Хоһоонньут балтым кэриэһигэр

Сэтинньи 20 күнүгэр суон сурахтаах сургуулуктар баар-суох хомоҕой тыллаах хоһоонньуттара, мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр ырыаны-тойугу ымыы оҥостубут киһилэрэ Елена Дмитриевна Огочонова-Иванова сирдээҕи олоҕо түмүктэннэ. Кини арыый тулуспута буоллар, ахсынньы 28 күнүгэр 81 сааһын туолуохтааҕа…

Мин Өлөөнөнү маҥнай Ыйылас Кубалааҕар саҥа чороччу улаатан эрэр кыысчаан эрдэҕинэ көрбүтүм. Ол сир ферматыгар дайааркалыы сылдьар эдьиийэ Ахааппыйаҕа ыалдьыттыы тиийбит этэ. Ол аата, ийэтэ Аана бииргэ төрөөбүт балтыгар. Ол Ахааппыйа миигин куруук аймаҕыргыыра уонна оттуу сылдьан ыһыгым бүтэн хааллаҕына аһынан-үөлүнэн даҕаны хааччыйара. Ол аата, кини Ыйылас аҕатын ууһуттан силистээҕин-мутуктааҕын туһунан чуолкай өйдөбүллээх эбит. Ол эбэтэр, 19-с үйэ саҕаланыытыгар Ыйылас аҕатын ууһун төрүттээбит Ыйылас Өлөксөй уонна Хараҕа Суох Дарбыан ыччата Хабах Миитэрэй сиэнэ буоларын туһунан.

2011 с. Өлөөнө “Дьоммор-сэргэбэр аныыбын” диэн ааттаан бэчээттэппит дьоһуннаах хоһооннорун хомуурунньугун бу күннэргэ иккиһин аахтым. Кинигэҕэ хайҕал былаастаах аан тылы норуот суруйааччыта С. Т. Руфов суруйбут. Автор кинигэтигэр ийэтин Ыйыластааҕы түҥ былыргы төрүттэриттэн саҕалаан, ытык дойдутун — Сургуулугун сорох сирин-уотун уустаан-ураннаан ойуулаабытын уонна бу сир уонча уһулуччу дьонун үлэлэрин-хамнастарын, кинилэр психологическай уратыларын поэзия алыптаах тылынан ырыппытын дууһабынан улаханнык уйадыйан олорон аахтым. Бу кинигэтигэр кини өссө бэйэтин боростуойа суох тус олоҕун, биир эрэ ый бииргэ олороот халты харбаабыт маҥнайгы кэргэнин, оҕочоос уонна эдэркээн сылдьан күн сириттэн күрэммит көмүс чыычаахтарын — үс оҕотун аһыытын-абатын туһунан хайа баҕарар киһи нохтолоох сүрэҕин долгутуох, айыылаах-харалаах дууһатын аймыах курдук суруйбут.

Ол хомуурунньугар кини өссө кэргэнэ Уйбаныап Баһылай Уйбаанабыс-Мондоох Баһылай, уола Руслан, сиэннэрэ Настя уонна Өлөксөй тустарынан үтүө-мааны бэлиэтээһиннэри оҥорбут. Өлөөнө ол хоонньугар сытар холоонноох доҕоро Баһылай эргиллибэт эдэр сааһыгар “Бүктүкү Чинэкэтэ” диэн историческай ааттаах сиргэ туппут сайылыгын куруук ахта, саныы сылдьара. Онон кини айылҕаҕа анаммыт хоһооннорун ол ытык мааны сиргэ-уокка олорон суруйбут буолуохтаах. Ол Бүктүкү, Кэҥкэр уонна Дьаанай диэн ааттаах дьон Сургуулук түбэтигэр 19 үйэҕэ Далыр Күүлэтиттэн көһөн олохсуйбуттар. Олортон Кэҥкэр уонна уонна Бүктүкү кэлин Сургуулук уонна Ыйылас түбэтигэр лаппа киэҥник тэнийбит аҕа уустарын үөскэппиттэр.

Өлөөнө дьиэтигэр сатабыллаахтык таҥыллан мунньуллубут дьоҕус библиотекалаах этэ. Уонна онно баар үксүн Баһылайа муспут кинигэлэрин кини барытын аахпыт быһыылааҕа. Онон даҕаны ырытар хомуурунньугар кини саха литературатын классиктара Платон Ойуунускай, Николай Якутскай уонна Петр Тобуроков тустарынан хоһооннорун киллэрдэҕэ.

Уопсайынан, Баһылайдаах Өлөөнөнү мин Сургуулук дьикти ыалларын кэккэтигэр киллэрэр этим. Уонна оннук дьикти санаа мин кинилэргэ маҥнай хоммут түүммэр, ааспаттык, арахпаттык киирбитэ. Киэһэ хойут айаннаан тиийбит киһини чаайдата охсоот, Өлөөнө: “Утуйар хоһуҥ бу”, — диэбитигэр, уоту даҕаны умаппакка ороммун булбутум. Онтон түүн ортотун саҕана эмискэ уһуктан, уоту холбоон баран ундаардаабытым, дьэ, атын оҕонньоттор миигин үөһэттэн уоттаах харахтарынан одуулуу олороллор эбит. Олортон биирдэстэрэ Ньыыкан ойуун, иккистэрэ Бадыл ойуун эбиттэр. Онно сэрэйбитим мин: дьонум миигин көрбүөччү уонна улахан массажист эмчит быраатым Одун Баһылай хоһугар утуппуттарын. Ол кини ыйаталаабыт эбит төбөтүн үрдүгэр бассабыык былааһа баһыйбатах, хомуньуус былааһа хоппотох ытык оҕонньотторун мэтириэттэрин. Олор иккиэн даҕаны мин таайбын Үгүлээт улуу анньынар ойууна Хаптаҕас Ньукулайы билэллэрэ эбитэ үһү.

Өлөөнө кинигэтигэр өссө биир дойдулаахтара Т. П. Васильеваҕа, М. Е. Степановаҕа, В. Г. Игнатьеваҕа, В. С. Прокопьеваҕа, В. З. Эппяховка, В. Н. Максимоваҕа, С. А. Хабытоваҕа, П. Т. Боескороваҕа уонна кэргэнэ Баһылайга анаммыт хоһоонноро киирбиттэр. Балартан киһи кутун-сүрүн ордук уйадытара доҕоро Поликсения Тимофеевна Боескорова — аанньал курдук сырдык дууһалаах киһи, кэриэһигэр анаммыт хоһооно.

Онон ырыппыт хомуурунньугум наука эйгэтигэр 11 билим докторын уонна профессорын таһаарбыт талба талааннаахтар дойдулара — ытык түбэ Сургуулук историятын уонна культуратын сиэркилэтэ буолар. Уонна ону поэзия алыптаах тылынан сатабыллаахтык көрдөрбүт норуот талба талааннааҕа Елена Ивановна Огочонова-Иванова аата-суола кэннэки көлүөнэ дьонугар-сэргэтигэр кэрэ кэпсээн буолуоҕа.

 

Никита Архипов, историческай наука доктора

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше