Кинини 1972 сыллаахха, сэтинньигэ Буучугурас бөҕөс аатынан VIII-c оройуоннааҕы күрэхтэһиитигэр көрбүтүм. Оччотооҕу тустуу ыйааһынынан 72 киилэлээхтэргэ тустубута. Ыйааһыныгар аҥардастыы кыайталаабыта. Ити иннинэ икки сыл Чурапчы спортивнай оскуолатыгар Д.П. Коркин дьарыгын ааһан, бөҕөс быһыытынан ситэн-хотон эргиллибитэ. Түһүлгэҕэ туһунан хамсаныылаах тустуук быһыытынан тута биллибитэ. Уһун дьылыгырас уҥуохтааҕа, имэрийэн- томоруйан кэбиспит курдук нүөл баҕайы эттээҕэ-сииннээҕэ. Түһүлгэни бэйэтэ баһылаан тустар үгэстээҕэ, утарылаһааччытын эргитэ сүүрэ сылдьан сыыһа туттаран, умса тардан, утары киирэн атахтаталаан, сытыы киирсиилэринэн ууга- уокка түһэртиирэ, “бултаһан” туран охтортуура. Ханна да буоллун, мааны майгылааҕа өтө көстө сылдьара, дьиктиргээбиттии көрбүт нарын сирэйигэр үөрүү олорсо сылдьара. Ол турнирга 53 кг. Данил Петров (Маҥаас), 58 кг. Василий Саввинов, 64 кг. Владимир Дмитриев, 72 кг. Клавдий Захаров, 80 кг. Денис Кривошапкин, 80 кг. үөһэ Валерий Бырдакаров ыйааһыннарыгар бастаабыттара. Оччолорго хапсаҕайы сэргээччилэр оройуоннааҕы култуура дьиэтин саалатыгар лыык курдук толору олорон көрөллөрө. Үгүстэрэ ытык кырдьаҕастар, уоттаах сэрии кыттыылаахтара, спорт бэтэрээннэрэ. Сорохтор Буучугурас Баһылайы билэллэрэ.
Үөһээ Бүлүү оройуонуттан көҥүл тустууга бастакы Советскай Союз маастара Н.П. Корякин күрэхтэһиини ыытыһар буолан, ыйааһыныгар тустубатаҕа. Абсолютнайга туста тахсыбыта. Билигин өйдөөн-санаан ыллахха, күөгэйэр күнэ эбит. Түһүлгэ бөҕөһүн көрүҥэ этигэр-сиинигэр толору көстөрө. Киһи эрэ умсугуйуох курдук уҥа-хаҥас чиҥник үктэтэлээн, араас албастары оҥортоон, утарылаһааччыларын сулбу соҕус охтортообута. Финал аҥаардаах киирсиигэ эдэркээн Клавдий Захаровтыын туста тахсыбыттара. Санатан эттэххэ, Клавдий Нам спортивнай оскуолатыгар Николай Павловичка дьарыктаммыт эбит. Тренер уонна иитиллээччи киирсиитэ. Көрөөччүлэр саҥалара күйгүөрэн олорор: «Клавдий, кытаат! Николай Павлович, уолгун охторума, харыстаа!” — диэн. Клавдий үгэһинэн тула эргийэ, бэйэтин батыһыннара сылдьан туһунна. Хас да түгэҥҥэ хапсан ыллылар да, төлөрүтэ тутуһан, кыайан бырахсыбатылар. Онно сыныйан көрдөххө, Клавдий охтордорбун диэн тустубатаҕа. Николай Павлович да уолун инникитин харыстаан быһа-хото тустубатаҕа. Оччолорго тэҥнэһии баара да, көбүөр судьуйата Николай Корякиҥҥа кыайыыны биэрбитэ. Клавдийы тренера кууһан ылбыта! Уолуттан астыммыта өтө көстүбүтэ, алгыһын анаабыта…
К.С. Захаров 1952 сыллаахха Өргүөт нэһилиэгэр Захаровтар диэн күүстээх-уохтаах, төрөл уҥуохтаах, бэйэлэрин лаппа кыанар аҕа ууһугар күн сирин көрбүтэ. Тыа сирин оҕотун сиэринэн, кыра сааһыттан хара үлэҕэ эриллэн, буһан-хатан, удьуорун утумунан күүһүрэн-уоҕуран барбыта. Ордук илиинэн от охсуутун ордороро, «хоннохтоох охсооччу буолсу» диэн отчут оҕонньоттор сэмээр сэһэргэһэллэрэ. Клавдий оҕо сааһын доҕотторо Николай Иванов (Восьмой), Виктор Осипов кэлин көҥүл тустууга Советскай Союз спордун маастардара буолбуттара. Өргүөккэ бастакы тренерэ А.Т. Захаровка, Нам оскуолатыгар Н.П. Корякиҥҥа икки сыл дьарыктанан баран, Чурапчыга улуу тренер Д.П. Коркин кыһатыгар үөрэнэ барбыта. Захаров диэн араспаанньа Чурапчы спортивнай оскуолатыгар ураты суолталааҕа, биллиилээх бөҕөс Николай Захаровы-Сахааччаны санатара, майгынната көрөллөрө. Клавдий Чурапчыга үөрэнэ сылдьар кэмигэр Манчаары спартакиадатыгар 72 кг. иккис миэстэни ылбыта. Финалга Анатолий Амбросьевтыын ардах ортотугар тустубуттара. Анатолий атах сыгынньах, Клавдий кедалаах буолан, халтарыйан хотторбута. Чурапчыга үөрэнэ сылдьан “Урожай” ДСО Россиятааҕы сэбиэтигэр эдэрдэргэ чемпионнаабыта, Уһук Илин профсоюзтарын күрэхтэһиилэригэр холкутук бастаабыта, Хабаровскайга бүтүн Союзтааҕы турнирга миэстэлэспитэ. Анатолий Амбросьев бииргэ тустубут бөҕөстөрүттэн биирдэстэрэ Сунтаартан төрүттээх. Союзка эдэрдэргэ 1966, 1967 сылларга иккис, үһүс миэстэлэри ылбыта. Олимпийскай чемпион Леван Тедешвиллилиин сахалартан маҥнайгынан тустубут бөҕөс буолар. Манчаары спартакиадатын икки төгүллээх чемпиона. САССР, РСФСР спордун маастара буола үүммүтэ. Клавдийдыын түһүлгэҕэ эриэ-дэхси ситиһиилээхтик, элбэхтик күөн көрсүбүт бөҕөс. Дмитрий Коркин Клавдий Захаровы көҥүл тустууга ырааҕы көрбүт ыччата, бэйэтин кыаҕын таба туһамматаҕа. Төрүт хааныгар баар хапсаҕайыгар көспүтэ. Этэ-сиинэ, күүһэ-уоҕа киирэн, улаатан, 82 кг республика бэртэрин кытта эриһэн барбыта, хотторуу хомолтотун улаханнык билбэтэх бөҕөс этэ. Кини түһүлгэҕэ тустар хамсаныылара туһунан айымньы кэриэтэ этилэр, умсугуйан туран, «утаппыттыы» тустара. Клавдий умса тардыыларын элбэх бөҕөс тулуйбатаҕа.
Улуу Кыайыы 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир оройуон ыһыаҕар абсолютнайга биллиилээх бөҕөстөрү охтортоон, доҕоро Валерий Федоровтыын быһаарыылаах киирсиигэ түһүлгэҕэ тахсыбыттара. Оччолорго Валерий Федоров (Кыайыы Махсыыма) оруобуна сүүрбэ сааһын туолан сылдьара, Үөһээ Бүлүү хапсаҕайга биир “сулуһа” буолан эрэр кэмэ. Сымсата, сыыһа туттарыыта, ханнык эрэ түгэҥҥэ түгэхтээх хаһыыта, ханан баҕарар киһиэхэ курдары көтөн киирэр, киһи кэтэнэн киирэр хапсаҕайдьыта этэ. Санатан эттэххэ, ол сыл Бүлүү зонатын абсолютнай кыайыылааҕынан буолбута, финалга Клавдий Захаровы охторбута. Бу сырыыга ким кыайыан сөбүн туһунан ыһыах дьонун мөккүөрэ оргуйан олорбута. Икки өттүттэн сытыы киирсиилээх хапсыһыы муҥутуура буолбута. Уолаттар эдэрдэрэ да бэрт, Үөһээ Бүлүү хапсаҕайын инники эрэллэрэ. Биир түгэҥҥэ Валерий атахтаары икки илиитинэн сиргэ тайаммыта. Клавдий ону эрэ күүппүттүү, уруттаан умса тардыытыгар түбэспитэ.
Клавдий Захаров 1978 сыллаахха Саха АССР норуоттарын 8-с спартакиадатыгар 82 кг. иккис миэстэни ылбыта. 1983 с. олимпийскай чемпион Павел Пинигин кубогын абсолютнай чемпиона, 1985 с. Манчаары спартакиадатын үрүҥ көмүс призера, В.И. Степанов-Бучугурас турнирын 1974, 1977, 1978 үс төгүллээх абсолютнай чемпиона, Сибиир уонна Уһук Илин норуоттарын спорт национальнай көрүҥнэригэр буряттар барильдан тустууларыгар үһүс миэстэни ылары ситиспитэ.
Тустуутун таһынан Клавдий Семенович үлэни өрө туппут чулуу үлэһит быһыытынан сыаналанара. Республикаҕа биллибит механизатор сир оҥоруутунан дьаныһан туран үлэлээбитэ. Алта сыл устата 600 га ходуһа сирин, 200 га бааһына сирин туһаҕа таһаарбыта. Илии хотуурунан оту охсууга 1975 сыллаахха ССКП XXV-с сьеһин көрсө 70 га сири охсору ситиспитэ, өссө балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри 10 га сири эбии эбэһээтэлистибэ ылан охсубута. Хайдахтаах иҥиир-ситии хоһуун үлэһит киһи эбитий? Эрдэ үйэлэниэх буолан буоллаҕа, үлэни үлүмнэһэн туран үлэлиирэ диэн үөлээннээхтэрэ сэһэргээччилэр.
1978 с. сыллаахха ыал буолан, олох дьолун билбитэ. Таптыыр кыыһын —Тамалакаанын Альбинатын кытта дьоллорун холбоон, икки уол оҕоломмуттара. Клавдий быраата Дима Захаров спортка, ордук тустууга сыһыаннааҕа да, ситэ сайыннарбатаҕа. Кинилэр сиппэтэх үрдэллэрин дабайан, Дима кыыһа Наталия Захарова-Черноградская мас тардыһыытыгар Аан дойду икки төгүллээх чемпиона, призера, Аан дойду кубогын икки төгүллээх кыайыылааҕа, Европа икки төгүллээх, Россия биэс төгүллээх, Саха сирин сэттэ төгүллээх чемпиона, норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастара. Таайа Клавдий Захаров: «Спортка туйах үктэтиэх балтым бу сылдьар», — диэн дьарыктыыр эбит. Дьэ, ити курдук, спорт, үлэ-хамнас, олох-дьаһах үөһүгэр сылдьан, 2004 сыллаахха, баара суоҕа 52 сааһыгар, олохтон соһуччу барбыта. Клавдий барахсан орто дойду олоҕор кылгас да кэмҥэ олох олорон ааспыт эбит.
Киһи килбиэнин, кэрэмэһин, саха саарынын сырдык аатын үйэтитиигэ спорт энтузиаһа, көҥүл тустууга маастарга кандидат, хапсаҕай спордун маастара, үөрэҕирии туйгуна Юрий Дмитриевич Павлов ылсыһан, сэттэ төгүл Клавдий Захаровка аналлаах күрэхтэһиини тэрийэн ыытта. Өргүөт оскуолатыгар директордыы сылдьан «Өргүөт маастардара» диэн күрэхтэһиини икки төгүл үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыта. К.С. Захаров бирииһин быйыл ахсыс төгүлүн ыытыһаары үлэлии-хамсыы сылдьар. Күрэҕи улуус дьаһалтата, спордун салалтата, хапсаҕай федерацията, Өргүөт нэһилиэгэ, Клавдий Захаров дьиэ кэргэнэ, доҕотторо күүскэ өйөөн, өрүү бирииһинэн көмөлөһөллөр. Быйыл сэтинньи 25-26 күннэригэр К.С. Захаров бирииһигэр хапсаҕайдаһан тустууга улуус аһаҕас түһүлгэтэ күүтэр. Маннык ыйааһыннарынан оҕолорго: 50, 55, 62, 70, 70 кг үөһэ; эдэрдэргэ: 57, 65, 75, 85, 85 кг үөһэ; бэтэрээннэргэ: 60, 70, 80, 80 кг үөһэ хапсыһыылар буолаллара күүтүллэр. Киһи килбиэнэ, саха саарына Клавдий Захаров тустуутун түһүлгэтэ үйэлэри уҥуордуу туруоҕа.
Владимир Федоров, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ