Муус устар 13 күнүгэр Саха сирин спордун маастара, остуол оонньууларыгар маастарга кандидат Степан РОДИОНОВ аатыгар Кэнтик нэһилиэгэр Бүлүү бөлөх улуустарыгар «Кэнтик хапсаҕайа» күрэх буолан ааста.
Горнай, Бүлүү, Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын бөҕөстөрө 7 ыйааһынынан күрэхтэстилэр.
2009-2016 сыллааҕы төрүөх 108 хапсаҕайдьыт күөн көрсүбүт көбүөрүгэр 3 муҥутуур кыайыылааҕы быһаардылар.
Күрэх түмүгэ маннык буола:
2017 с.т. 30 кг ыйааһыҥҥа Степан Родионов Чурапчыга бииргэ үөрэммит доҕотторун бириистэрин туттулар:
1 миэстэ — Алексеев Эрсан (Мэйик)
2 миэстэ — Попов Артем (Кыһыл Сыыр)
3 миэстэ — Колесов Арылхан (Үөһээ Бүлүү)
2014 — 2016 с.т. 26 кг ыйааһыҥҥа миэстэлэспит уолаттар «Токко» маҕаһыын бирииһин ыллылар:
1 миэстэ — Иванов Богдан (Кэнтик)
2 миэстэ — Павлов Дархан (Тамалакаан)
3 миэстэ — Никифоров Демид (Нам)
28 кг ыйааһыҥҥа миэстэлээхтэр Үөһээ Бүлүүтээҕи спорт оскуола бирииһинэн наҕараадаланнылар:
1 миэстэ — Ефремов Егор (Кыһыл Сыыр)
2 миэстэ — Егоров Айсен (Нам)
3 миэстэ — Львов Ярик ( Кэнтик)
30 кг ыйааһыҥҥа Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев бириистэрэ оонньонно:
1 миэстэ — Дмитриев Тимур (Үөһээ Бүлүү)
2 миэстэ — Саввинов Айгылаан (Кэнтик)
3 миэстэ — Дмитриев Алиандр (Үөһээ Бүлүү)
32 кг ыйааһыҥҥа бириистэри Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтата туруорда:
1 миэстэ — Терентьев Иван (Тамалакаан)
2 миэстэ — Петров Айтал (Үөһээ Бүлүү)
3 миэстэ — Алексеев Артур (Үөһээ Бүлүү)
2012 — 2013 с.т. уолаттарга 32 кг ыйааһыҥҥа миэстэлээхтэр Габышевтар аймахтарын бириистэрин туттулар:
1 миэстэ — Баттахов Богдан ( Марха)
2 миэстэ — Тарасов Айсен (Үөһээ Бүлүү)
3 миэстэ — Попов Янг (Үөһээ Бүлүү)
38 кг ыйааһыҥҥа ОДьКХ Кэнтиктээҕи учаастагын үлэһиттэрин бириистэрин ыллылар:
1 миэстэ — Яковлев Виссарион (Үөһээ Бүлүү)
2 миэстэ — Федоров Аман ( Дүллүкү)
3 миэстэ — Мандаров Айгылаан (Үөһээ Бүлүү)
45 кг ыйааһыҥҥа миэстэлэспиттэр Кэнтик нэһилиэгин «Сайыына» уһуйаан туруорбут бириистэрин туттулар:
1 миэстэ — Николаев Айгылаан (Нам)
2 миэстэ — Панченко Максим (Кыһыл Сыыр)
3 миэстэ — Васильев Вася (Кыһыл Сыыр)
2009 с.т. кыра уолаттарга 50 кг ыйааһыҥҥа Степан Родионов бииргэ төрөөбүттэрэ бириис туруордулар:
1 миэстэ — Новгородов Георгий ( Кэнтик)
2 миэстэ — Павлов Саян (Мэйик)
3 миэстэ — Антонов Айтал (Оҥхой)
50 кг үөһээ ыйааһыҥҥа бастакы миэстэҕэ бирииһи Кэнтик орто оскуолатын дириэктэрэ Владислав Николаев, оттон 2-3-с миэстэлэргэ оскуола коллектива туруорда:
1 миэстэ — Софронов Вася (Үөһээ Бүлүү)
2 миэстэ — Чириков Эрчим (Мэйик)
3 миэстэ — Григорьев Версан (Кэнтик)
2014 — 2016 сыллааҕы төрүөх уолаттар икки ардыларыгар муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар киирсиигэ 18 бөҕөс кытынна. Манна Тамалакаантан Иван Терентьев тэҥнээҕин булбата уонна «Хапсаҕай» бөлөх туруорбут 10 тыһыынча солкуобайы уу харчынан ылла.
Онтон 2012 — 2013 с.т. уолаттарга 17 бөҕөстөр муҥутуур кыайыылаах аатын Нам нэһилиэгиттэн Айгылаан Николаев ылла уонна эмиэ 10 тыһ. солк. бирииһи тутта.
2009 с.т. кыраларга 10 бөҕөстөн Кэнтиктэн Версан Григорьев муҥутуур кыайыылаах буолан, Степан Родионов доҕотторун аатыттан 10 тыһ. солк. бирииһи ылла.
Үгэс быһыытынан ыйааһыннарыгар бастаабыттар уонна муҥутуур кыайыылаахтар ортолоругар сүрүн бирииһи сэриэбий быһыытынан оонньоттулар. Манна Кэнтик сынньалаҥ киинэ уонна спорт саала үлэһиттэрэ туруорбут 5000 солкуобайдарын уу харчынан Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгиттэн Егор Ефремов ылан үөрдэ-көттө.
Маны таһынан анал ааттар ананнылар. Ол курдук, Горнайтан Мартынов Дамир Давыдовтар дьиэ кэргэттэрин бирииһин, интернат иитиллээччилэрэ Тарасов Айсен, Попов Янг «Хапсаҕай» бөлөх, Мэйиктэн Чириков Эрчим Юрий Гольдеров бириистэрин туттулар.
Кэнтиктэн Тускун, Даниель Габышевтар аймахтарын бирииһин ыллылар. Ньурба Мархатыттан Баттахов Богдан
Харлампьевтар дьиэ кэргэттэриттэн бэлэх тутта. Тамалакаантан Тимофеев Ньургун Петровтар дьиэ кэргэттэриттэн, Оҥхойтон Егоров Архан Васильевтар дьиэ кэргэттэриттэн, Кыһыл Сыыртан Миллер Арсений Николаевтар бириистэрин, Далыртан Илларионов Саян Михайлова В.В. дьиэ кэргэниттэн, Кэнтиктэн Новгородов Георгий кылааһын оҕолоруттан, Намтан Павлов Эргис Егорова Маргарита Сергеевна аатыттан, Казаков Айгылааҥҥа Ивановтар ааттарыттан, Үөһээ Бүлүүттэн Софронов Вася бастакы тренерэ Павлов Юрий Дмитриевичтэн, Кыһыл Сыыртан Калинов Батр сүрүн судьуйа Прокопьев Рустам Юрьевичтан, Кэнтиктэн Захаров Клавдий Слепцов Сергей Сергеевич аатыттан, Алексеев Айсен Родионов Степан Анатольевич аатыттан, Львов Ярик, Павлов Антон тренер Николаев Айаал Леонтиевич аатыттан, Иванов Богдан оскуола дириэктэрэ Семенов Владислав Николаевич аатыттан бириистэри туттулар.
«Күрэх үрдүк таһымҥа ааһарыгар сыраларын ууран туран кыттыспыт, тэрээһиҥҥэ көмөлөспүт дьоммор, аймахтарбар, спонсордарбар, табаарыстарбар, биирдиилээн доҕотторбор, бииргэ үлэлиир дьоммор, тэрилтэ салайааччыларыгар, чугас дьоммор улахан махталбын тириэрдэбин», — диэн Степан Родионов махталын биллэрэр.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат