Чэ, бу олох саамай ыарахана — киһи олоҕор кырдьыы кэллэҕинэ кэлэр эбитин эдэр сылдьан өйдөммөт эбит ээ. Хаһан да кырдьыа суох курдук сананаахтыыр.
Оо, бу үс оҕолоох ийэ муҥнаах эрэйи көрөн сытаахтыыр. Сыппыта ыраатта, хаһыс да сыла. Эгэ, оронугар олорор эҥин эрдэҕинэ наадатын бэйэтэ дьаһана сатыыра ээ, дьэ билигин кыаммат буолан иһэр. Оҕолоро хайдах эрэ киниттэн тэйэн, бэл диэтэр, сиргэнэр курдук буолтара дьэ сүрдээх. Бэл, бу кыаммат буолбут кэмигэр кэлэн, төбөтүн өндөтөн, чэй иһэрдибэттэр, чааскылаах чэйин оронун кытыытыгар турар олоппоско аҕалан уураат, кэпсэтэ түспэккэ куоталлар. «Ийээ, хайдаххыный», — диэн биир истиҥ тылы истибэккэ сытаахтыыр. Оҕолорум харайыахтара диэн эрэммитэ ханна баар, барахсаттар, эчи, сүрэхтэрэ тоҥуйун, тыллара тымныытын.
Бу Сүөкүлэ муҥнаах эдэр сааһыгар колхуос, сопхуос үлэтигэр илиитин араарбакка үлэлээбитэ, оҕолорун дьолун туһугар түүннэри-күннэри үлэ үөһүгэр сылдьыбыта. Кэргэнэ Сөдүөт үс сыллаахха өбүгэлэригэр барбыта. Сөдүөтү Сүөкүлэ бэйэтэ харайахтаабыта, оҕолоро аҕаларыгар чугаһаабатахтара. Арай кыра уола биирдэ эмит аҕатын көтөхсөн абырааччы. Ол да: «Хайа муҥун, бу оҕонньор муҥа», — диэн мөҕүттэрин Сүөкүлэ уолун: «Хайа тоҕойуум, кэбиһиий, ииппит, аһаппыт аҕаҥ дии», — диэн буойар этэ. Оҕолор суохтарыгар Сөдүөтүн аһата олорон: «Эн дьэ мин баар буолан харалынныҥ, мин муҥнаах хааллахпына кимим харайара биллибэт, оҕолорбут тугу батаннар итинник тоҥуй, тымныы сүрэхтэммиттэрэ буолаахтыай», — диэн муҥатыйара. Дьэ, ол санаабыт санаатыгар бу кэлэн сытаахтыыр. Уолбут көмүскэтиттэн хараҕын уута тахсан, иэдэһинэн сүүрэн, сыттыгын илитэр.
Улахан уол Тиимэ инньэ Бүлүү диэки олорор, күр-бар ыаллар, ийэтигэр үнүр кэлэн барбыта. Кэтэх массыыналаах киһи төһө кынан кэлиэй, начаас буоллаҕа. Кэлэн ийэтин аахха биэс хоммута да, ийэтин кытта айах атан кэпсэппэккэ барбыта, биир ньуоску хааһыны, биир омурдуу чэйи иһэрдибэтэҕэ. Сүөкүлэ иһиттэҕинэ анараа хоско уолун саҥата баахтыйар: «Ийэбит кыаммат буолбут дии, мин солом суох уонна ол киһи сааҕын, иигин буккуйбаппын, бэйэҕит көрүҥ, антах ойоҕум аҕата эмиэ кырдьан сылдьар», — диэн куоппута ээ, ийэтиттэн.
Бу орто уолугар сытар, кийиит хоту дьахтара, ол кинилиин айах атан кэпсэппэт, эгэ, сылаас чэй киллэриэ дуо, суох буоллаҕа. Мөҕүттэр саҥата элбэх: «Бу эмээхсин иигин, сааҕын сыта дьиэни алдьатта, ийэҕин киэр гын», — диэн уолун Сөдүөтү сулуйар саҥата күн-түүн элбээн иһэр. Онно уолун саҥата: «Ханна гыннараары гынаҕын, өлүө буоллаҕа сотору», — диирин истэн, Сүөкүлэ муҥнаах уйа-хайа суох ытаан сыҥыргыы сытаахтыыр.
Кыра уола иһэн-аһаан буккуллан, ойоҕуттан арахсан, ханна эрэ тыаҕа үлэлиир, ол хаһан өйүн-төйүн булан кэлиэ да биллибэт. Хайдах эрэ кыра уола Ньукулай киниэхэ чугас курдук ээ, баарыгар мөҕүтүннэр да, таҥаһын-сабын уларытааччы, иэйдэҕинэ өндөтөн чэйин иһэрдэн абырааччы. Ньукулайын ойоҕо Мотурууна көнө, эйэҕэс дьахтар этэ, ону ити уол таһылҕалаан, арыгыга охтон хаалан, сатанымаары гынаннар былырыын арахсыбыттара. Сүөкүлэ: «Ньукулайбын ыҥыттарыыһыбын», — дии санаан сытар. Бэриинэтигэр ииктээбитэ этин аһытан, саатар, иэдэттэ. Аны хойуута мунньуллан иэдэйдэ.
«Сөдүөт, кэл эрэ, тоҕойуум», — диэн уолун ыҥырбытын, кийиитэ киирэн: «Уолуҥ үлэтигэр, туох баар, туохха наадыйдыҥ?» – диэт, сирэйин мырдыҥнатаат, быыс кэннигэр элэс гынан хаалар. Күнүс Сөдүөт кэлбитигэр кийиит саҥата: «Ийэҥ ыҥырар, баарыҥҥыттан, таҥаһын таһырдьа таһаар, дьиэбит сыта дьаабы буолла», — дии тоһуйда. «Ээ, чэ, хайдах тыыннаах киһини таһырдьа бырахтараары гынаҕыный, иирбит дьахтаргын дуо?» — Сөдүөт саҥата ордоотуур. Ийэтигэр киирбитин ийэтэ кэлэйбиттии көрөн баран, ытыы-ытыы: «Ээ, тоҕойуум, ийэм диэн санаабат буолбуккун дуу, сүрэҕиҥ тоҥуйун, эрэммит оҕом дьэ эрэйдээтиҥ дии. Хам аччык сытаахтыыбын, ыл, уута иһэрт эрэ саатар», — диэбитигэр Сөдүөт «оо, дьдьэ», — дии-дии ийэтин холустук төбөтүн өндөтөн уу иһэрдэн абыраата. Сүөкүлэ дириҥник өрө тыынан баран «дьэ сорум,эрэйим даа эбит доҕор,бу кими батаҥҥыт маннык тоҥуй,тымныы сүрэхтэммит муҥҥут эбитэ буолла, били уолу Ньукулайы ыҥыттар,ийэлээх этим диэн саныыгын эрэ суох эрэ,туох абааһы дьахтарын ойох ылаҥҥын төбөҕүн онно сүүйтэрэҥҥин бу эрэйбин эрэйдээтиҥ тоҕойуом. Уолу булгуччу бүгүн ыҥыртар. Ол кини да кэлэн хайыа баарай,арай айыым таҥарам абырыа буоллаҕа»- диэн саҥата суох ытаан хараҕын уута сүүрэ сытта. Сөдүөт киһи эрэ буоллар сүрэҕэ мөҕүл кынан хараастан ылла итигэннэ «сөп,сөп ийээ,Ньукулайы ыҥыттарыам бүгүн»- диэт ийэтин хоһуттан куотан таҕыста. Оо бу туох ааттаах дилэй куҥ эттээх,таас муус сүрэхтээх, тымныы тыйыс тыыннаах төрөппүт ийэлэригэр төлүүр иэстэрин умнубут дьонуй доҕоттоор,буолар даа эбит диэн бэккиһээн саҥарыллыбар. Сөдүөт санаата түһэн ыга кыыһыран ойоҕор «саатар дьиэҕэ олороҥҥун ийэбэр биир омурдуу чай иһэрдибэт туох куһаҕан дьахтараҕыный бу эн»-ойоҕо умайыктанан «көр эрэ өссө ийэҕин бэйэҥ көрбөккө миэхэ көрдөрөөрү кыммыккын дии,тохтууруҥ буолуо,көр да маны»-хотун холоруга киирэн этэн тыынан эҕилдьийдэ.»Уолун Ньукулайы ыҥыр,ити эмээхсин эргэ дьиэтин отун,онно уолунаан олордуннар,айа манна,фуу иигин,сааҕын сыта да сүрэ бэрт»- барахсан хаһан да кырдьыа суох киһи курдук саҥардаҕа сүрүн.
Сүөкүлэ кыра уола Ньукулай сарсыныгар кэллэ,иккис илдьит кэнниттэн. Нэһиилэ сытар ийэтигэр киирэн «сүгүн сыппаккын сылаас дьиэҕэ,үлэ киһитин ыҥыртараҕын,дьэ туох баар,сарсын төннүөм наадаҕын эт»-«ээ тоҕойуом мин дьэ кыайан хараллыбакка өлөр күрүүм буолла ээ тоом, ийэм диэн аһымматыҥ тоҕо бэрдэй,саатар биирдэ эбит сыллаан да ылбаккын, төһөлөөх эһиги тускутугар эрэйдэммиппитин санаахтаабат буоллаххыт, оҕолорум туһа диэн мөхсөөхтөөбүппүт аҕаҕыныын,аҕан эрдэ баран эгэ хараллыбыта,мин муҥнаах бу эрэйи көрөн сытаахтыыбын,үс уоллаах этим да оҕото суох курдукпун,саатар эн тоҥкуруун буолума,таҥаспын саппын уларыт,сууй тараа,аһат киһилии көр,харай эрэ һыллыый тоойуум»-«ээ чэ ол мин хайдах эйигин сатаан көрүөхпүнүй, Сөдүөттээх эбэтэр улахан уолуҥ көрүөхтэрэ, мин эйигин сатаан көрбөппүн»- диэн батына олордо ээ уола. Дьэ кыһыы,абаккалаах да баҕайы,төрөөбүт ийэттэн батыныы олох сиэргэ баппат быһыы. Айыбын ньии.
Дьэ улахан да сор мун диэтэҕиҥ. Үс киһи кыммыт уолаттара ийэлэриттэн сииргэнэн аккаастанан киһи сиэрин кэһэн, олох суолуттан туораан кинилэр олохторо кэлин хайдах буолуой дьэ ити дьүһүннэриттэн.
Ньукулай кыра атаах уол төһө да аккаастаатар икки күн ийэтин таҥаһын уларытан, сууйан тараан, аһатан син сэргэхситтэ ээ Сүөкүлэни. Күнүс истиэнэ диэкки хайыһан сытан икки хараҕыттан ыппыраас дьэҥкир уу тахсан сыттыгын илиттэ. «Ээ оҕом Ньукулайым син чугас эбит ээ, барыма диэн көрдөһөн көрбүт киһи, оҕом барахсан баҕар тылбын истээрэй»- диэн эрэх турах санаалаах сытаахтыыр.
Күнүс кыра уол Ньукулай төрөөбүт сиригэр өр буолан баран кэлбит киһи табаарыстарын эҥин көрсө барбыта. Күнүскү аһын уола Сөдүөт киллэрэн олоппоско уураат төнүннэ. Оо абаккатын бу турар аһы кыайан ылан аһаабат дьэ сор да эбит. Өҥдөҥнүү сатаан баран Сүөкүлэ «тоойуум Сөдүөт ылыый аһатыый тоом, утаттым дии чайда аҕалыый «- диэбитин өрбөх быыс нөҥүө кинииттээх уолун саҥалара мөҕүттэн умайыктаннылар. Уолун саҥата «ооддьэ билээт ,бэйэҥ тоҕо аһаабаккын «- диэн баран дохсун баҕайытык таҥас быыһы арыйа баттаат сытар ийэтигэр тыастаахтык хааман кэлэн «бэйэҥ тоҕо аһаабаккын, үлэбэр барыам чэ аһаан ис «- дии дии луосканнан сойон хаалбыт торуойу баһан ийэтин айаҕар үҥүлүттэ. Сүөкүлэ муҥнаах аһаан абыранаары айаҕын аппытыгар соҕотох хаалбыт тииһэ эйэҥэлээн көһүннэ. Икки үс луоска лапсаны сиэт «чэ тоом бүттүм, тииспин таарыйан ыарытыннардыҥ дии тоом, чайбын иһэрт»- диэбитин Сөдүөт ийэтин төбөтүн өндөтөн «мэ чэ ис чайгын»- диэн чааскылаах чайын иһэрдэ сатаан били соҕотох тииһи таарыйан эмиэ ыарытыннаран Сүөкүлэ төбөтүн чааскыттан арааран киэр хайыста. Үөһэ тыынан ытаан санна ибирдээбитинэн барда. Уола Сөдүөт ийэтин көрөн олорболоон баран «аһаттахха аһаабаккын, чай диигин испэккин, сыт оччоҕо !»- ийэтин мөҕөөт быыс нөҥүө тилир кынна. Тыаһа үлэтигэр бараары таҥнан суугунаан баран көхсүн этитээт тахсар тыаһа иһилиннэ. Киниит хаалан иһитин хомуйан тыас уус буолла . Ону истэ сытан Сүөкүлэ муҥнаах киниитигэр «тоом Маайаа сылаас чайда иһэрдэн абыраа эрэ тоом»- диэбитин киниитэ Маайа быыһы өҥөйөн туран «уоллаттардааххын дии,иһэрдиэхтэрэ «- диэн холоруктуу силбиэтэннэ. Онтон эмиэ таһырдьа тахсар тыаһа иһиллээт дьиэ иһэ уу чуумпу буола түстэ. Дьэ уонна ыкса киэһэҕэ дылы Сүөкүлэ муҥнаах соҕотоҕун сыттаҕа ити. Харыһыттарара эрэ көмүскэтин уута, эрэнэрэ эрэ хараҕын уута буолан, айбыт аар айыылатыттан көрдөһөн түргэнник ылалларыгар көрдөһөн үҥэ сүктэ сытта. Онтон арыый кэҥээн ити уола Сөдүөт дьэ булан булан ылбыт дьахтара да баар диэн саныы сытан утуйан муннун тыаһа сыыгынаан иһилиннэ. Ээ Сүөкүлэ муҥнаах утуй утуй ,утуйдаххына эрэ бу олох эрэйиттэн сынньана түһүөҥ этэ. Сүөкүлэ төһөөтөҕүнэ арай уолаттарын кытта отоннуу сылдьаллар эбит. Сөдүөт илиитигэр дөлүһүөн хатыыта хатанан ытаабытын убайа Тиимэ «ийээ Сөдүөт илиитин өлөрдөө»- диэн хаһыытыыр. Кыра уолун Ньукулайын кыбынан тиийэн Сөдүөт илиититтэн хатыыларын ылҕаан дьэ уоскуйаннар бытыыккалаах чайдарын иһэллэр. Ол чайы уолаттара былдьаһа былдьаһа ийэлэригэр ордорбокко испиттэрин Сүөкүлэ «хайыы ийэҕитигэр ордорботугут дуу, утатан иэдэйэр эбиппин дии дьэ»- диэт силин быһа ыйыстаат уһуктан кэлбитэ дэлби бэлэһэ хатан , айаҕа кууран сытар эбит. Уу көрдөөрү «ким баар,уутаа»- диэхтээтэ да дьиэ иһигэр киниттэн атын тыынар тыыннаах суох буоллаҕа.
Сүөкүлэ муҥнаах тамаҕа хатан сытар түннүгүн чэҥиттэн тарбаҕынан тарбаан айаҕын илиттэн арыый хараҕа сырдаата. Ол сыттаҕына аан аһыллар тыаһа иһилиннэ да уола Ньукулай көтөн түстэ. Холуочуйан кэлэн ийэтин сытар хоһугар киирэн «ийээ»- диэт сыллаан барда, арыгы ыархан сыта айаҕыттан аҥкылыйда. Ону Ньукулайын илиитинэн анньа анньа «дьэ биллиҥ дуо ийэлээххин тоом»- диэт уолун төбөтүн ыга кууһан баран иккиэн ытаһан бардылар ээ аны. Онтон дьэ уоскуйаннар Ньукулай кыыс оҕолоохторун, ойоҕунаан иккиһин холбоспуттарын туһунан ийэтигэр дьэ кэпсээтэ.
Ээ ол кыра уол Ньукулай ойоҕо Лиисэ киниэхэ үчүгэй этэ,куруук «ийээ»- дии сылдьааччы. Уу ол сиэн кыыспын көрбүт киһии дии санаат уолугар. «Тоойуум оҕом эрэ эн хааллыҥ, убайдарыҥ миигиттэн аккаастаммыттара, көрдүҥ дии, харайбакка, аһаппакка бу курдук сытыараллар, онон тоом амарах санааҕын киллэрэн миигин ийэҕин ол сиэнээх кинииппэр илдьэ бар»- диэн көрдөһө сытта, хараҕын уута халыс кынан, көмүскэтин уута көҥү сүүрэн ийэ эрэйдээх төрөппүт оҕотуттан көрдөһөн ытаабыт соҥообут сирэйэ киһи көрө аһыныах, уйадыйыах көрүҥнэнэн сыттыгар дьөлө түһэн сытта.
Кыра уол Ньукулай доҕотторунуун кыратык аһаан кэлэн ийэтиниин отур ботур кэпсэтэ түһээт ийэтин таһыгар турар ороҥҥо сытта. Ийэтэ көрдөһөр саҥатын барытын истэн баран «чэ,ийээ мин утуйа түһүөм, киэһэ Сөдүөттээх кэллэхтэринэ кэпсэтиэхпит,сөп»- диэт улаҕаа хайыһан утуйардыы оҥостон сытынан кээстэ. Сүөкүлэ муҥнаах уола истэригэр истибэтигэр кыһаллыбакка саҥара сытта. «Ээ тоойуум дьэ манна хааллардыҥ да аҕыйах эрэ хонор туруктаахпын . Убайыҥ Сөдүөт миэхэ кыһаллыбат эгэ ити кэлии киниит кыһаллыа дуо,сиир абааһы курдук көрөр , хаһан өлөрбүн кэтэһэн иэдэйдэ ити хотун тоом, булгу илдьэ бараар, салаасканнан да сос»- диэн уолун диэкки хайыспыта улаҕа хайыһан сытар эбит ону «нокоо истэҕин дуу суох дуу, дьэ сордоох да дууһаларгыт доҕор, били улахан күтүр саатар кэлэ сылдьара баҕалаах, хайдах кынан ол киниитим Лиисэҕэ илдьиппин тиэрдиэх эрэйбиний, айыым таҥарам көмөлөс»- диэн баар дуу суох дуу таҥараттан көрдөһө сытта.
Лиисэ диэн кыра уол Ньукулай ойоҕо, уол иһэн аһаан арахсыбыттар эрдэ. Онтон иккистээн иллэһэннэр бииргэ олороллор. Саҥа хааман тоотоҥнуур эбэтин аатынан эмиэ Сүөкүлэ диэн күҥҥэ тэҥнээх киһилээхтэр. Лиисэ хотунугар наһаа бэрт көнө сыһыаннаах кур «ийээ»- диир этэ. Онон Сүөкүлэҕэ саамай күндү киниит кини этэ. Ааттаах көнө майгылаах,үлэһит бүгүрү дьахтар, астаҥньаҥа, туттара хаптара түргэнэ, сууйан сотон ырааһа таҥара табатын курдук барахсан . Ону ити уол иһэн аһаан ойоҕун Лиисэтин кырбаан эҥин сатаммакка арахсыбыттара. Оҕо кута таайан иккистээн ыал буолан олороллор эбит. Ньукулай билигин испэт ити дойдутугар кэлбиччэ атастарыныын доҕотторунуун көрсөн кыратык иһэн кэлэн ити сиэннээҕин уонна иккистээн холбоһон олороллорун кэпсээтэ ээ эгэ. Итинник ону маны саныы сытан Сүөкүлэ муҥнаах утуйан хаалаахтаата. Сөдүөттээх киниитэ кэлэннэр уот оттон ас астанар тыастарыттан уһугунна.
Киэһэ аһыы олорон Ньукулай убайыгар Сөдүөккэ «дьэ убаай бу ийэбитин сордоон ахан сылдьар эбиппит дии убаай, эн дууһаҥ да бөҕөтө бэрт эбит дии, дьэ мин сарсын дьиэлээтим, дьиэбэр тийэн ойохпунуун Лиисэлиин сүбэлэһэн көрүөм, Лиисэ сөбүлэстэҕинэ ийэбин бэйэм ылыам, онооҥҥо дылы убаай ийэҕин үчүгэйдик көр аһат, сууй тараа. Лиисэм сөбүлэһиэҕэ диэн бүк эрэнэн олоробун «- диэн уьайыгар тимир тамыр курдук быһыта саҥартаата. Били сытыы хотун да утары тугу да саҥарбата.
Сүөкүлэ муҥнаах ити кэпсэтиини истэ сытан саҥа таһаарбакка ытаан хараҕын уутунан суунна. Ньукулайа хоско киирэн дьэ ийэтин киһилии аһатан, сылаас үүттээх чай иһэрдэ олорон «ийээ миигин бырастыы кын, сарсын барыам онтон тиэхникэ булан Лиисэлиин кэлэн ылыахпыт сөп дуо,кытаат онооҥҥо дылы тулуй»- диэт ыран көхсө холбойбут ийэтин кууһан ылан сыллаан ылла.Оо,Сүөкүлэ бу үөрүү ама кырдьык диэбиттии үөрүөн дуу хомойуон дуу билбэккэ «хайа күнүүм кырдьык дуо һыччыый»- диэн уолун кэтэҕин имэрийэ сытта. Сүөкүлэ олоҕор күн тыгыах курлук буолбутун сибикилээбиттии хайдах эрэ сытар хоһо сырлаабыттыы, сэргэхсийбиттии көрүҥнэнэн үс сыл олох олорор туһугар биир да мүнүүтэ тохтообокко охсуспут сылаата оноото таайан Сүөкүлэ муҥнаах ис иһиттэн уйа хайа суох ытаан барда. Ньукулай уол соһуйан «хайа ийээ хайдах буоллуҥ,кэбиһиий бачча эриһэн бараҥҥын дуо, эбэһээт ылыахпыт ийээ»- диэн ийэтин уоскута сатаата. Бэл били убайдаах саҥаһа таҥас быыс нөҥүө олороннор Сүөкүлэлээх Ньукулай кэпсэтэллэрин истэн харахтара ууланна. Син кинилэргэ да ханна эрэ сүрэхтэрин түгэҕэр аһынар санаа кыыма баар эбит ээ. Ити кыым эрдэттэн саҕыллан дьол уотун күүдэпчилэппитэ буоллар дуу,төһөлөөх улуу дьол бу дьиэҕэ саҕыллыа этэй. Сүөкүлэ бу киэһэ кыратык аһаан,сылаас үүттээх чай тото иһэн уонна оҕото Ньукулайа сыһыана уларыйан санаата көннүөрэн уларытыллыбыт ыраас таҥаска сытан үөрэн манньыйбытынан утуйан хаалла.
Ньукулай уол сарсыарда туран убайа ааҕы кытта ботур итир кэпсэтэ кэпсэтэ чэйдээт туран ийэтин хоһугар киирэн «чэ,ийээ тулуй,сотору кэлиэхпит»- диэт ийэтигэр нөрүйэн сүүһүттэн сыллаан ылаат төттөрү хайыһан тахсаары ааны былдьаста. Дьиэ иһэ эмиэ дьиппиэрэн ,нүһэр көрүҥүн тута оҕуста.
Бу Сүөкүлэ барахсан дьиҥэн өлөр хаалар улахан ыарыыта суох ээ. Ол ити гирииптээн сытынан кээспитин ити уола Сөдүөт ийэтин кыайан аһаппакка бырдын быһан кээспитэ оҕуотта үтүргэҥҥэ,абааһы көрүллэ сылдьан сылдьар муҥнаахха улахан охсуу буоллаҕа. Кур аччык,уу испэккэ сытан уонна ииктээбит саахтаабыт таҥаһын уларыппаккалар аһара быһа түһэрэн кыаммат буолан хаалаахтаабыта. Эрэйэ итинтэн саҕаламмыта. Үс уоллааҕар сыҥалана сатаан эрэй бөҕөнү көрөн сыппыта. Хата кыра уола ылыах буолан үөртэ. Дьэ ону кэтэһэн күнү чааһы аахпытынан бараахтаата.
Биэс хонон баран арай Сөдүөттээх киниит суохтарыгар тиэргэҥҥэ массыына кэлэн тохтуур тыаһа иһилиннэ уонна дьон саҥаран ньамалаһар тыастара уустара иһилиннэ. Өтөр буолаах дьиэ аана аһыллан чэпчэки атах тыаһа иһиллэн хоско чугаһаата Сүөкүлэ ону барытын ааҕа истэ сытан «кимҥиниий Лиисэҕин дуо тоойуум»- диэбитигэр биирдэ киниитэ Лиисэ мичээрдээбитинэн киирэн «хайа ийээ, бу хоһуҥ тоҕо хараҥатай, салгына куһаҕанай»- диэт сытар эмээхсини аргыый иэдэһиттэн сыллаан баран «ийээ,биһиги эйигин илдьэ кэллибит, Ньукулай киириэ сотору, сиэҥҥин ыалга хаалларбыппыт, биһиэхэ олоруоҥ аны сөп дуо Сүөкүлээ»- диэтэ. Сып сап чайдаан,аһаан бараннар ийэлэрин малын салын дуомун хомунан Сүөкүлэни аналлаах наһыылканнан таһааран массыынаҕа уктулар. Уола Сөдүөт тахсан аатыгар да буоллар ийэтигэр тийбитин ийэтэ «чэ,тоом миигиттэн дьэ босхолоннуҥ дии, тоҕо умса тутуннуҥ, күргүй көбүө буоларыҥ тохтоон дуо, чэ үчүгэйдик олоруҥ, оҕолонуҥ эҥин, ийэлээхпин диэн биирдэ эбит тиийэ сылдьаҕын дуу суох дуу, били убайыҥ курдук буолума»- диэт массыына аанын саптарда. Массыына көлө ходьох кынаат айан суолун устун куугуну турда. Сүөкүлэ муҥнаах киниитин Лиисэ сылаас илиитигэр киирэн саҥа сиргэ,саҥа дьиэҕэ, сиэнигэр Сүөкүччэҕэ айаннаан иһэр. Ооуу бу дьолу, бу үөрүүнү көрөҕүөт көрбөккүөт. Бу Сүөкүлэ барахсан мантан ордук үрдүк үөрүүнү өссө билэ илик.
Сыл буолан баран Ньукулайдаах Лиисэ олорор дьиэлэригэр тиэргэнтэн иһиттэххэ Сүөкүлэ саҥата «хайаа бу ким кэллээ»- диэбитинэн икки саастаах Сүөкүччэни көтөхпүтүнэн утары тахсан «хайыы,эн кэллиҥ дуо,ылыый дьиэҕэ киир, биһиги Сүөкүлэлэр бээбит эрэ олоробут»- диэт сиэнин сиргэ түһэрэн салабаардаах уутун сылыппытынан барда. Ол сылдьан айаҕа хам буолбакка кэпсии сырытта.»Оҕом Ньукулай үлэтигээр, Лиисэм котоку от мунньа барбыта, сотору кэлэр ини, ыархан ээ барыма диири истибэт, оҕом Лиисэ баар буолан көрөн харайан бу атахпар турдум ээ. Итигэннэ айаҕын атан протез тииһин көрдөрөөт «били оҕом турута кэйэн ыарытыннарар тииһин ылларан абыранным»- диэт урукку олоҕун санаан саҥата суох сири одуулаан түра түһэн баран «орто уол Сөдүөт кэлэн барбыта,биир атах эт аҕалбыта, улахан уол һоок отой биллибэт, дьэ үчүгэй тоҥ сүрэхтээх киһи, ийэтигэр тапталын сүтэрээхтээбит быһыылаах. Санаабар кэтэһэбин ээ»- диэн үөрэн мыттайбыт сирэйин көрөн киһи үөрэр.
Ээ,дьэ Сүөкүлэ барахсан өссө да уоллаах киниитиҥ далбарыгар бигэнэн, сиэннэриҥ минньигэс мичээрдэринэн угуттанан дьоллоохтук сырыт.
Баһылай Хорула