#муҥха #харбалаах
Муҥхаҕа 30-ча киһи сылдьан, хас биирдиилэрэ куул кэриҥэ көмүс хатырыктаахха тигистэ.
И.Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ Максим Долгунов бэҕэһээ баһылык муҥхатыгар, онтон бүгүн Харбалаах муҥхатыгар аҕатын кытта сылдьыспыт.
Кыра саастаах балыксыт икки күн субуруччу муҥхалаан, өлүү балыктанан, үөрбүт-көппүт, астыммыт.
Уол оҕону бултка, балыкка тэҥҥэ илдьэ сылдьар аҕа холобур буолуох тустаах.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат