Кулун тутар 17 күнүгэр Дойду Президенин талар быыбарга бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн улуустарынан, куораттарынан Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйата семинар ыыта сылдьар. Илин эҥээр, Нам улуустарыгар, Покровскай, Алдан, Нерюнгри куораттарыгар Үөһээ Бүлүү оройуонугар кииннээн, Бүлүү түбэтин улуустарын түмэн, олунньу 29 күнүгэр үлэлээтилэр. Салгыы Горнай улууһугар айаннаатылар. Ыраах сытар улуустарга куйаар ситимин нөҥүө быһа сибээһинэн тахсан үөрэхтээһини ыытыахтара. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Николаевич Федоров бу үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ.
- Улахан, долгутуулаах быыбарбыт буолара кыра кэм хаалла. киэҥ хаамыылаахтык бара турар. Номнуо 16 тыһыынча киһи баар сирдэригэр куоластыыбыт диэн сайабылыанньа киллэрэн олороллор. Ыраах, суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууннарынан, ол эбэтэр вахта ньыматынан үлэлиир дьон, сылгыһыттар, табаһыттар болдьох иннинээҕи куоластааһыҥҥа көхтөөх кыттыыны ылаллар. Олунньу 29 күнүнээҕи туругунан 500-чэкэ киһи куоластаата. Кулун тутар 6 күнүттэн учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаларбыт үлэлэрин саҕалыыллар. Олус улахан, киэҥ хабааннаах «Информ УИК» үлэни ыыта сылдьабыт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 360 тыһыынча дьиэ хабыллыахтаах, мантан 60-тан тахса бырыһыан кэриҥэ быыбардааччы быыбар туһунан иһитиннэриини ылла. Кулун тутар 7 күнүгэр бу үлэ түмүктэниэхтээх. Дьон настырыанньата үчүгэй, кыттыы сэргэхтик барар диэн көрөбүт. Үөһээ Бүлүү улууһа хаһан баҕарар инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Улуус быыбардааччылара кэлэр быыбарга бэйэлэрин санааларын аһаҕастык этиэхтэрэ. Бу түөрт кандидаттан хайаларын күүһүгэр-уоҕугар эрэнэллэрин биллэриэхтэрэ. Ааспыт сылга бэс ыйын 1 күнүгэр хас биирдии учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа састааба кэлэр 5 сылга үлэлиирдии торумнаммыттара. Үөһээ Бүлүүтээҕи Территориальнай хамыыһыйаҕа уопуттаах, эппиэтинэстээх үлэҕэ инники күөҥҥэ сылдьар Семен Семенович Миронов, Александра Егоровна Иванова үлэлииллэр. Кэнники кэмҥэ элбэх быыбары аастылар. Бу да сырыыга, Дойду Президенин талар быыбарга, этэҥҥэ бэлэмнээн, дьоһуннаахтык тэрийэн ыытыахтара диэн эрэллээхпит.