Оҕо саадыгар үлэлиибин. Хас биирдии оҕо, үлэһит дьиэтигэр барарын күүтэбин. Ол кэннэ сууйан-тараан, уоту-күөһү, малы-салы көрөн бүтүөхпэр диэри, бириэмэ ыраатар. Бэйэм иччи, абааһы диэни итэҕэйбэт киһи соҕотох хаалартан, хараҥаттан куттаммат этим. Дьиэбэр быһалыы барарбар эргэ түмэл аттынан ааһааччыбын. Дьон «түмэлгэ сибиэни көрдүм», «хара күлүк ааспыта» диэн омуннура-омуннура кэпсиирин улахаҥҥа уурбат этим. Куруук ол аттынан ааһабын даҕаны, туох да баар сибикитэ биллибэт.
Таҥха кэмнэрэ үүннүлэр. Эдэр да, саастаах да дьон мустан таҥхалыыр, инникитин тымтыктанан көрүөн баҕарар. Биир күн дьүөгэлэрим: «эргэ түмэл күлүүһүн ылан бүлүүһэтэ сүүрдүөх», – диэбиттэрин «оҕолорбор таҥас тигиэхтээхпин» диэн куотуммутум.
Эргэ саҥа дьыл кэннэ этэ. Үлэбиттэн сылайан, хойут дьиэлээри хомуннум. Ким да суох. Таһырдьа ыас хараҥа, ыт улуйар, ыйдаҥа күүстээх уота ыллыкпын сырдатар. Арай түмэл иһигэр чүмэчи умайан сандаарар, дьон хаамар-сиимэр, күлсэр. Биир киһи түннүгүнэн миигин көрөр, кэтиир, кэтэһэр курдук. «Ээ, дьүөгэлэрим мустубуттар, киирэн кэпсэтэн, сэргэхсийэн ааһарым дуу» диэн үөрдүм. Арай сүүрэн тиийэн халҕаны тардаары гыммытым, тимир күлүүһүнэн ыбылы хатанан турар! Халҕан арыллыбатаҕа, тыытыллыбатаҕа быданнаан, түспүт хаар кытаатан хаалбыт. Олус соһуйдум, этим тарта. Ыксалынан түннүгү көрбүтүм ыас хараҥа. Били, күлэ-сала олорбут дьон ханан да суох. Ким да суоҕун, дьэ, өйдөөтүм. Тулам уу-чуумпу буолла, кылгас түгэҥҥэ чороҥ соҕотох хаалбыт курдук сананным. «Өллүм, сиэтилэр» диэн куттанан, дьиэбэр сүүрэн тиийбиппин өйдөөбөккө да хааллым.
Ити түбэлтэни айах атан кимиэхэ да кэпсээбэккэ сылдьыбытым. Иччилээх, эргэ дьиэлэр, өтөхтөр сэрэхтээх, туспа «олохтоох» эбиттэр дии саныыбын. Эргэ түмэл аттынан ааспат буолбутум. Быһалыам диэн былдьаныам дуо?
Сардаҥа Борисов