Ааспыт нэдиэлэҕэ Н.Бойлохов аатынан Оҕо искусство дьиэтигэр 21-с төгүлүн ыытыллар эрэгийиэннээҕи «Мир красоты и таланта» куонкурус үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Манна улууспут талааннаах оҕолоро кытыннылар.

Оҕолор үс түһүмэҕинэн күөн көрүстүлэр, ол курдук, аан бастаан сахалыы сиэдэрэйдик симэнэн бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, иккис түһүмэххэ дьоҕуру көрдөрдүлэр, бүтэһиккэ – дефиле, кыргыттар мааны былааччыйалаах, уолаттар көстүүмнээх сыана устун хаамтылар. Дьүүллүүр сүбэ сүрүн ирдэбилинэн макияһы бобуу буолла, кыргыттар айылҕа бэлэхтээбит кэрэ сэбэрэлэринэн, кырааскаламмакка, тупсарыммакка эрэ кытыннылар.

«Мисс Красота и творчество» — Хоро орто оскуолатын үөрэнээччитэ Ксения Яковлева, «Мини — мисс Фото» – Кэнтиктээҕи «Сайыына» оҕо саадын иитиллээччитэ  Сайнаара Слепцова,  «Мини – мисс Фото» — 5-с нүөмэрдээх «Кэнчээри» оҕо саадын иитиллээччитэ   Вилюя Семенова, «Мини – мисс Очарование» — Далыр орто оскуолатын үөрэнээччитэ  Алиса Егорова, «Мини – мисс Талант» – Кэнтиктээҕи «Сайыына» оҕо саадын иитиллээччитэ   Олеся Самсонова, «Мини – мисс Талант» – 3-с нүөмэрдээх «Уруйэчээн» оҕо саадын иитиллээччитэ   Сайаана Андреева, «Мини-мисс Улыбка» – Мэйик оскуолатын үөрэнээччитэ Нарыйаана Иванова, «Мини-мисс Дружба» –  3-с нүөмэрдээх «Үрүйэчээн» оҕо саадын иитиллээччитэ   Джулияна Герасимова, «Мини-мисс Обаяние» – Дүллүкүтээҕи «Кустук» оҕо саадын иитиллээччитэ   Кэрэл Чомчоева, «Мини-мисс Скромность» – Намнааҕы «Кэнчээри» Мэйик оскуолатын үөрэнээччитэ Дайаана Егорова, «Мини-мисс Дюймовочка» – «Сардаана» оҕо саадын иитиллээччитэ  Анита Егорова, «Мини-мисс Очарование» – Кэнтиктээҕи «Сайыына» оҕо саадын иитиллээччитэ Нарьяна  Федотова, «Мини-мисс Лучезарность» – Дүллүкүтээҕи «Кустук» оҕо саадын иитиллээччитэ   Сардаана Афанасьева, «Мини-мисс Нежность» – 2-с нүөмэрдээх «Теремок» оҕо саадын иитиллээччитэ Валя Адамова, «Мини-мисс Стиль» – Далыр орто оскуолатын үөрэнээччитэ  Мила Федотова, «Мини-мисс Артистичность» – Сургуулук оскуола-саадыттан Азалия Акимова, «Мини-мисс Умница» – Мэйик оскуолатын үөрэнээччитэ Алексения Семенова, «Мисс Перспектива» — Далыр орто оскуолатын үөрэнээччитэ  Каролина Тимофеева, «Приз зрительских симпатий» – «Сардаана» оҕо саадын иитиллээччитэ Света Бочетова,  «Приз зрительских симпатий» – М.Т.Егоров аатынан 2-с №-дээх орто оскуола үөрэнээччитэ Ирлианина Титова, «Маленькая принцесса» – 4-с №-дээх «Сардаана» оҕо саадын иитиллээччитэ Алдаана Тобохова,  «Маленькая красавица» — 5-с нүөмэрдээх «Кэнчээри» оҕо саадын иитиллээччитэ  Николина Казакова, «2-ая принцесса» — «Сардаана» оҕо саадын иитиллээччитэ Элеонора Кузьмина, «1-ая принцесса» — Оҕо искусствотын оскуолатын Намнааҕы филиалын иитиллээччитэ София Саргыдаева, «2-ой принц» — Кэнтиктээҕи «Сайыына» оҕо саадын иитиллээччитэ Ньургун Слепцов, «1-ый принц» — Дүллүкүтээҕи «Кустук» оҕо саадын иитиллээччитэ   Дамир Рязанскай, «Мини–мистер» — Өргүөт орто оскуолатын үөрэнээччитэ Леонтий Ноговицын буоллулар.

Мария Адамова, «Тускул» оҕо киинин педагог-организатора:

— Бу куонкурус сылбытын арыйар саамай улахан тэрээһиммитинэн буолла. Куонкуруска уһуйаан оҕолоро көхтөөхтүк кытыннылар. Олус бэлэмнэммиттэр диэн бэлиэтии көрдүбүт. Дьоҕуру көрдөрүүгэ ким ыллаан, ким туойан, тэрээһиммитин наһаа киэргэттилэр. Бу, биллэн турар, салайааччы уонна төрөппүт улахан өҥөтө дии саныыбын. Кинилэр оҕолорун олус бэлэмнээн, тэрийэн кытыннарбыттарыгар махтанабыт. Кыттааччыларбытын эҕэрдэлиибит уонна өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

Алина Васильева, 4-с  №-дээх «Сардаана» оҕо саадын музыкальнай салайааччыта:

— «Мир красоты и таланта» куонкуруска 6 саастаах кыргыттарым Света Бочетова, Элеонора Кузьмина уонна 5 саастаах Алдаана Тобохова кытыннылар. Элеонора 2 миэстэ, Алдаана Муҥутуур кыайыылаах буолбуттара, Света Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта. Алдаана кыра сааһыттан ыллыырын, үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр, хомуска оонньуур, олоҥхолуур. Үгүс куонкурустарга миэстэлэһэр, былырыын ыытыллыбыт олоҥхо «Ноо!» күрэҕэр Гран-при хаһаайкатынан буолбута. Мин музыка салайааччыта буоларым быһыытынан, талааннаах оҕолору таба көрөммүн, эбии дьарыктыыбын. Быйыл идэбинэн үлэлээбитим 20-с сылым, оҕолору араас көрүҥҥэ үөрэтэбин, сайыннарабын. Күпсүүргэ охсорго, хомуска тардарга, олоҥхо ааҕарга, о.д.а. көрүҥнэргэ үөрэтэбин. Хас биирдии оҕо талааннаах. Ол талаанын сайыннаран киһи элбэххэ сыһыарар дии саныыбын. Элеонора ыллыырын, үҥкүүлүүрүн наһаа сөбүлүүр. Кини уопсай ансаамбылга, хорга кыттар, соҕотоҕун да ыллыыр. Света нарын-намчы, ырыаҕа, үҥкүүгэ дьоҕурдаах, туохтан да туора турбат.

Инники былааным – оҕолору кэрэ эйгэҕэ сыһыарыахпын, өссө сайыннарыахпын баҕарабын. Аныгы оҕолор сахалыы үчүгэйдик саҥарбаттар, ол иһин оҕолорго кэрэ эйгэ нөҥүө сахалыы эйгэни билиһиннэрэр сыаллаахпын. Сахалыы тыыннаах музыка инструменнарыгар, күпсүүргэ, хомуска оонньуурга үөрэтэбин. Ол таһынан өссө да атын инструменнарга оонньуурга үөрэтиэхпин баҕарабын. Олоҥхону, чабырҕаҕы, оһуохайы, тойугу үөрэтэр баҕа санаалаахпын. Оҕолор «Мин сахабын!» диэн киэн тутта улааталларыгар баҕарабын.

Тэрийээччилэргэ инникитин маннык куонкурустары ыыталларыгар баҕарыам этэ. Итинник куонкуруска оҕолор талааннара арыллар, атын оҕолору көрөн элбэххэ үөрэнэллэр, тэҥҥэ сайдаллар. Оҕо саас сылынан оҕолорбутугар дьоллоох оҕо сааһы, талааннара арыллан үгүс элбэх ситиһиилэри баҕарыам этэ.

Марфа Кузьмина, Элеонора ийэтэ:

— Элеонора араас элбэх куонкурустарга, ансаамбылларга кыттан ситиһиитэ үгүс. Бу куонкуруска маҥнайгыбытын кытынныбыт. Кыыһым ыллыырын, үҥүүлүүрүн, уруһуйдуурун, остуоруйа истэрин сөбүлүүр. Түгэнинэн туһанан,  салайааччыбытыгар Алина Макарьевнаҕа, иитээччилэрбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Мария Васильева

Читайте дальше