Ийэ тыл күнүн көрсө Нам нэһилиэгэр «Хоһоон кустуга» диэн поэтическай тэрээһин буолан ааста.
Нам нэһилиэгиттэн төрүттээх уонна олохтоох айар куттаах хоһоон суруйар кэрэ аҥардар «Бичийэ» диэн түмсүүлэрэ хоһоон хонуулардаах түһүлгэҕэ түмүстүлэр. Кинилэр иэйии абылаҥар ылларан, хоһооннорун аахтылар, айымньыларын ырытыылары иһиттилэр.
Ордук оҕо саас уонна дойдуга таптал туһунан истиҥ хоһооннор бу киэһэни киэргэттилэр.
Тэрээһини түмсүү салайааччыта Нина Родионовна Саввинова иилээн- саҕалаан ыытта.
Үөһээ Бүлүүттэн «Ийэ тыл” түмсүүтүн салайааччыта Макаров Бурхалей Степанович, П.Н.Тобуруокап аат. Нам орто оскуолатын саха тылын учуутала Протодьяконова Юлия Дмитриевна, тыл үөрэхтээҕэ, учуутал Санникова Елена Владимировна хоһооннору ырыттылар.
3-с түһүмэҕинэн ырыа буолбут хоһооннору ыллаатылар. Манна олохтоох мелодист Гаврильева Евдокия Тимофеевна Семенова Вероника Николаевна-Хомусчаана уонна Тарасова Розалия Петровна-Бөкөөс кыыһа хоһоонноругар гитаранан доҕуһуоллаан олус үчүгэй ырыалары ыллаата.
Маны таһынан Саввинова Нина Родионовна дойдутун туһунан хоһоонугар нэһилиэк дьоно бары сөбүлээн ыллыыр буолбут ырыата тыаһаата. Тэрээһиҥҥэ куораттан куйаар ситиминэн икки хоһоонньут кыттыбыта сүргэбитин көтөхтө.
Түмүгэр, айар куттаах Далбар хотуттар остуол тула итии үүттээх чэйдээх, алаадьынан айах тутан олорон сэһэргэстилэр, санааларын сайа этиннилэр. Олус истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолбутуттан бары дуоһуйан тарҕастылар.