Дьокуускайга Аан Дархан аатынан болуоссат баар буолуоҕа

Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ, саха норуотун чулуу уола Михаил Николаев күн сириттэн күрэммитэ номнуо биир сыл буолла. Кини сырдык мөссүөнэ сахаҕа сайдыы суолун сырдаппыт суолдьут сулус кэриэтэ өрүү сүрэхпитигэр үтүө өйдөбүл буолан иҥэ сырыттын.

Михаил Ефимович личность быһыытынан киэҥ хабааннаах. Балысханнаах 1990-ус сылларга өрөспүүбүлүкэни сөптөөхтүк салайан, өрө таһаарбыт кылаата муҥура суох.

Аан Дархан албан аатын үйэтитэргэ 2023 с. сэтинньи 13 күнүгэр Ил Дархан ыйааҕа тахсыбыта. Ол кэмтэн ыла, Бастакы Бэрэсидьиэн аатынан проспект баар буолла уонна Сэргэлээх суолун кытта быһа охсуһууга кини аатынан болуоссат оҥоһуллуоҕа. Болуоссака Михаил Ефимович пааматынньыгын туруоруохтара. Ону тэҥэ университет кампуһа, киинэ павильона тутуллара күүтүллэр.

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат.