Кэскиллээх кэпсэтии буолла

Ыам ыйын 3 күнүгэр улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар доруобуйаларынан хааччахтаах дьону кытта көрсүһүү ыытылынна.

Манна улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Уларова А.М., 10 нүөмэрдээх Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарын көрөр медико- социальнай хамыыһыйа салайааччыта Александрова Т.В., инбэлииттэр уопсастыбаларын председателэ Петрова З.С., көрбөттөр уопсастыбаларын председателэ Заболоцкая А.Н., поликлиника сэбиэдиссэйэ Львова А.П., социальнай фонда салайааччыта Николаева А.И., дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Петров Н.К., социальнай харалта управлениетын салайааччыта Николаева Е.В. кыттыыны ыллылар.
Инбэлииттэр кыһалҕалаах боппуруостарыгар сөптөөх хоруйдары миэстэтигэр быһаартаран үөрдүлэр. Ол курдук, социальнай дьиэ боппуруоһа, благоустройство, социальнай такси, ИПР, хаарбах дьиэттэн көһүү, СВО кыттыылаахтарын төрөппүттэрин кыһалҕалара, социальнай контракт, 1-кы группалаах инбэлииккэ көрүллэр чэпчэтии боппуруостара сытыытык турдулар. Инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр ТСР (тифлосредство), эмп, санаторий, айан төлөбүрүн туһунан ыйыталастылар, бэйэлэрин санааларын этиннилэр.
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон сүрдээх үчүгэй көрсүһүү буолан ааста диэн кыттыыны ылбыт тэрилтэ салачаайыларыгар улахан махталларын эттилэр. Маннык көрсүһүүлэр наадалаахтарын учуоттаан, сылга иккитэ оҥоруохха диэн быһаарылынна.
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон киин балыыһа салалтатыттан харах, хирург, невропатолог, дерматолог быраастары , ФГДС аппаратыгар үлэлиир хируру биһиги улууска үлэлэтэ ыҥыралларыгар туруорустулар.
Киирбит ыйытыылартан чуолкайдаатахха, Бүлүү МСЭ 10 салайааччыта Александрова Татьяна Васильевна инвалидноска билигин киин балыыһа онлайн ыыппыт докумуоннарынан көрөн быһаарарын кэпсээтэ. Николаева А.И. чөлүгэр түһэрии техническэй сириэстибэлэрин хайдах ылыахха сөбүн билиһиннэрдэ, боппуруостарга эппиэттээтэ. Петров Н.К. инбэлииттэр хайдах үлэҕэ киириэхтэрин сөбүн билиһиннэрдэ. Николаева Е.В. инбэлииттэр көмүскэллээх буолалларыгар туох үлэ барарын билиһиннэрдэ.

Айыына Заболоцкая

Читайте дальше