Хаһыаты ааҕар муоданы сөргүтүөххэ!

«Үөһээ Бүлүү» хаһыакка сыл иккис аҥаарыгар сурутуу күргүөмнээхтик бара турар. Улуус киинигэр, нэһилиэктэргэ Почта дьиэтигэр тиийэн эбэтэр почтальону аадырыспытыгар ыҥыран эмиэ суруйуоххутун сөп. Ону тэҥэ Редакцияттан кэлэн ыларга сурутуу эмиэ ыытыллар.

Өрөспүүбүлүкэ 34 улууһун хаһыаттара эстафетаҕа кэриэтэ күрэхтэһэ олоробут. Ол курдук, күн бүгүн, саамай элбэх сурутааччылаах улууһунан Амма буолар. Аммалар хаһыаттарыгар уопсайа 609 киһи суруппут. Биһиги «Үөһээ Бүлүү» хаһыаппыт аммалар кэннэ иккис миэстэҕэ иһэр. Ол курдук, 565 киһи суруттаран олорор. Үөһээ Бүлүүнү кытта тилэх баттаһа Нам улууһа иһэр, манна 555 киһи суруттарда. Онтон салгыы Сунтаар 520, Таатта 399, Ньурба 355 уонна Уус Алдан 335 сурутааччылаахтар.

Күндү биир дойдулаахтарбыт, улууспут хаан-уруу «Үөһээ Бүлүү» хаһыатыгар сыл иккис аҥаарыгар суруттарыҥ диэн ыҥырабыт. Хаһыаты ааҕар, таптыыр ыччаты иитэн таһаарар туһугар бары бииргэ кыһаллыахха.Хас биирдии дьиэҕэ, тэрилтэҕэ улуус хаһыата тиийэн-тиксэн кэлэрин ситиһэн, хаһыаты тута сылдьан ааҕар муоданы сөргүтүөххэ.

Читайте дальше