От ыйа – самаан сайын муҥутаан куйааһырар ыйа. Халлаан туруга бу күннэргэ +30 кыраадыска тиийэ сылыйыа. Өҥүрүк куйааска киһи организма улахан охсууну ылар: сүрэх тэтимэ күүһүрэр, хаан баттааһына халбаҥныан сөп. Маннык күннэргэ бэйэ туругун харыстыырга дьулуһуҥ уонна бу судургу эрээри, көдьүүстээх сүбэлэри туһаныҥ.
Күн анныгар уһуннук сылдьартан туттунабыт. Сарсыарда 11-тэн киэһэ 6 чааска диэри күн муҥутаан сылытар. Таһырдьа тахсаргытыгар төбөҕүтүн харыстааҥ, төбө таҥаһын кэтэргитин умнумаҥ. Төһө кыалларынан күлүк сирдэргэ талаһыҥ.
Элбэх ууну иһиэххэ. Куйааска киһи организма ууну ирдиир. Организмҥа уу аҕыйах буоллаҕына, хаан хойдор, тымырдар ыгыллан хаан бөлөнөҕө (тромба) үөскүүр кутталлаах. Быраастар күҥҥэ 2-2,5 лиитирэ ууну кыра омурдуунан иһэ сылдьарга сүбэлииллэр. Кофены, хара чэйи, гаазтаах утахтары иһэртэн туттунар ордук.
Вентиляторынан үлүһүйүмэҥ. Вентиляторы дьиэ температуратынан көрөн тутталлар. Термометр остуолбата 35 кыраадыстан үрдүгү көрдөрөр буоллаҕына, төттөрүтүн, вентилятор дьиэни сылааһынан үрэр, итиини күүһүрдэр. Ону тэҥэ дьиэҕит иһигэр салгын оонньообот буоллаҕына, ыалдьыаххытын сөп. Вентиляторы, кондиционеры сэрэнэн туттуҥ.
Эт-хаан көҕүн аччатабыт. Куйааска успуордунан күүскэ дьарыктаныы киһи доруобуйатыгар куһаҕаннык дьайыан сөп. Тиритэ-хорута эрчиллэр оннугар, эти-сиини уһугуннарар судургу зарядкаларга, былчыҥнары имитиигэ болҕомтото ууруҥ.
С битэмиини аскытыгар эбиҥ. С битэмиин киһи көлөһүннэрбэт буолуутугар күүскэ көмөлөһөр. Бу битэмиин лимоҥҥа, апельсиҥҥа, кивигэ, дьөлүһүөҥҥэ, хаппыыстаҕа баар. Быраастар сарсыарда күҥҥүтүн сөрүүн лимоннаах уунан саҕалыыры сүбэлииллэр.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат