Үөһээ Бүлүүтээҕи бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Иван Чычахов Дьокуускайга иирсии түмүгэр биир дойдулаахпыт, эдэр киһи суорума суолламмыт ыар сүтүккэ санаатын үллэстэр, интэриниэт ситиминэн кэлэр араас провокационнай ыҥырыыларга киирэн биэрбэккитигэр ыҥырар:
Сэбиэскэй Сойуус баар эрдэҕинэ, ыһыллыар диэри, сүүһүнэн омуктар олус иллээхтик-эйэлээхтик олорбуппут. Сэбиэскэй Сойуус олохтоохторо сүрдээх агрессоры — немецкэй фашизмы кыайбыттара, дойдуларын көмүскээбиттэрэ. Салгыы сэрии кэнниттэн дойдубутун бары бииргэ сайыннарбыттара. Кэлин Сойуус төһө да ыһыллыбытын иһин, эһэлэрбит, аҕаларбыт хаалларбыт доҕордоһууларын умнар сатаммат.
Олохтоох омуктары кытары туох да араастаһыыта суох олоруоххайыҥ, бииргэ үлэлээн-хамсаан кэллибит. Кинилэри кытары доҕордуу сыһыаннаах буолуохтаахпыт.
Биһиги омук омугу кытары киирсиилэри өйөөбөппүт, ол туһунан үгүстүк этэн да, суруйан турабыт. Онон, улахан аньыыны оҥостубакка, итэҕэлбитинэн, сахалыы сиэрбитинэн иллээхтик олоруоххайыҥ! Оннук иитиини кэлэр кэскилбитигэр — оҕолорбутугар иҥэриэхтээхпит!