«Якутскэнерго» салайааччыта Гаврил Алексеев саҥа үүммүт сыллааҕы былааны
ырыта, саҥа турар соруктары дьүүллэһэ Саха сирин Арҕааҥҥы энергооройуонугар
тиийдэ.
Бастатан туран Үөһээ Бүлүүтээҕи РЭС кэлэктиибин кытары көрүстэ. “2024 сылга
сүрүн сорукпут — уот ситимигэр саахал тахсыытын намтатыы үлэтэ” диэн
тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. РЭС үлэһиттэрэ тэрилтэҕэ анал техника тиийбэтин
эттилэр. Билигин баар массыыналарга, вездеходтарга саҥа техника эбиллэрэ
буоллар энергетиктар өрөмүөн уонна саахал кэнниттэн чөлүгэр түһэрии үлэтин
оҥороллоро түргэтиэх этэ.
Былырыын Арҕааҥҥы ситимнэргэ уопсайа алта УАЗ, үс автокран, икки
гидроподъемник уонна биир сири үүттүүр массыына кэлбитэ биллэр. Техника
пааркатын хаҥатыыга быйыл даҕаны үлэ салҕаныахтаах.
Маны таһынан хампаанньа салайааччыта улууска 0,4 кВ-таах уот ситимнэригэр
хапытаалынай өрөмүөн — эргэрбит баҕаналары саҥардыы, баҕаналар сыбаайаларын
тимирдээх бетон сыбаайаҕа уларытыы итиэннэ изоляциялаах аныгы СИП боруобаты
тардыы — ирдэнэрин бэлиэтээтэ.
Гаврил Алексеев «Быйылгы сыллааҕы үлэбит барыта нэһилиэнньэни уотунан
хааччыйыы хаачыстыбатын тупсарыыга туһуланыахтаах. Саха сирин арҕаа
улуустарын сайдыытыгар, саҥа социальнай, коммерческай эбийиэктэр, олорор
дьиэлэр үлэҕэ киириилэригэр усулуобуйа тэрийиэх тустаахпыт. Бу улахан
эппиэтинэһи өйдөөн туран энергетиктэр дьон олоҕо тупсарын туһугар бары
сыраларын уураллар» диэн этэр.
РЭС үлэһиттэрин кытары көрсүһүүгэ салгыы коллективнай дуогабарга киирбит
уларыйыылар, айан-суол төлөбүрүн уонна хамнас кээмэйин туһунан кэпсэттилэр.
Түмүгэр Гаврил Алексеев 110 кВ күүрүүлээх подстанцияны уонна тэрилтэ
хаһаайыстыбаннай эбийиэктэрин кэрийэн көрдө.
Тохсунньу 16 күнүгэр Якутскэнерго салайааччыта Ньурба куоракка үлэлээтэ, бүгүн Сунтаарга
үлэлиир.
“Якутскэнерго” ПАУо Арҕааҥҥы электрическэй ситимнэрин пресс-сулууспата