Идэлээх бырааһынньыгынан, күндү Учууталлар!

Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салалтата, педагогическай общественноһа  ытыктабыллаах  улуус үөрэҕин ситимин бары учууталларын, убаастабыллаах педагогическай үлэ бэтэрээн учууталларын аан дойдутааҕы Учуутал күнүнэн, идэлээх бырааһынньыкпытынан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!

Учуутал күнэ – чахчы да норуот бүттүүнүн бырааһынньыга. Бу күн биһиги учууталларга сыралаах үлэлэрин, киэҥ билиилэрин, идэлэригэр бэриниилэрин иһин дириҥ ытыктабылбытын уонна махталбытын биллэрэбит. Бүгүн Саха сирин үөрэҕин тиһигэ биир саамай бөдөҥ эйгэнэн буолар, эһиги үөрэх тиһигин сайыннарар уонна бөҕөргөтөр дьиҥ кыахтары кэрэһилиигит. Өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна бырабыыталыстыбата үөрэх тиһигин сайыннарыыга, саҥа оскуолалары, оҕо уһуйааннарын, эбии үөрэхтээһин объектарын тутууга, матырыйаалынай-техническэй базаны бөҕөргөтүүгэ дьоһун болҕомтону уурар. Бу барыта үөрэтэр уонна иитэр үлэни-хамнаһы тэрийиигэ уонна сайыннарыыга, оҕону өй-санаа, култуура, сиэр-майгы өттүнэн иитэн таһаарыыга сүрүн төһүү буолар. Былаас уонна уопсастыба, учуутал уонна төрөппүт түмүстэҕинэ, биһиги үөрэхпит тиһигин сайыннарыы, хас биирдии оҕоҕо уонна ыччакка бастыҥ үөрэҕи биэрии мэктиэлэнэр.

Улууспут былыр-былыргыттан өркөн өйдөөхтөр уутуйан үөскээбит ытык сирдэринэн биллэр. Бүгүҥҥү үрдүк үөрүүлээх күҥҥэ кинилэр үтүө  ааттара өссө үрдүк суолталанар. Ол курдук, XX үйэ чулуу педагогтара ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич  Алексеев, Сахаттан бастакы РФ норуодунай учуутала Виктор Филиппович Потапов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы норуодунай учуутала Василий Софронович Долгунов, РСФСР үтүөлээх, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Дмитрий Спиридонович Спиридонов, Россия айымньылаах педагогикатын Академиятын академига, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Константин Спиридонович  Чиряев, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, М.А. Алексеев аатынан государственнай Бириэмийэ лауреата Александр Иванович Семенов уо.д.а. ааттарынан өрүү киэҥ туттабыт.

Быйыл улууска 25 эдэр специалист кэлэн үлэтин саҕалаата. Улууска үөрэхтээһини сайыннарар тус сыаллаах федеральнай программалар, бырайыактар үлэлииллэр. “Точка роста”, “Цифровая образовательная среда”, “Успех каждого ребенка”, “Доступная среда», “Молодые профессионалы”, “Современная школа”, “Учитель будущего” курдук бырайыактар улахан сэҥээриини ыллылар уонна олоххо киирэллэр. Манна барытыгар биһиги күндү учууталларбыт, иитээччилэрбит Эһиги айымньылаах үлэҕит хамсатар күүс буолар.

Ытыктабыллаах ветераннарбыт, Эһиги учуутал уустук, ол эрэн бочуоттаах идэтин баһылаан, хаһан үлэҕэ анаммыт күҥҥүтүттэн төрөөбүт нэһилиэккит, улуускут ыччата үөрэх-билии аартыгар тахсарыгар, улуус научнай кадрын бэлэмнээһиҥҥэ, бастыҥ технологиялары, саҥа инновационнай проектары олоххо киллэриигэ таһаарыылаахтык үлэлээн, дьон-сэргэ үрдүк итэҕэлин, махталын ылаҕыт, улууска үөрэхтээһин сайдыытын историятыгар киллэрсибит сэмэй кылааккытын улуус педагогическай общественноһа бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ астынан туран бэлиэтиир! ХХ1 үйэ саҥа көлүөнэ ыччата, салайааччылара Эһиги көмүс көлүөнэ, аҕа саастаах коллегаларбыт олорон, үлэлээн ааспыт олоххутун сыаналыыбыт, харыстыыбыт, ытыктыыбыт! Эһиги көлүөнэ хаалларбыт баай уопуккутун, олоххо дьулуургутун өрүү холобур оҥостобут, үлэҕэ, олоххо, эдэр ыччаты иитиигэ баай уоппуккутун эдэр көлүөнэ ыччакка үллэстэ, сүбэ –саргы буола сылдьаргытынан киэн туттабыт! Эһиэхэ, күндү дьоммутугар баҕарабыт чөл, доруобай туругу, дьиэ кэргэттэргитигэр уйгулаах байылыат олоҕу, инникигэ эрэллээх буолууну, дьолу – саргыны! Улууска үөрэхтээһин инники сайдыыта – Эһиги уһансыбыт улуу дьыалаҕыт салҕыыта буолар диэн туран, барҕа махталбытын этэбит!

Улуус бары учууталларыгар, иитээччилэригэр, педагогическай үлэ бэтэрээннэригэр чэгиэн доруобуйаны, саҥа кирбиилэри, ситиһиилэри, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Сырдык санаанан салайтаран, тулаҕытыгар үтүөнү эрэ түстээҥ, кэрэни эрэ олохтооҥ. Бука бары дьоллоох буолуҥ, саҥа үөрэх сыла барыгытыгар ситиһиилээх буоллун!

Спиридон Борбуев, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салалтатын начальнига

 

 

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше