Бүгүн, балаҕан ыйын 2 күнүгэр, Аҕа дойду улуу сэриитин бүтэһиктээхтик Кыайыынан түмүктээбит бэлиэ, умнуллубат күн. “Өйдүүбүт, сүгүрүйэбит, махтанабыт!” миитин Кыайыы болуоссатыгар улуус салалтата, тэрилтэ салайааччылара, общественноһа, оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыылаах ыытылынна.
Бү күн суолтатын уонна Кыайыыны уһансыбыт эһээлэрбит, эбээлэрбит үтүө ааттарын ахтан-санаан аастылар Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Егор Михайлов, көрдүүр-быыһыыр сулууспа начальнига, байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, «Саллааттар аҕалара» мэтээл хаһаайына Михаил Ан. Кэнчээри ыччат аатыттан М.А.Алексеев аатынан лицей-интернат 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Михаил Петров Аан дойдуга эйэ тосхойоругар баҕа санаатын эттэ.
Миитиҥҥэ мустубут дьон Кыайыы пааматынньыгар сибэкки дьөрбөлөрүн уурдулар. Бу бэлиэ күнүнэн Култуура үтүөлээх үлэһитэ Юрий Васильев- Дьураай уонна Наталья Ильина кыыһынан Софья Саргыдаевалыын “Катюша” ырыаны ыллаан иһитиннэрдилэр.
Өйдөбүл миитинэ биир дойдулаахтарбыт Петр Одорусов тылларыгар, Николай Бойлохов мелодиятыгар, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Иванова «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыанан түмүктэннэ.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! Өйдүүбүт, сүгүрүйэбит, махтанабыт!
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат