Георгий Степанов: “Аһаҕас эфиргэ этиллибит этиилэр болҕомтоҕо ылыллыахтара диэн эрэлбин биллэрэбин”

Балаҕан ыйын 24 күнүгэр республика Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Саха сирин олохтоохторун кытта быһа эфиргэ тахсан кэпсэтиитин тула СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, бөһүөлэгин уонна Мэйик нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СР Бочуоттаах бэтэрээнэ, «Партия килбиэнэ» уордьан кавалера, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын сүбэһитэ Георгий Алексеевич Степанов санаатын бу курдук үллэһиннэ:

  • Тус бэйэм республика Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев быһа биэриигэ норуотун кытта кэпсэтиитин кэрэхсии иһиттим. Бу аһаҕас кэпсэтии биһиги республикабыт олоҕун-дьаһаҕын бары хайысхаларын таарыйда уонна балаҕан ыйын 27 күнүгэр бэлиэтэнэр СР судаарыстыбаннаһын күнүгэр ананна.

Өрүү да буоларын курдук, Ил Дархаммыт хас биирдиибитигэр сүрдээх тиийимтиэтик сахалыы, нууччалыы тылынан кэпсээбитэ, анаарбыта кини норуотугар чугаһын өссө төгүл туоһулуур. Тоҕо диэтэххэ, Саха сиригэр 120-чэ араас омук олорорун учуоттаан, сахалыы эрэ саҥарбыта буоллар, үгүс дьоҥҥо тиийимтиэтэ суох буолара өйдөнөр.

Бастатан туран, Ил Дархан дойдубут Президенэ Владимир Владимирович Путин Саха сиригэр кэлэ сылдьыытын кытта ситимнээн, кини туруорбут сыалын-соругун уонна республикабытын сайыннарыыга туһуламмыт сорудахтара, дьаһаллара кэлбиттэрин туһунан иһитиннэрэн туран, онно иҥэн-тоҥон тохтоото.

Билигин Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыы уонна итиниэхэ Саха сирэ туох көмөнү оҥоруохтааҕын тула кэпсэппиттэрин, тус бэйэтэ уонна улуустар, куораттар сулууспалыы сылдьар уолаттарын кытта сибээстэһэ туралларын, бэрт элбэх киһи көҥүл өттүлэринэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар оҕолорго көмө-ньыма буоларын туһунан кэпсээтэ. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сириттэн тоҕус Россия Геройдаммыппыт биир өттүнэн кэрэхсэбиллээх уонна киһи киэн туттар дьыалата диэххэ наада. Анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт Россия Геройун, майор Игорь Юргины республика ыччакка уонна социальнай коммуникацияларга миниистирин эбээһинэһин толорооччунан анаабытын туһунан иһитиннэрдэ. Бу Владимир Путин  ыытар политикатын кытта сөп түбэһэр. Кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт дьонтон талан, саҥа салалтаны таҥан оҥорууга үлэ барыаҕа диэн этэн турар. Ол чэрчитинэн уопуттаах уонна бэйэтэ Герой буолбут эдэр киһи итинник үлэҕэ тахсыбыта элбэҕи этэр.

Биһиги Сахабыт сиригэр квадроциклтан саҕалаан электрическай мотоциклларга тиийэ оҥоһуллар буолбута сүрдээх дьикти. Беспилотнай көтөр аппараттары (БПЛА) оҥоруунан дьарыктанан эрэрбит кэрэхсэтэр. Бу сырыыга даҕаны буолбатаҕын иһин, кэлэр өттүгэр даҕаны бу хамсааһын туһалаах буолуо дии саныыбын.

Ил Дархан биһиги олохпут бары хайысхаларын таарыйан аһарда. Элбэх киһи искэни эмтиир саҥа киин тутуллубутунан махталын эттэ. Аҕыйах сыл иһигэр Сахабыт сиригэр олус элбэх киһи искэн ыарыыларынан ыалдьан, өлөн- сүтэн тураллар. Бу сытыы иэдээни таба тайанан, дойдубут Президенэ Владимир Путин көмөтүнэн искэни эмтиир киин тутуллубута уонна аан дойдуга билигин инники кирбиигэ турар эмтиир оборудованиенан хааччыллыбыта хас биирдии ыарыһах эмтэнэригэр эрэли саҕар.

Музыка Үрдүкү оскуолатыгар Владимир Владимирович сүүрбэччэ сыллааҕыта сылдьыбытын санаан кэлэн, иккиһин сылдьан, оҕолору кытта көрсөн, саҥа Үрдүкү музыка киинэ тутулларыгар көмөлөһүөх буолан барбыта улахан ситиһиибит диэн этиэххэ наада.

Маны таһынан, республикаҕа киинэ индустриятын Уһук Илин үрдүнэн биир бастакынан сайыннарар киин туттуллуохтаах диэбиттэрэ сайдыы биир улахан көрүҥэ. Кэнники бириэмэҕэ биһиги ыччаттарбыт устубут киинэлэрэ Россияҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга тиийэ кэрэхсэнэр буолбуттарыттан киһи сүрдээҕин астынар. Маныаха сөптөөх дьиэ-уот тутуллан, үлэ баран, инники өттүгэр өссө үчүгэй киинэлэр уһуллан тахсалларыгар эрэлбит улаатар.

Түөрт чаас устата салҕанан барбыт быһа эфир кэмигэр республика олохтоохторуттан 1300-тан тахса ыйытыы киирдэ диэн эттилэр. Манна Айсен Сергеевич бэйэтэ эрэ буолбакка, туһааннаах министерстволар салайааччылара бары саҥа кэм ньыматынан экранынан көрөн-истэн олордулар уонна ыйытыыларга эппиэттиэхтэрэ дии саныыбын. Ол эрээри, дойду Президенэ уонна Ил Дархан буолбакка, олохтоох органнар бэйэлэрэ да быһаарыахтарын сөптөөх ыйытыылара үгүстүк иһилиннилэр. Маны куорат мэрията уонна биирдиилээн дьаһалталар үлэһиттэрэ бэйэлэрэ да быһаарыахтарын сөбө.

Биһиги Ил Дархаммыт олус элбэхтик кэлэр-барар, самолетунан көтөр. Сорох летчиктар киниэхэ эн көппүт чааһыҥ биһиги идэбитинэн үлэлиир чааспытынааҕар элбээбит диэн бэлиэтииллэрин кини бэйэтэ этэн аһарда. Маннык үгүстүк кэлэн-баран, Айсен Сергеевич республикабыт баһырхай сайдыытыгар сүрдээх элбэҕи оҥоро сылдьарын киһи эрэ барыта кэрэхсиир. Тус бэйэм урут Айсен Сергеевиһы кытта бииргэ үлэлээбит киһи быһыытынан, итинтэн олус астынабын, киэн туттабын уонна аһаҕас эфиргэ этиллибит этиилэр туолуохтара, болҕомтоҕо ылыллыахтара диэн эрэлбин биллэрэбин.

Галина Васильева

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше