2023 үөрэх дьылыттан саҕалаан 7-с №-дээх «Сказка» оҕо сайдар киинигэр ааспыт үйэ араас оҥоһуктарыгар анаммыт быыстапка тэриллэр.
Ол курдук, былырыын «Эбээ, эһээ оонньуурдара», онтон быйыл “Эбээ, эһээ иһитэ” — диэн ааттаан быыстапка тэрийдибит. Оҕолорго билиһиннэрдибит, кэпсээтибит.
Билигин биһиги остуолбутугар эгэлгэ ойуулаах-бичиктээх араас иһит-хомуос дэлэй. Үксүн таас, фарфор. Мас, туос иһиттэн аһыыр ыал, арааһа, суоҕа да буолуо. Оттон урут мас, туос иһиттэн аһаан олордохторо. Төһө да эргэрэн, туһаныллыбакка туран сааһыран алдьаннар, олус үчүгэй көрүҥнээхтэр. Хаһан эрэ, кимнээх эрэ бу иһиттэн тото-хана аһаан-сиэн улааттахтара, хайа эрэ ыал остуолугар сып-сылаас, мип-минньигэс аһы толору хоторон сандалы тула мустаҕа.
Оҕолор эбээлэрэ, эһээлэрэ аһаабыт, туттубут иһиттэрин сонурҕаан, сэргээн көрдүлэр.
Сардаана Васильева