Тохсунньу 18 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай орто оскуолаҕа   методическай  холбоһуктар  дьиэ кэргэн уонна оҕо сылыгар анаммыт оскуола инники сайдыытын түстүүр сүбэ мунньахтара буолан ааста.

Бастатан туран “Сахалыы тыыҥҥа оҕону иитии – үөрэтии суолтата” темаҕа бэсиэдэтин  “Ийэ тыл”  түмсүү салайааччыта, биһиги улууска бастакынан сахатытыыга сугулааны тэрийбит  Макаров Бурхалей Степанович ыытта.

Кини  мустубут учууталларга сүрүн сүбэтинэн үөрэтэр оҕолоргут удьуор утумнарын үөрэтии, төрүччүлэрин биллэрии иитэр – үөрэтэр  үлэҕитигэр төһүү күүс буолуоҕа  диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна төрүччүнү оскуолаҕа үөрэтиигэ бэйэтин  “ Удьуор утума” бырайыагынан үлэтин уопутуттан сүбэлэри биэрдэ.

 

Оскуолаҕа уонна дьиэ кэргэҥҥэ    күннэтэ  сахалыы тылынан эҕэрдэлэһии, кэпсэтии, сэһэргэһии баар буоллаҕына эрэ оҕо төрөөбүт тылынан холкутук саҥарарын ситиһиэхпит, оччоҕуна кини төрөөбүт дойдутун сиһилии билэн – көрөн, төрүт сириттэн силис – мутук тардан ыыра кэҥиэ, сайдыы суолугар үктэниэ диэн түмүктээтэ.

 

Мантан салгыы мустубут учууталлар бөлөхтөргө арахсан оскуола инники сайдыытын түстүүр, саҥа сүүрээннэри киллэрэр сыаллаах  бэйэлэрин көрүүлэрин, санаалары түмэн   бырайыак быһыытынан саҥа торумнары оҥордулар. Түмүккэ маннык сонун бырайыактар үөскээтилэр: “Дьиэ кэргэн – оскуола ситимэ”, “Дьиэ кэргэн уонна оҕо сылыгар аналлаах сонун тэрээһиннэр”, “Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону сатабылга уһуйуу”.

 

Наталья Николаева, Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччыта

 

 

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше