Сэтинньи 3 күнүгэр О.Д.Федорова аатынан улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэҕэ «Улахан этнографическай диктант» норуоттар икки ардыларынааҕы акция чэрчитинэн ааста.
Бу диктант Арассыыйаҕа олорор норуоттар култуураларын кытары билиһиннэрэр сыаллаах ыытыллар. 30 боппуруостаах тест. Хас биирдии киһи бу диктаны толорон, этнокультурнай грамотноһын таһыма сыаналаныаҕа 、
Этнокультурнай диктант сылын ахсын Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ыытыллар. Быйылгы диктаҥҥа дьон-сэргэ көхтөөх.
Түмүк сэтинньи 13 күнүгэр диэри диктант сайтыгар тахсыаҕа
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат