Ил Дархан Үөһээ Бүлүүүгэ айар кластер бырайыагын кытта билистэ

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытын чэрчитинэн култуура уонна ускуустуба дыбарыаһа тутуллуохтаах сирин көрдө. Үөһээ Бүлүүгэ 400 миэстэлээх култуура уонна ускуустуба дыбарыаһа тутуллара, айар куттаах нэһилиэнньэ олохтоохторо кыахтарын толору туһаналларыгар үтүө сабыдыал буолуоҕа.

Манна сааһыттан тутулуга суох сайдыан баҕалаах дьон бары кэлэн дьарыктаныаҕа, бэйэтигэр сайдыы суолун тобулуоҕа. Дыбарыас иһигэр киинэ, анимация уонна контент оҥоруу устуудьуйалара үлэлиэхтэрэ.  Ону тэҥэ хас да тэрилтэ үлэтэ бу саҥа уораҕайга түмүллүөҕэ: култуура департамена, ЗАГС, норуот айымньытын киинэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи устуоруйа уонна этнография түмэлэ, “Киновер” киинэ тыйаатыра, технопарк уонна айар кластер.

Тутуу барыахтаах сирэ Олоҥхо дьиэтиттиэн чугас, ону тэҥэ аттыгар Исиидэр Бараахап скверэ тупсарылла, оҥоһулла турар. Бу территория иэнигэр олохтоох дьоҥҥо табыгастаах, тупсаҕай эйгэ тэриллэрэ былааннанар.

Уһук Илин субъектарыгар куораттыы тупсаҕай эйгэни тэрийэр сыаллаах бастыҥ бырайыактар күрэхтэригэр Исиидэр Бараахап скверэ бастаабыта.

Манна тупсаҕай көстүүлээх аллеялар, фонтан уонна оҕо оонньуур былаһааккалара баар буолуохтара. Ону таһынан сквергэ Исиидэр Бараахап пааматынньыга туруоҕа.

Айсен Николаев сквери болдьоһуллубут бириэмэтигэр бүтэрэн, күһүн үлэҕэ киллэрэргэ сорудахтаата.

 

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриилэрэ, СИА

Читайте дальше