сылларга үөрэтиигэ сылдьыбыт биир туруорсуубут — «Земский работник культуры» диэн бырагыраама 2025 сылтан үлэҕэ киирэрин олус үөрэ иһиттим. Бу бырагыраама олоххо киирдэҕинэ кытыы, ыраах сытар нэһилиэктэрбитигэр култуура үөрэхтээх эдэр ыччат миэстигэр үлэлии тахсыаҕа диэммин бигэ эрэллээхпин.
Билиҥҥи буола турар араас өрүттээх дьайыыларга сөптөөх быһаарыылар ылыллалларыттан инники олохпут бигэ туруктаах, инникитэ эрэллээх, үлэлииргэ-хамсыырга бары усулуобуйа баар буолуо диэммин эрэлбин өссө бигэргэттим.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат