Үтүө күнүнэн, Үөһээ Бүлүүлэр!
Эһигини «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ийэлэрин күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Олоҕу бэлэхтиир, күн сирин көрдөрөр Ийэ барахсан — дьиэ кэргэн туллар тутааҕа, сир ийэ эргийэр киинэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин 1993 сыл балаҕан ыйын 2 күнүнээҕи 532 № Ыйааҕынан алтынньы үһүс баскыhыанньатыгар Саха сирин үрдүнэн Ийэ күнэ бэлиэтэнэр.
Быйыл Ийэ сыла улууска уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл И.Н.Барахов, Россияҕа педагог уонна настаабынньык, Саха сиригэр үлэ сылларыгар сөп түбэстэ. Саха сирин ийэлэрин күнэ — ийэни үрдүктүк тутуу, киниэхэ муҥура суох тапталы, махталы биллэрии күнэ. Бу күн улуус киинигэр уонна бары нэһилиэктэргэ ийэни уруйдуур араас тэрээһиннэр үрдүк таһымҥа ыытыллаллар.
Биһиги ийэлэрбит улуус социальнай-экэнэмиичэскэй, сайдыытыгар, социальнай-култуурунай олоҕор киллэрэр кылааттара улаханын бэлиэтиибин. Кинилэр норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар айымньылаахтык үлэлииллэр, оҕолорун Үөһээ Бүлүүлэрин, Сахаларын сирин, Улуу Россияны – таптыырга, киһилии киһи буоларга уһуйаллар. Ийэлэр барахсаттар Украинаҕа анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун хотойдорун туһугар сүрэхтэрэ ыалдьар, ытык иэстэрин чиэстээхтик толорон, кыайыы көтөллөөх этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин туһугар айбыт Айыылартан үҥэн-сүктэн көрдөһөллөр…
Үөһээ Бүлүү Күн-Күбэй Ийэлэрэ! Бу тыҥааһыннаах күҥҥэ-дьылга бары бииргэ буолуҥ, киэҥ көҕүстэниҥ. Оттон Үөһээ Бүлүүлэр бука бары эр хоһууннарбытыгар салгыы туох кыалларынан көмөлөһө туруоҕуҥ диэн ыҥырабын.
Хайдах курдук истиҥник, сылаастык эппитий тапталлаах учууталбыт, бэйиэппит, Үөһээ Бүлүү киэн туттуута — Петр Одорусов:
Кып-кыра кырдьаҕас ийэбин
Мин наһаа, олус да аҕынным.
Чап-чараас хатыҥыр бэйэтин
Эмискэ санааммын аһынным.
Күн бүгүн киниэхэ тиийэммин,
Сып-сылаас дьиэтигэр киирэммин,
Сэрэнэн көтөҕөн ыламмын,
Сэмэйдик сыллыахпын баҕардым…
Дириҥ ытыктабылы кытта
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын э.б.к.т. С.Михалев