Коворкинг-киин маҥнайгы тэрээһинэ оҕолорго ананна

Бүгүн улуустааҕы История уонна этнография түмэлигэр коворкинг-киин арылынна. Бу кииҥҥэ араас көрсүһүүлэр, маастар-кылаастар о.д.а. тэрээһиннэр ыытыллар буолуохтара.

Манна аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир слайд көрдөрөр экран, интэриниэттээх компьютер баар. Түмэл дириэктэрэ Изабелла Саввинова этэринэн, манна ким баҕалаах кэлэн үлэлиэн да сөп, араас көрсүһүүлэри да ыытыан сөп.

Коворкинг-киин маҥнайгы тэрээһинэ оҕолорго ананна. О.Д.Федорова аатынан улуустааҕы киин библиотека үлэһитэ Людмила Буртахова оҕолорго аналлаах ток-шоу ыытта. Түмэл үлэһиттэрэ слайданан араас дойду түмэллэрин көрдөрөн оҕолору интэриэһиргэттилэр. Маны таһынан оҕолор остуол тула олорон бэрт сэргэх маастар-кылааска «Тревелбук» уонна баҕа санаа блокнотун илиинэн оҥордулар, астыннылар.

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат

Читайте дальше