Бүгүн Дьокуускай куоракка үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтара саҕаланна. Үөһээ Бүлүүттэн анал дэлэгээссийэ көхтөөх кыттыыны ылар. Мунньах бастакы күнүн туһунан улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччы Леонид Огочонов кэпсээтэ:
— Бүгүн үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы «Воспитание личности в едином образовательном пространстве» сүбэ мунньах бастакы күнэ түмүктэннэ. Бу тэрээһиңңэ биһиги улуустан улуус баһылыгын солбуйааччы Анна Михайловна Уларова уонна улуустааҕы үөрэх салалтатын салайааччыта Юрий Васильевич Кынатов салайааччылаах улуус бары үөрэҕин тэрилтэлэриттэн салайааччылар, учууталлар, иитээччилэр, педагогтар уонна үөрэнээччилэр, уопсайа 170 кыттааччы кыттар.
Бүгүн быйылгыттан саңа киирэр «Труд» уонна «Основы безопасности и защиты Родины» үөрэх предметтэрин учууталларыгар, иитиигэ аналлаах «Ценности в системе воспитания: семья-общество-государство», «Обеспечение комплексной безопасности в образовательных организациях Республики Саха (Якутия)» төгүрүк остуоллар, сүбэ мунньахтар буоллулар.
Эбиэт кэнниттэн республикабыт Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев кыттыылаах тэрээһин пленарнай мунньаҕа буолан ааста. Айсен Сергеевич үөрэх сайдыытыгар бэйэтин көрүүлэрин, санааларын этинэн туран республикабыт үөрэҕин эйгэтэ дойдуга инники күөңңэ тахсарыгар күүскэ үлэлииргэ ыңырда.
Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистир Нюргуна Афанасьевна Соколова ааспыт сыллааҕы үлэ түмүктэрин уонна кэлэр сылларга туруоруллар сыалы-соругу билиһиннэрдэ. Ону тэңэ бу тэрээһиңңэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Россия дьоруойа Юргин Игорь Васильевич кыттан, кэлэр көлүөнэҕэ патриотическай иитии суолтатын туһунан санааларын этиннэ.
Ону тэңэ сайыңңы оҕо сынналаңын уопутун тарҕатар «Мое лето -2024» фестивальга биһиги улууспут ситиһиилээхтик кытынна.
Салгыы И.Н.Барахов аатынан орто оскуола иитии чааһыгар завуһа Любомира Тихонова санаатын үллэстэр:
— Мин бүгүн «Ценности в системе воспитания, семья-общество- государство» диэн төгүрүк остуолга истээччи быһытынан сырыттым. Улуус үөрэх управлениетын иитии отделын салайааччыта Николай Платонов, Ороһуттан норуот этнопедагогикатын түмэлин үлэһитэ Раиса Васильева уонна мин.
Манна модератордарынан педагогическай наука доктора Алексеева Галина Ивановна уонна уопсай үөрэхтээһин, иитии государственнай политикатын департаменын салайааччыта Захарова Надежда Игнатьевна үлэлээтилэр.
Элбэх спикердар санааларын эттилэр , ол курдук Макарова Ньургуяна Владимировна, «Аҕа түмсүүтэ» салайааччыта Габышев Айхал Иванович , Ил Тумэн депутата Владимиров Афанасий Семенович, 2001-2023 с үлэлээбит оҕо боломуочунайа Соловьева Анна Афанасьевна, педагогическай династиялар кытыннылар.
Холобур, Айхал Иванович этэринэн, хас биирдии Аҕа хос эһээ буоларыгар дьулуһуохтаах уонна оннук оҕотоугар холобур буолуохтаах диэтэ. Ону таһынан, аҕалар дойду дьиҥнээх патриоттарын иитэн таһаарыахтаахтар диэн санаатын этиннэ.
Анастасия Николаевна Неустроева бэйэтэ нуучча тылын учуутала , биэс оҕолоох ийэ, оҕону үлэнэн иитии туһунан кэпсээтэ. «Оҕолоргут оҥорбут, ситиспит дьыалаларын мэлдьи хайҕаан, үлэни таптыырга иитиҥ», — диир.
Кэпсэтиигэ оҕолору араас тэрээһиннэринэн , кружоктарынан аралдьытыҥ диэтилэр.
Оҕо күннээҕи дьарыгын төрөппүт оҕотун кытта олорон оҥоруон наада дииллэр. Төһө даҕаны бириэмэлэрэ суоҕун иһин оҕолоргутугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн сүбэлээтилэр.
Бу таһынан быйылгыттан оскуолаларга 5-9,10-11 кылаастарга «Семьеведение» диэн үөрэх киириэхтээх. Маны историктар, психологтар, кылаас салайааччылара үөрэтиэхтэрин наада диэн кэпсээтилэр .
Оскуолаларга, улууска араас таһымнаах төрөппүккэ, аҕаҕа анаан форумнарда тэрийиэххэ наада, төрөппүттэр түмсүүлэрин тэрийиэххэ диэн этии киллэрдилэр.
Бастакы уочарат оҕо иитиитэ дьиэ кэргэниттэн саҕаланар диэн санаа атастастылар. Хас биирдии дьиэ кэргэн өбүгэлэрин историяларын билиэхтээх, күүстээх үлэ барыахтаах.
Олус интэриэһинэй кэпсэтиигэ элбэх педагогтар санааларын иһиттибит, тэрээһинтэн астынныбыт.
Мария Васильева,«Үөһээ Бүлүү» хаһыат