Балаҕан ыйын 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбит күнүн көрсө, Москва, Санкт — Петербург куорат госпиталларыгар эмтэнэр биир дойдулаах ЭР ХОҺУУТТАРБЫТЫГАР анаан кыракый кэһии хомуйан оҥордубут. Манна эбии «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакцията саҥа, буруолуу сылдьар сонуннардаах хаһыаты кыбытта.
Бу мөһөөччүкпүтүгэр: Кытыан, үөрэ ото, дэйбиир -харысхал, кулон — харысхал, туос, үрүҥ сиэл мастан руна бэлиэлээх харысхал, төгүрүк мас харысхал уктубут.
Нам нэһилиэгин «Ситим» түмсүүтүгэр, Иван Борисовка, Айыына Ивановаҕа, Варвара Таркаеваҕа, иистэнньэҥ ийэлэрбэр, эбээлэрбэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Эр хоһууттарбытыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин күүтэрбитин, кэтэһэрбитин тиэрдэбит.
БАРЫ БИИРГЭ КЫАЙЫЫГА!
Васма Иванова, «Дойдум тыына» иистэнэр сыах