VPN-сервистары рекламалааһын бобуллар

Кулун тутар 1 күнүттэн Россия олохтоохторун кэккэ уларыйыылар күүтэллэр. Ол курдук VPN-сервистары рекламалааһын, дьону угуйааһын булгуччулаахтык бобуллар. Роскомнадзор матырыйаалыгар этиллэринэн, бу сервистэри тутта олорон араас бобуулаах ресурстарга дааннайдаргыт барыахтарын сөп. Информполитикаҕа Госдума кэмитиэтин салайааччыта Александр Хинштейн: «VPN бобуута – хас биирдии киһи персональнай дааннайдарын харыстааһын биир көрүҥэ. Бу сервистэри туһанар киһи дааннайдарын туора дьоҥҥо биэрэрин ситэ өйдөөбөт».

Platforma хампаанньа чинчийбитинэн, ааспыт сылга VPN- сервистэринэн туһанар дьон ахсаана 2022 сылтан 37% үрдээбит. Дьиҥэр, Интэриниэт-технологиялар Эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай киинин үөрэтээһининэн, 41,5% Россия олохтоохторо бу сыһыарыы харысхала суоҕар сөбүлэһэллэр эбит.

Эстибит баантан харчыны онлайн төнүннэриэххэ сөп

 Баан лицензиятын көрдөөн ыллахха, счет уонна уурунуу компенсациятын онлайн нөҥүө төнүннэриэххэ сөп. Бу уларыйыы кулун тутар 19 күнүттэн киирээри турар.

Төлөбүрү «Агентство по страхованию вкладов» (АСВ) саайтыгар эбэтэр «Госуслуги» порталыттан көрдүөххэ сөп. Сайабылыанньаны суруйбут киһи, төһө харчыны бэлиэтээбитинэн, счетугар тутар. Быһа холоон лицензията быһыллыбыт баантан  1,4 мөл. солк. диэри бары счеттарыттан уонна уурунууларыттан төннүөн сөп.

Маны таһынан, харчыны урукку көрүҥүнэн төнүннэриэххэ эмиэ сөп. Маныаха Баан-агент отделениетыгар паспордаах кэлэн сайабылыанньатын суруйар. Ол эрээри, бу баан-агент сайабылыанньаны тутар уонна эстибит баан харчытын төнүннэрэргэ көҥүллээх буолуохтаах.

Кулун тутар 25 күнүттэн оччугуй уонна орто биисинэстэр уурунууларын депозиттара кэҥээри турар. Ол эрээри, манна харчы ырыынагар профессиональнай өҥөнү оҥорор кредитнай уонна некредитнай тэрилтэлэр киирбэттэр. Маны таһынан, адвокаттар уонна юристар профессиональнай уурунууларын систиэмэ көмүскүүр буолуоҕа.

Ипотека кирэдьииттэригэр ирдэбил кытаатар

Россия баана кулун тутар 1 күнүттэн ипотечнай кирэдьииттэргэ риск коэффициеныгар надбавканы үрдэтэр. Киин баан быһаарбытынан, дьон-сэргэ үгүс кирэдьииттээх олорон ипотекаҕа киирэрэ олус элбээбит.

Баан надбавкатын үрдэтии ипотека эмискэ үрдүүрүн тохтотуо, арыый намтатыа диэн Киин баан быһаарар. Регулятор дааннайынан, иэс нагрузкатын көрдөрүүтэ (ПДН) икки  сыл иһигэр икки төгүл үрдээн 2023 сыл үһүс кыбаарталыгар 47% үрдээтэ. 20% иһинэн намыһах первоначальнай взностаах дьиэ атыылаһарга кирэдьиит бары ипотеканы кытары ыллахха 50% тэҥнэстэ.

Киин баан ключевой ставкатын быһаардаҕына ипотека ырыынагар туох уларыйыы киириэй

«Первоначальнай взноска ирдэбил ипотека хаачыстыбатыгар, ону тэҥэ заемщик харчы мунньарыгар, төлүүрүгэр табыгастаах буолуо. Дьиҥэр, первоначальнай взноһу замещик уурунууларыттан төлүүрэ ордук», — диэн киин баан иһитиннэрэр. Баан этэринэн, дьиэ кирэдьиитэ арыый намтаатаҕына, надбавка эмиэ чэпчиир чиничилээх.

 Табаҕы оҥоруу уонна атыы лицензияланар

Кулун тутар 1 күнүттэн табаҕы уонна никотиннаах бородууксуйаны оҥоруу уонна атыы сокуона кытаатар. Ол курдук, маннык бородууксуйаны лицензиялаах эрэ атыылыыллара көҥүллэнэр.

Маннык курдук сокуон арыгыга киирбитэ ыраатта, ол иһин арыгы атыыта оннун булбута. Оннук сүүрээни табахха киллэрэн, көҥүлэ суох атыыны тохтотуохтаахтар. Билиҥҥи туругунан, 10-15 % табах бородууксуйата көҥүлэ суох атыылана турар, 100 млрд солк. тэҥнэһэр. Бу туһунан Үп-харчы миниистирин солбуйааччыта — статс-сэкирэтээр Алексей Сазанов иһитиннэрдэ. Сокуон киириитин «Росалкогольтабакконтроль» хонтуруоллуур буолуоҕа.

Вино этикетката уларыйыа

Вино бытыылкатыгар виноград сордун, хантан ылыллыбытын сурулларын таһынан, ким оҥорбута булгуччулаахтык ыйыллыахтааҕын туһунан иһитиннэрдилэр. Бу иһитиннэрии бытыылка кэннинээҕи этикеткатыгар эбэтэр контрэтикеткатыгар суруйар буолуохтара.

Урукку этикеткалаах бородууксуйа атыыланан бүтүөҕэр диэри, эбэтэр болдьоҕо ааһыар диэри атыыланыа.

Дьиэ кыылларын маркировката саҕаланыа

Кулун тутар 1 күнүттэн дьиэ кыылларын маркировкалааһын булгуччулаахтык киирэр. Хас биирдии кыылга эбэтэр бөлөҕүнэн буукубалаах, сыыппаралаах идентификационнай нүөмэри аныахтара уонна биир кэлим дааннайдар баазаларыгар киллэриэхтэрэ. Идентификацияны ынахтарга, сибиинньэлэргэ, дьиэтээҕи көтөрдөргө, козаларга, бараннарга, табаларга, тигээйилэргэ о.д.а туруоруохтара. Онтон дьиэ кыылларыгар, ол иһигэр ыттарга, куоскаларга маркировка турбат.

Маркировка туохха нааданый? Заразалаах ыарыылары буларга уонна ханна тарҕаммыт сирин быһаарарга наадалаах. Россельхознадзор кыыллары босхо учуоттуоҕа, ол эрээри маркировканы хаһаайын бэйэтин суотугар оҥотторор.

ОСАГО дуогабарын биир күҥҥэ оҥотторуохха сөп

Кулун тутар 2 күнүгэр саҥа сокуон киирээри турар. Ол курдук, «автогражданканы» биир күнтэн үс ыйга диэри уонна үс ыйтан сылга диэри дуогабар түһэрсиэххэ сөп буолар. Билигин ОСАГО кылгас болдьохтоох дуогабардары суруйсарга информация систиэмэтин үлэтин күүһүрдэ сылдьар.

Бастатан туран, кылгас болдьохтоох дуогабардар биирдэ эмит айанныыр таксистар уонна суоппардар үлэлэригэр табыгастаах буолуо.

«Российскай хаһыат» матырыйаалларыттан туһанылынна

Читайте дальше