Эдуард, хантан төрүттээх, туох идэлээх киһи буолаҕын?
-Үөһээ Бүлүү Дүллүкү нэһилиэгиттэн силис анньынан, куорсун үүннэрэн тахсыбытым. Оскуолабын онно бүтэрэн Үөһээ Бүлүүтээҕи техникумҥа, тырахтарыыс идэтигэр туттарсан киирбитим.
Тырахтарыыстан хайдах култуура, искуссство эйгэтигэр кэллиҥ?
— Үөрэхпин бүтэрэн баран дойдубар Дүллүкүгэ култуура дьиэтигэр үлэлии киирбитим уонна ол сайын Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжыгар тургутууну ааһан туттарсан киирбитим. Араас тэрээһиннэргэ, кэнсиэрдэргэ кыттыыны ылан, айар дьоҕурбар олоҕуран ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьабын. Билигин номнуо маҥнайгы кууруспун этэҥҥэ түмүктээн дойдубар кэллим.
Хоһоон суруйар дьоҕур хайдах уһуктубутай?
-Суруйар дьоҕурум эмискэ киирбитэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ, хоһоон суруйдахпына эрэ толору дуоһуйа тыынар буолбут курдукпун. Дойдум Дүллүкү «Поэзия» диэн айар куттаах дьон түмсүүтүгэр баарбын уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи «Чэчир» түмсүүгэ айар куттаах эдэр суруйааччынан киллэрбиттэрэ. Суруйбутум сыл эрэ кэриҥэ буолла, эрээри билигин 40-50 айымньылаахпын.
Сайыҥҥы түүн дойдубар.
Сайыҥҥы түүн дойдубар,
Итии чэйбин сыпсырыйа
Олоробун таһырдьа салгыҥҥа
Чуумпуга санаалыын иһийэн…
Тэлгэһэбэр үөн-көйүүр саҥата
Түптэлиир буруобун билиммэт.
Дьон бары нухарыйар кэмигэр
Арай мин утуйар уум күрэнэр…
Айылҕам нуктаабыт курдук
Үлүскэн үгэнин кэнниттэн
Сир сиигин халлааҥҥа көтүтэр,
Күөх оту симиирдии дьиримниир.
Бу кэмҥэ олоҕу анааран
Атаарбыт күннэрбэр төннөбүн,
Ураты түгэнтэн дьоллонон
Санаабын хоһооммор тиһэбин.
Хотун Бүлүү Эбэккээм.
Дохсун сүүрүккүнэн долгуйа,
Көрсө түстүн кытылгар аймана,
Көмүс кумаххар оргууй бигэнэн
Уолуҥ кэлэн бу турабын…
Сүрэхпэр охсуллар долгунуҥ
Уйулҕабын киирэн уһугуннарда
Хотун Бүлүү Эбэккэм,
Уолуҥ обургу эмиэ атаахтаата.
Ыраахтан айаннаан кэлэммин
Ахтылҕан кыымын күөдьүттэҕим,
Күн сардаҥата түспүт күлүмүн
Сыныйан таптыы көрдөҕүм…
Оо, үрдүк хайаҕыттан тирэнэн
Хотой буолан көтө сылдьыахпын
Нэлэмэн киэлигин одуулаан
Элиэтии тэлэһийэ дайыахпын…
Туох баарый? Эйигиттэн Ытык…
Ким баарый? Эйигин таптаабат.
Оо, Хотун Бүлүү Эбэккэм…
Арахсыам суоҕа эйигиттэн хаһан да.
Тиийиэм сотору дойдубар
Кэрийэ хаампыт алаастарбар,
Төрөөбүт төрүт түөлбэбэр,
Аймах билэ бар дьоммор.
Күүтэллэр миигин онно:
Мутукча сыттаах тиит мастарым,
Сиэдэрэй көстүүлээх хатыҥнарым,
Көрүлүү көччүйбүт хонууларым.
Дойдубар тиийдэрбин,
Ылланыахтара ырыаларым…
Ахтылҕан кыымынан,
Хоһуллуохтара хоһооннорум.
Кууһан ылыаҕым айылҕабын
Тапталбын оргууй сипсийиэҕим…
Үтүө мааны дойдум дьонугар,
Сонун кэһиилээх тиийиэҕим.
Көрсүө миигин дойдукам,
Аартыктарын сэгэтэн…
Саймаархай тыынынан,
Сүрэхпин сылаанньытан.
Төннө туруохха
Төрүт буорбутугар.
Сир элбэх, ол эрээри
Дойду барахсан соҕотох.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат